Салгыы
Айаалла: «Эрэлбит эйиэхэ, эр хоһуун»

Айаалла: «Эрэлбит эйиэхэ, эр хоһуун»

Ааптар:
19.10.2022, 15:42
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 16-с кыттааччыта  Ньурба Хорулатыттан Алла Сельтюкова-Айаалла.

ЭРЭЛБИТ  ЭЙИЭХЭ,ЭР ХОҺУУН!

Айыыттан көҥүллээх

Арылхай көрүүлээх,

Көхсүттэн тэһииннээх

Күн сирин оҕото!

Кэп туона эппэккэ

Кэс тылы кэспэккэ,

Аал уоту аһатан,

Эйгэни арыйан,

Салгынныы тэнийэн

Сэниэлэн,  холкутаа.

Сиргэ баар кэрэни

Сүрэххэр иҥэрэн,

Үөскээбит өтөххөр

Түөрэҕи түһэрсэ,

Үтүөкэн дойдугар

Төлкөнү түстэһэ,

Тулуурдаах, дьулуурдаах

Туруктаах омугуҥ,

Бар дьонуҥ туһугар

Барҕара туруулас.

Самныбат саргылаах,

Сахабыт Уолана!

Ыгыллан барбакка,

Ыгылыйан ылбакка,

Чинэрийэри билбэт

Чиҥ санаа тирэхтэн диэн,

Быстары санаабат

Бохтору билиммэт,

Хотойдуу кынатыҥ

Хорсуннук көттүн диэн,

Алгыстаах санаабыт

Арчылыы туруохтун!

Эрэлбит эйиэхэ

Эр хоһуун киһиэхэ,

Ийэ сир туһугар

Эрдээхтик охсуһан,

Эн дойдуҥ иннигэр

Ил-эйэ уһансыаҥ!

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: