“Тыатааҕыны айан суолугар аһаталларын бобуохха”
Бэҕэһээ “Саха сирэ” саайтка тыатааҕы баахта бөһүөлэктэригэр эҥин киирдэҕинэ, хайдах дьаһанар туһунан сүбэ тахсыбыта.
Онно биир ааҕааччыбыт Сергей Дьяконов бэйэтин санаатын маннык үллэстибит:
— Бу эһэлэр күһүн үчүгэйдик уойбаккалар, арҕахха киирэллэр. Саас аччык тахсаллар уонна дэриэбинэлэри кэрийэллэр. Сыбаалкалары, бөх тоҕор сирдэри кэрийэн аһыыллар. Сүөһүнү, сылгыны туталлар. Ол тоҕо?
Ойуурга булт бүтэн, сир аһа, тэллэй да аҕыйах. Ол барыта сир-дойду өртөммөккө, булт-ас сүттэ. Куобах да мэлийдэ. Аны ити эспэдииссийэлэр, геологтар, айан суолугар суоппардар аһата үөрэтэн эрэллэр. Итини бобуо этилэр. Онон экологтар саас тахсар эһэлэри ити бүүчээннэри аһатаргыт курдук, ас мунньан, ыраах киһи сылдьыбат сиригэр аһата сылдьыҥ. Оччоҕо киһи олорор сиригэр кэлиэ суох этилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: