Аттаах айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Монголияҕа сэтинньи ый ортото тиийбиттэрэ. Билигин төттөрү кэлэргэ аттарын массыынанан тиэйэн аҕалалларыгар көмө көрдөөтүлэр.
Кинилэр атырдьах ыйын 15 күнүгэр Сунтаар Хаданыттан ыҥыыр атынан айаҥҥа туруммуттара. Үс ый кэриҥэ 3 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтири айаннаан, Монголия кыраныыссатыгар тиийбиттэрэ. Атынан кыраныыссаны туоруурга элбэх докумуон ирдэнэр буолан, аттарын хаалларан баран, бэйэлэрэ массыынанан Улан-Батор куоракка тиийэн, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сылдьыбыттара, сыалларын сиппиттэрэ.
Кинилэр былыр өбүгэлэрэ атынан Тайҕаҕа, Байҕалга тиийэ айанныыр суолларын батар сыаллаахтара. Чуолаан Сунтаартан Трофим Павлов-Тэрэпиин Атыыһыт Монголия кыраныыссатыгар Кяхтаҕа баран, эргинэрэ үһү. Оттон былыр сахалар атынан, табанан сылдьан, Лаамыга (Охуоскай муораҕа), Байҕалга (Байкалга), Хоотуҥкаҕа (Хатангаҕа) тиийэ кыһыннары-сайыннары айанныыллара. Ол да иһин маннык киэҥ сири баһылаан олордохторо.
Аныгы сахалар да бу маннык айаны кыайалларын Романнаах көрдөрдүлэр. Маны тэҥэ, ыра санааны толорорго туох да мэһэй суоҕун дакаастаатылар. Роман маннык ыраах айаны уруккуттан ыра санаа оҥосторо. Ол да иһин, ыра санаа туоларын туһугар, суолга көрсүбүт дьонноро — нууччалар, бүрээттэр аһатан, хоннорон, ат аһылыгын, харчы биэрэн, туох баарынан көмөлөһөн испиттэрэ.
Билигин түөрт аты массыынанан тиэйэн аҕалалларыгар 300 тыһыынча солкуобайтан тахса үп-харчы эрэйиллэр. «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн туран, айанньыттар көмө көрдөөтүлэр. «Конный турпоход Якутия-Монголия» диэн телеграм-ханаалларыгар 1000-тан тахса киһи кинилэр айаннарын күннэтэ кэтээн көрөр.
Бу дьон харчы бырахсан, 100-тэн тахса тыһыынча солкуобай хомулунна. «Биһиги дьоммут айаннарыгар көрсүбүт омук дьоно бары көмөлөспүттэрэ, аны сахалар бэйэбит көмөлөһүөҕүҥ, түмсүүлээхпитин көрдөрүөҕүҥ» диэн кинилэр этэллэр.
Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…
Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бэрт кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…
Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…
Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…
Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…