Айан билиэтигэр  сыыһа  бэчээттэммити буллахха тугу гыныахха?

Share

Көтөр аалынан эбэтэр пуойаһынан айанныыр билиэккэ сыыһаны  буллахха тугу гыныахха? Олус аймаммаккытыгар сүбэлииллэр. Сүрүнэ, көннөрүллэр дьыала эбит.

Пуойас билиэтигэр сыыһаны таһаарбыттар

Арассыыйа иһигэр айанныырга билиэккэ муҥутаан икки алҕас баар буоллаҕына, билиэт син биир кырдьыктааҕынан ааҕыллар. Ханнык алҕастары бырастыы гыналларый?

-Ыкса турар буукубалар эбэтэр сыыппаралар миэстэлэрэ уларыйбыт;

-ордук буукуба эбэтэр сыыппара;

— буукуба эбэтэр сыыппара көтүтүллүбүтэ.

-ону таһынан араспаанньаҕар, ааккар уонна аҕаҥ аатыгар эбэтэр пааспар нүөмэригэр уонна сериятыгар бииртэн элбэҕэ суох алҕас.

Оттон кыраныысса таһыгар айанныыр буоллахха, сыыһа бэчээттэммит билиэти хос оҥотторуллар.

Сыыһаны хайдах көннөттөрүөххэ?

Билиэти каассаттан атыылаһан баран  тута бэрэбиэркэлээ. Кассир алҕаһаабытын буллаххына, билиэти босхо хос оҥорон биэриэхтэрэ. Арай хойутаан көрдөххүнэ – Арассыыйа тимир суолларын сулууспатыгар эрийиэххэ сөп.

Билиэти онлайн-атыылаһарга иккиттэн ордук  алҕаһы оҥорбут буоллаххына,  балаһыанньаттан тахсарга билиэти туттарыаххын уонна саҥаны ылыаххын наада.

Көтөр билиэккэ сыыһа баар буоллаҕына:

Барыта көтөр хампаанньаҕыттан тутулуктаах – хас биирдии хампаанньа бэйэтэ быраабылалаах.

Алҕаһы хайдах көннөрүөххэ? Төттөрү биэрэн баран саҥаны ылар судургу. Ол гынан баран, бу көрүҥ төннөрүллэр билиэти эрэ ылбыт буоллаххына сөп түбэһэр.

Ону таһынан быстах хааччахтааһыннар бааллар: холобур, сөмөлүөт көтүөн биир чаас иннинэ да төттөрү туттардаххына, эйиэхэ билиэтиҥ толору сууматын биэрбэттэр. Ону таһынан нолуок уонна хомуур сууматын тутан ылыахтарын эмиэ сөп.

Туох сыыһанан  ааҕыллыбатый?

Холобур, көтөр киһи билиэтин ылан баран пааспарын эбэтэр араспаанньатын уларытара. Онуоха докумуоннарга уларыйыылары дакаастаан урукку дастабырыанньаны эбэтэр ыспыраапканы көрдөрүллэр.

Сэрэниэххэ, сэрэхэдийиэххэ…

Билиэккэ сыыһа бэчээттэммити төһөнөн эрдэ булаҕын да, көннөрөр оччонон судургу.

Онлайн-билиэти атыылаһарга ураты болҕомтолоох буол, толорон баран хаста да бэрэбиэркэлээ.

Аргыстарыҥ билиэттэрин эмиэ бэрэбиэркэлииллэригэр көрдөс.

Алҕаһы көрбөккө хаалыахтара диэн кураанахха эрэнимэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

28 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago