Айаал Бурцев: «Өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйар историческай түгэн буолар»
Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу Саха сиригэр экэнэмиичэскэй сайдыыга саҥа саҕахтары арыйар историческай түгэн буолар диэн Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев санаатын үллэстэр.
-Уһулуччулаах инфраструктурнай бырайыагынан буолар Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн кэрдииһэ саҕаламмытын истэн олус үөрдүм. Бу Илин эҥээр улуустага уонна өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйар историческай түгэн буолар.
Өлүөнэ өрүс кытылыгар бастакы сыбаайаны түһэрии — улахан инженернэй тутуулары оҥорууга бастакы хардыы эрэ буолбатах, бу барыбытыгар эрэл уонна саҥа кыахтар ураты бэлиэлэрэ буолар.
Бу муоста тутуллуута биһиги эрэгийиэммит үгүс олохтоохторугар ыра санаа буолар. Өр сыллар усталарыгар күүппүт түгэммит билигин чахчы олоххо киирэр буолла. Бастыҥ институттар көмөлөрүнэн оҥоһуллубут бырайыак Ил Дархаммыт Айсен Николаев көҕүлээһининэн, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөһүнүнэн олоххо киирэн тырааныспар сибээһинэн хааччыйыа, олох хаачыстыбатын тупсарыа, таһаҕаһы, табаары тиэйиини судургутутуо. Ону тэҥэ экэнэмиичэскэй сайдыыга, эргиэҥҥэ суолу-ииһи арыйыа диэн бигэ эрэллээхпин. Биһиги өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайдыытыгар уонна дьон олоҕун тупсарыыга туһуламмыт бу курдук улахан бырайыактар олоххо киирэллэринэн киэн туттабын.
Таатта улууһун олохтоохторун ааттарыттан Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, дойдубут Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа махталбын тиэрдэбин! Иннибитигэр үчүгэй уларыйыылар эрэ күүтэллэр, итиэннэ биһиги оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр толору кыахтары үөскэтиэхпит диэн эрэнэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: