«Айар алып» абылаҥа
“Айар алып” диэн ааттаах уус-уран тылынан хомоҕой хоһоону холбуур, кэрэхсэнэр кэпсээни кэккэлэтэр, айар куттаах дьон түмсүүтэ Ньурба оройуонун Күндээдэтигэр баар. Түмсүү кэнники сылларга бэрт сэргэхтик үлэтин күөдьүтэн улууспутугар биллэн-көстөн, сэҥээриини ыллыбыт.
Саамай өрөйөр-чөрөйөр күннэрбитинэн, биллэн турар, «Ньурба көмүс күһүнэ» буолар. Ол курдук, быйылгы «Ньурба көмүс күһүнэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы «Саха сирэ — аан дойдуга» култуура бэстибээлигэр сөп түбэһэн, элбэх талааннаах дьону, сэҥээрээччилэри түмэ тарта. Бу манна биир дойдулаахпыт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Дмитрий Николаевич Пономарев-Дьолуолаах саҥа кинигэлэрин сүрэхтээтибит.
Түмсүү үлэтин биир сүрүн хайысхатынан уус-уран айар тыл кэрэтин киэҥ араҥаҕа тиэрдии буолар. Маны олоххо киллэриигэ уһуйаан, оскуола оҕолоруттан саҕалаан, араас литературнай чаастар, ааҕыылар, көрсүһүүлэр ыытыллаллар: биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, кыраайы үөрэтээччи, бөлүһүөк, учуутал Ахмет Андреевич Дмитриев хоһооннорун ааҕыы күрэһэ, «Мин Ойуунускайым» оҕо саадын, олохтоох дьаһалта, кулууп үлэһиттэрин уус-уран дьүһүйүүлэрэ, «Дойдубар тапталбын тиэрдээри» Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах айымньыларынан дьоро чаас, о.д.а.
Түмсүүнү иилээн-саҕалаан төрүттээбит киһинэн Галина Васильевна Гурьева буолар. Кини кэнниттэн билигин олохтоох бибилэтиэкэр Татьяна Аркадьевна Степанова үлэлэтэр.
“Айар алыпка” ылларбыт дьоммут айымньыларын дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарабыт.
Венера Степанова, түмсүү чилиэнэ,
«Ньурба» хаһыат тутулуга суох кэрэспэдьиэнэ.
Елена Антонова — Күн Сиккиэрэ
Күн саха оҕолоро
Yйэлэртэн үйэҕэ
Икки ардылара сөллүбэт
Ил-эйэ эҥэрдэһэр
Yрүҥ-хара өрүһүнэр
Олох-өлүү тууратын
Мүлчү тутар куттала,
Эн, мин, кини —
Икки атах ууһун бииһэ,
Хас киһи илиитигэр
Эргийэрин сэрэйэҕиэн?
Ким да, туох да аймаммат
Сырдык, үрдүк халлааннаах,
Арай манна биһиэхэ
Сандал саас
Абылаҥнаах
Уран чуумпутун, им-ньимин
Хадьырыйан хабырыныах,
Yлтү-хампы ысталыах
Суоһар долгун охсуутун
Долгуппакка уоскутуох
Булгуруйбат төһүүлээх,
Уо, төһөлөөх күүс-күдэх:
Омугунан арахсыбат
Киэҥ куйаар, биир аймах —
Ийэ сирин көмүскүүр,
Итии-тымныы тургутар
Мындыр толкуй күүрээнигэр
Yтүө санаа дуоҕалаах
Күн саха оҕолоро –
Олоҥхолор ньургуннара,
Дурда-хахха буолан,
Туруулаһа тураҕыт.
Тахсар күн умайар
Сардаҥатын утаҕар,
Ааһар тыаллар лоҥкунас
Куугунаһар уостарыгар
Күөх тыалаах, сыһыылаах
Хаардаах дойду ырааһыттан
Араҥаччылыыр, арчылыыр
Алгыспытын ыытабыт.
Акулина Старостина — Сайсары
Ытыыр Сир ийэ
Истэҕиэт, Сир ийэ ытыырын,
Иһиттэн эҥсиллэр ынчыгын,
Айылҕам хомолто ырыатын,
Аар тайҕам айманар сүрэҕин.
Көрөҕүөт, хобдох бу көстүүнү,
Күөҕүнэн чэлгийбит хонуубут
Кырсыттан тиэриллэн сытарын,
Киртийбит салгына хамсыырын.
Суугунас ойуурдаах тыабыт
Солонон кураанах турарын,
Санньыйан, мастарын аһынан,
Соҥуора бүрүүкүүр чуумпутун.
Ып-ыраас уулардаах үрэхпин
Ыар сыттаах бадараан толорбут,
Иһэрэ, аһыыра бобуллан,
Искэхтээх балыга мэлийбит.
Халлааҥҥа харбаспыт хайабыт
Тоҕута тэбииттэн сууллубут,
Хаарыаннаах очуоспут алдьаммыт
Хаһыытаан сүрэҕэ кыламмыт.
Истэҕиэт, Сир ийэ ынчыгын,
Иһиттэн эҥсиллэн ытыырын,
Хоргуппут санаатын этэрин,
Көрөҕүөт, ол курус хараҕын.
Икки атах, хаһан өйдүүгүн —
Ийэ сириҥ туһун харыстаан,
Алдьатар сиэмэхтэр тыыннарын,
Адьарай кыылларын үүрэҕин?
Венера Степанова
Санаалар…
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Уһуга биллибэт киэлитин устун
Тохтообокко орох тэбэр
Сырдаан көстөр ый олоҕун
Туспа тутулунан
Сирдээҕи олох тэтимэ
Сирдэтиллэр этэ дииллэр…
Умнулла быһыытытыйбыт
Ити сиэр
Олохсуйбут ыһыыта утумнаан,
ϴбүгэттэн кэлбит
Төрүт өйдөбүлгэ,
Иэйэр кукка,
Саныыр санааҕа.
Ол иһин буоллаҕа, сэгэйэ үөрэбин,
Куобах сырсар ыйдаҥалаах түүнүгэр,
Иитиэхтээбит санааларбын сайҕыы,
Туолбут ыйы одуулуубун олоотуу.
Уонна, чэпчэкитиик-чэпчэкитик
Баҕарабын оргуһуохтаах кыыстыын
Куйаар устун дьаарбайыахпын —
Күннээҕи түбүгү умнан,
Атын олоҕунан олоро түһүөхпүн…
***
Айылҕа уһуктуутун тэҥэ,
Баҕарабын саас аайы
Сүрэхпэр саҥаттан саҕыан
Сырдык сылаас иэйии.
Умсугуйа сэмээр күүтэбин
Кэрэ түгэн кэккэлиир
Сардаҥалаах чаҕыл күн
Сылаанньытар дьол кустугун.
Уларыйыа этэ дуо,
Ону кытта олоҕум,
Сиэтиэм дуо, оччоҕо, оҕуурдаан
Ситтэрбэт ыра санаабын?!
Умнабын саас ылар кэрдиискэ
Номнуо тиийэн кэлбиппин,
Сатаммат эбитин эдэрдии
Сэгэйэ дьиэрэҥкэй тэбэрим.
Альбина Аммосова — Альбина Күндээдинская
Муҥха
Муҥхабыт тахсыыта олус да күүтүүлээх,
Төһө балык кэлиэ таабырын дьиктилээх,
Чардаакка хотоҕос абылыыр көстүүлээх,
Элэҥнээн кэлэрэ эриэккэс эйгэлээх.
Соһуччу үөрүүнү бэлэхтиир туһуттан
Самахчыт быаларын тардара тутумнаан,
Сүүһүнэн харахтар эрэнэ кэтэһэн
Кэҥээбит курдуктар, долгуйа одуулаан.
Муҥхабыт ийэтэ собонон лаһыйан,
Таҕыстар таҕыста бар дьону эгдэтэн,
Муҥхаһыт оҕонньор көхөнөн баттыалаан,
Эбэтин бэлэҕин билбитэ билгэлээн.
Мас күрдьэх муус хаарын кылбаччы ыраастаан,
Майдааны кэҥэттэ түргэнник элэҥнээн,
Саҕаланна эбээт, дьэ собо баһыыта,
Кыл сүүрү толороот, эр бэрдэ эһиитэ.
Майдааны тулалыы дьон бары турунар,
Yөрүүлээх түгэммит — түҥэтик дьэ, буолар,
Хас киһи баарынан ботуччу тиксиһэн,
Дьон үөрэн күйгүөрэр, хараҕа мичийэн.
Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах
Дьикти түүн
Истибитиҥ дуо, Эн, ыйдаах түүн
Ийэ сир иһийэр кэмигэр,
Ыйдаҥа тунаара сырдатар
Ыллыга ыҥырар түүнүгэр,
Айылҕа абылаҥ былаатын
Арыйан угуйар күөнүгэр
Алааһым иһигэр Аар хатыҥ
Биһигин ырыатын ыллыырын?
Ол ырыа дьиктилээх дорҕооно
Оргууйдук унаара тарҕанан
Сибэкки утуктуур кырдалын
Нарыннык күөгэтэ кууһара.
Тымырым устунан дьырылыы
Уоскулаҥ утаҕа сүүрбүтэ,
Угуйар туналга куустара
Талбаара көтүтэр курдуга.
Турбутум сибэкки быыһыгар,
Биһиктиир дьүрүлгэн үөһүгэр,
Айылҕа сорҕото буоламмын,
Ыйдаҥа уоскутар сырдыгар.
Кырдьыыны күүтэбин
Yчүгэйиэн, сааһырыы аанын аспытым,
Yөрүүлээх бу күҥҥэ мин тиийэн кэлбитим,
Yгүс да хомолто, үлүскэн өрөгөй
Сүгүллэн ааспыттар, сүрэхпэр сөҥмүттэр.
Дьылҕаҕын билбэккин, төһөнү аныырын:
Дьыбардаах күннэри, дьоллоох түгэннэри.
Билбэккин ханнык суол тоҕойун кэннигэр
Оҥоһууҥ, Ыйааҕыҥ кэтэһэн турарын.
Хаалбыттар букатын ол тоҕой кэннигэр
Хаарыаннаах да дьоннор: аймахтар, доҕоттор…
Чуҥкуйбут күннэрбэр, суохтаабыт кэмнэрбэр
Чуумпуран олорон ааспыты ахтабын.
Ардыгар буруйдаах курдук мин туттабын:
Ол дьоммун хаалларан соҕотох турарбар.
Оччоҕо ытыыбын, айманан ылабын,
Хараҕым уутунан аһыыбын көмөбүн.
Билигин мин сэмээр «кырдьыыны» күүтэбин,
Хайаан да ол аакка тиийиэхпин саныыбын,
«Хаар маҥан олохпор» хос сиэммин көрүөхпүн,
Ол кэннэ, дьэ, Добун тойукпун туойуохпун.
Галина Гурьева
Мин кутум
Иэйэр ийэ кутум
Ийэ буор сирбэр
Иитиллэн тахсан
Иҥэриллэ иҥмит.
Саймаарар салгын кутум
Сыһыыга сытыаран,
Сырдыгынан сыдьаайан,
Сылааһынан саҕыллыбыт.
Буккуллубут буор кутум
Быстыбат салҕааһын буолан
Бигэнэр биһикпин
Бөҕө да тирэхтээбит.
Ыччаппар алгыс
Олоҕу олоруу
Оонньуу буолбатах,
ϴркөн өйгүнэн ону
ϴйдөө, эдэр киһи.
Ыралаа саҥаны,
Ырааһы, үчүгэйи,
Кэрэ эйгэни
Киэҥник анаара көр.
Инники олоҕуҥ
Кэскилин түстүү,
Yтүө дьулуурунан
Yлэ дьолун бил.
Айымньылаах үлэ
Аартыгын арыйа,
Уһун дьоллоох олох
Уйгутун уһан!
Ньурба, Күндээдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: