Суол управлениетын хаартыската
Эдьиий Дора сүбэтэ.
Айаҥҥа хаһан да «бачча чааһынан тиийэбит» диир сатаммат. «Төһө түргэнник тиийэбитий» диэн ыйыт да ыйыт буолааччы элбэх.
Ыксаан айан аартыгынан көтүппүтүҥ, кытылга диэри айаннаан кэлбитиҥ, ол онно саҥарбыт саҥаҥ, айаныҥ тыала барыта Эбэ аллараа былыыгар тиийэ охсуллар. Былыык оргуйан мас үрдүнэн, сайыҥҥы өттүгэр буор өрүкүнэйэрин курдук хамсааһын буолар.
Ол аата тугуй? Төһөнөн ыксаатыҥ, соччонон ыһыллаҕын, тыл-тылга киирсэн өйдөспөт буолаҕын, онтуҥ күн аайы, сыл аайы эбиллэн, үлэҕэ-олоххо да буоллун … уопсай айгырааһын, ыһыллыы буолар. Биирдэ истибитиҥ арахсыы-адаарыһыы буолла, ити өйдөспөттөн тахсар. Олох холумтана дьалкыйда, аһыыр-сиир буоллулар, ар-бур саҥа-иҥэ, куһаҕан дьаллыкка ылларыы да буолуон сөп. Сэрэхтээх. Онон дэҥнээх-оһоллоох. Ол иһин хаһан да ыксаныллыбат.
Саха ыалын халандаарыттан.
«Айар» кинигэ кыһата, 2024 сыл.
Олунньу 14-15 күннэригэр Дьокуускай куорат “Модун” спорт уораҕайыгар Гаврил Десяткин - Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр мас…
Байыаннай дьайыыга сырдык олоҕун толук уурбут, Күндэйэ хорсун буойуна Андриан Николаевка аналлаах быыстапкаҕа дьон-сэргэ тоҕуоруһа…
Дьокуускай куорат дьаһалтатын планеркатыгар иһитиннэрбитинэн, олунньу 16 күнүнээҕи туругунан, ОРВИнан уонна гириибинэн сибээстээн Физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэй…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу икки түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
Саха сиригэр араас эрэгийиэннэртэн, ону ааһан тас дойдулартан туристар бөлөҕүнэн, биирдиилээн кэлэ тураллар. Швейцарияттан кэлбит…
Бу нэдиэлэ Күрүлгэн бэлиэтиттэн Балыктар бэлиэтигэр көһөр. Ол аата харчыга сыһыаннаах боппуруостарга бастаан "саҥа сүүрээннэр",…