Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

06.01.2025, 10:30
Хаартыска: Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр быыстала суох буола тураллар.

Тохсунньу 3 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуурунай кииҥҥэ «Үүт-Үкчү» бырайыак төрдүс төгүлүн ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ Сунтаартан, Амматтан тиийэ кэлбит буолан, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнанна. Бырайыак ааптардара – Александр Максимов уонна Петр Кулаковскай. Ирдэбил быһыытынан кыттааччылар саха, нуучча уонна омук эстрадатын биллэр ырыаһыттарын үүт-үкчү үтүктэн хамсанан ыллыахтаахтар. Бирииһэ – 100 тыһыынча солкуобай.

— Бырайыагы төрүттээччилэр сыл аайы ыытар тэрээһиммитигэр айар куттаах кыттааччыларбытын өйүүр дьоҥҥо махталбыт муҥура суох.  Ол курдук, бу иннинээҕи сылларга «Туймаада-недвижимость», «Домино», «Городские истории» хамсаабат баай-дуол уонна «Фаворит-строй» хампаанньалара өйөөбүттэрэ. Быйыл «Любомир-мебель» тэрилтэ 100 000 солкуобайы уу харчынан бириис туруоран үөртэ. Тэрээһиммитигэр ый инниттэн бэлэмнэнии барар, быйыл иккис сылын Майаттан «Кыталык» норуот ансаамбылын кытта үлэлэлэстибит. Онон бу талааннаах кэлэктиипкэ махталбыт муҥура суох. Кыттааччыларбытын “бу киһи хайаан да норуот сыанабылын ылыаҕа» диэн соруктаах социальнай ситимнэринэн көрдүүбүт. Онтон “Баҕалаах киһи баҕанаҕа ыттар,  эйиигин таба көрдүбүт, куонкуруска кыттыаххын сөп дуу?” диэн ыйытабыт.  Онон  дьоҥҥо маннык “күлүүс” булан, тута сөбүлэһэллэр. Кыттааччыларбытын кинилэр талбыт ырыаһыттарыгар майгыннатар уустуга чахчы. Онон талааннаах гримердарбытыгар таба тайанан абыранныбыт. Алла Борисова уонна София Саввинова курдук бэйэлэрин дьыалаларыгар бастыҥ дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэн санаатын үллэстэр бырайыак ааптардарыттан уонна кэнсиэри ыытааччылартан биирдэстэрэ Александр Максимов. Кинини кытта иккис ыытааччынан Лиза Газизова үлэлээтэ.

Быйыл оҕолорун көрөн олорор блогер-ийэлэр хото кытыннылар. Кинилэри барыларын кэриэтэ “Үүт-үкчү” бырайыак ааптардара социальнай ситимнэргэ блогердыылларын көрөн булбуттар. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыската, “Саха” НКИХ  “Харчы”, Хатаныы, “Хаһан сайын буоларый?”  аатырбыт сэрийээллэрин сүрүн дьоруойдарыгар оонньообут Екатерина Хоютанова иккис оҕотугар олорор эбит.

Хаартыска: Елена Потоцкая.

Кэргэнин, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Дмитрийы индийскэй үҥкүүгэ үөрэтэн, иккиэн индийскэйдии ыллыыр ырыаларын таҥа  охсон, Екатерина Хоютанова улахан уолун кыбынаат,  биэс ыйдаах оҕололорун эбээлэригэр туттараат, куонкуруска кыттыбыттара эрэ баар буолар.

Тэрийээччилэр куонкуруска кыттааччылар куоластааһыннарын олус бэркэ тэрийбиттэр. Дьүүллүүр сүбэнэн көрөөччү бэйэтэ буолла. Ол курдук, көрөөччүлэргэ билиэти кытта бэриллибит купоҥҥа биһирээбит кыттааччытын аатын суруйан баран, чуо кини дьаһыгар тиийэн угар. Ким элбэх куолаһы ылбыт, ол кыайар. Көрөөччү куоластааһыҥҥа бэрт көхтөөхтүк кытынна.

Кыттааччылартан барыларыттан элбэх куолаһы ылан, биэс оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэн кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Эдэр ыал куонкурустарга үгүстүк кытталлар, онон өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр  дьон. Бастаан утаа Айталина кэргэнинээн Дмитрийдыын иккиэн эрэ үҥкүүлүөхтээхтэр эбит. Аттыларыгар үҥкүүлэһэр ыччаттары (подтанцовка) кэпсэппиттэр да,  ол дьон Саҥа дьылга атын сиргэ үҥкүүлүү барар буолан, төрөппүттэр бэрт ыксалынан бэйэлэрин обургу уолаттарын үҥкүүгэ үөрэпиттэр. Ол курдук, 14, 12, 9 саастаах уолаттар уонна кинилэр үс саастаах балтылара ийэлээх аҕаларын кытта ырыаһыт «Күннэй уонна уонна кини  доҕоро Чээкэ» киинэттэн быһа тардан, биир түһүмэҕи үҥкүүлээн көрдөрбүттэрин, үгүс дьон талааннаах дьиэ кэргэни болҕомтоҕо ылан, куоластарын кинилэргэ биэрбиттэр. Эдэр ийэ уһуйаан иитээччитэ идэлээх эбит. 2002-2007 сылларга Уус Алдан улууһун аатырбыт “Кэнчээри” ансаамбылыгар үҥкүүлээбит, ыллаабыт.  Балетнай оскуолаҕа үлэлээбит уопуттаах. Ыал аҕата Дмитрий Петров Ньиэп уонна гаас институтугар инженер-чинчийээччи идэтигэр уһуйар эбит.

— Бу маннык күрэстэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ  олус наадалаах тэрээһиннэр. Бары бииргэ бэлэмнэнэр буолан, бэйэ-бэйэни өйдөһүү наһаа баар. Оҕолорбутугар махталбыт сүҥкэн. 100 тыһыынча солкуобай бирииспитин ханна туттарбытын бакаа быһаарына иликпит, булан батарыахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Айталина Петрова.

Киһи болҕомтотун тардар “Үүт-Үкчү” пародия, көр-күлүү ураты куонкуруһугар Дьааҥы игирэлэрэ, саха эстрадатыгар бэйэлэрин ааттарын дорҕоонноохтук ааттатан эрэр Валерия уонна Виктория Ноговицыналар, Прасковья Бояркина, Алексей Потапов, Милена Борисова уо.д.а.  Надежда Кадышева, Стас Михайлов, Лолита Милявская курдук Арассыыйа эстрадатын ааттаах-суоллаах улахан ырыаһыттарын тэҥэ омук  уонна саха эстрадатын сулустарын үүт-үкчү үтүктэн, көрөөччү биһирэбили ыллылар.

Ити  курдук, Саҥа дьыл бырааһынньыктарын саҕана ыытыллар айар куонкурус киин куорат олохтоохторугар номнуо сөбүлэттэ. Аны эһиил “Үүт-Үкчү” бырайыак үбүлүөйдээх 5 сылын бэлиэтиэҕэ.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: