Айан суолугар хаайтарааччылар Быыһыыр сулууспа бөртөлүөтүн эрэнэ кэтэһэллэр

Share

Уһун ардахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өймөкөөн» айан суолун хас да сиринэн сууйан, бу күннэргэ Томтор, Өймөкөөн, Үчүгэй, Сордоҥноох туһаайыытынан айаннаан иһэр дьон аара суолга хаайтардылар.

Айанньыттар сибээс баар сиригэр Күбүмэ учаастагар кэлэн мустан олороллор. Айылҕа иэдээниттэн айан суолугар хаайтарбыт дьон ортотугар Томтор нэһилиэгин баһылыгын  солбуйааччы Айаал Неустроев эмиэ баар. Кини бу курдук кэпсээтэ:

Дьокуускайтан Томторго айаннаан иһэн иккис күммүн хаайтардым. Бастаан утаа отучча этибит. Билигин 50-ча буоллубут. Уонтан тахса массыына хаайтаран турар. Ол иһигэр, 18 дьахтар, 3 сааһыттан 10 саастаахха тиийэ — 13 оҕо. Ыраах айаҥҥа сылдьар дьон бэйэбитин кытта өйүөлээх эрэ буолан тулуйдубут. Ол эрээри ол да бүтэр кэмнээх буоллаҕа. Ол иһин бүгүн Күмүмэҕэ кэлэн барыбыт өйүөтүн мунньан, астанан аһаатыбыт. Айаҥҥа үксүгэр «Доширак» лапсаны илдьэ сылдьар буолан, онтубутун хомуйан, уопсай миин буһаран истибит.  Бу киэһэ улуус салалтата ыыппыт бородууктата кэлиэхтээх. 50 киһиэхэ орочуоттаан сакаастаабыппыт да, дьон кэлэ турар. Массыына эбиллэн иһэр, 200 куруустаах массына эмиэ баар. Улуус баһылыгын э.т. Саргылаана Можукова сарсын Быыһыыр сулууспа МИ 8 бөртөлүөтэ кэлэн дьону Томторго тиэрдиэҕэ диэтэ. Онон эрэх-турах сананабыт. Оттон  массыыналаах суоппардар уу түһэрин кэтэһиэхпит. Суолу оҥорооччулар уу түстэр эрэ суолу түргэнник  чөлүгэр түһэрээччилэр. 

… Саатар Күбүмэҕэ дьону аһатар урбаанньыт үлэһитэ суох буолан, дьиэтэ хатанан турар эбит. Онон кэлбит астарын хаайтарбыт дьон хайдах астаналлара буолла? Айаал Неустроев «кэлбит аһы уопсай хочуолга буһарыныахпыт» диир. Онон Быыһыыр сулууспа бөртөлүөтү ыытан, Күбүмэҕэ хаайтара сытар дьону Томторго тиэрдэ охсоро буоллар, диэн кыһалҕалаахтар уонна кинилэр чугас дьонноро сарсыҥҥы күнү эрэнэ кэтэһэллэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

4 часа ago