Айан аартыга аһылынна

Айан аартыга аһылынна

04.12.2022, 16:41
Бөлөххө киир:

Муус тоҥуутун, эбэлэрбит турааттарын  кытта  кыһыҥҥы айан суола тыргыллар кыахтаммытыттан бары да үөрдүбүт, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Ону сэргэ соторутааҕыта “АЙАР” кинигэ кыһата олус  үчүгэй бэлэҕи ааҕар оҕолорго уонна оҕоҕо сыллата бэлэх биэрэр “ыарыылаах” Тымныы оҕонньотторго анаан атыыга таһаарбыт.


Ол − “Путешествуем по Якутии” диэн наһаа туһалаах, остуол тула мустан, биитэр муостаҕа тэлгэтэн да олорон эрэ дьарыгырарга олус умсугутуулаах оонньуу! Онуоха үчүгэйкээн хаатын иһигэр хаарталаах уонна кубиктаах-фишкалардаах. Онон бырахсан оонньуурга, “айан суолун тутуһарга” туох да ааттаах!

Итинэн эрэ бүппэт. Бу оонньууга төлөпүөнүнэн даҕайан өрөспүүбүлүкэ каартатын тутан олорон, ханнык баҕарар улуус туһунан саҥа сибидиэнньэлэри ылыахха, үөрэтиэххэ, сэҥээриэххэ сөп. Дьэрэкээн ойуута, муусука доҕуһуола интеллектуальнай өттүн ордук киэргэтэр.

Маны сэҥээрэн оонньообут кэнниттэн билиигин тургутарга бэртээхэй төрүөт баар. Ханна баҕарар: оскуолаҕа, кылааска, түөлбэҕэ, бибилэтиэкэҕэ, ыалдьыттыы да анаан ыалга тиийэн, күрэхтэһиэххэ диэтэххэ, туох да ааттаах! Оттон биир бэйэм саастаах да дьоҥҥо туһата баһаам диэм этэ: Сахабыт сирин иэнин, улуус атын улуустан уратытын өссө биирдэ санаан-анааран ааһарга олус тоҕоостоох түгэн. Оонньуу-сэргэхсийэ таарыйа толкуйу имитэр, санааҕар “ырааҕынан эргийэр”, хотунан-соҕуруунан иһиирдэр, туох дьарыктаах дьон онно олохтоохторун ааҕа билэттиир, сөҕөр-махтайар ураты турук.

Доҕоттор, оҕолоргутугар Саҥа дьылы көрсө үтүөкэн бэйэлээх бэлэхтэ оҥоруҥ, Сахабыт сирин устун киэн тутта айаннатыҥ!

Анисим НЕУСТРОЕВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: