Кини талаана аҕыс кырыылаах алмаас, дьэрэкээн өҥнөөх кустук тэҥэ чаҕыллар
Талааннаах киһи – барытыгар талааннаах дииллэр. Сергей Васильев-Борогонскай «Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах, кылыстыы кылбаҥныы оонньуохтаах, кустук өҥүн дьэрэкээнин ылыахтаах, үйэлэри үрдүнэн хардыылаан иһиэхтээх, Киһи өҥнөөх буолуохтаах!» диэн тыллара мин бүгүҥҥү дьоруойбар анаммыт курдуктар… Кини аата – Туйаара Данилова.
Мин кинини олоҥхоҕа ойууланар саха айыы дьахтарын идеалын, «Тоҕус былас суһуохтаах Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куоҕа» дьүөрэлиибин. Эбэтэр Геннадий Бечеряков «Туйаарыма Куо» ырыатыгар ылланар «симэхтэрин симэнэн, киэргэллэрин киэргэнэн, туус маҥан атын наскытан хаамтарар» Туйаарымаҕа холуубун. Кини саха дьахтарын бары үтүө уобараһыттан хомуллубут курдук, ураты хаачыстыбалаах, эргиччи талааннаах. Кини талаана элбэх кырыылаах алмаас тэҥэ: уруһуйдуур, оҕуруонан тиһэр, быысыпкалыыр, куукулалары оҥорор, мусукаалынай үстүрүмүөннэргэ оонньуур, ырыаҕа матыып суруйар, таҥаһы моделлыыр, тигэр…
– Үөрэх – бараммат баай диэн этии эйиэхэ сыһыаннаах дии саныыбын.
– Идэбинэн лабараан-бырааспын, Оҕо инфекционнай килиниичэскэй балыыһатын лабораториятыгар сэбиэдиссэйдиибин. Оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй училище акушерскай салаатыгар үөрэммитим, уонча сыл идэбинэн үлэлээбитим. Ол кэнниттэн, СГУ биолого-географическай факультетыгар киирэн «биолог-биохимик» идэтин ылбытым. 2002 сылтан лабараан-бырааһынан, Горнайдааҕы киин балыыһа клинико-диагностическай лабораториятыгар сэбиэдиссэйдээбитим. Кэлин ХИФУ Мэдиссиинэ институтун бүтэрэн «общественное здравоохранение» исписээлинэһин ылбытым.
– Уруһуйдуур, таҥаһы айар, тигэр талаан удьуор утумунан кэлбит курдук эбит дии?
– Төрдүлэрбэр аатырбыт уустар, худуоһунньуктар, модельердар бааллар. Өссө саха таҥаһа «муода» буола илигинэ, бэйэм баҕарарбынан ойуулаан, быһан, сахалыы таҥас тиктэн кэтэрим. Онтон кэлин сахалыы элэмиэннэрдээх үлэҕэ кэтиллэр таҥастары айар буолбутум. Өссө 90-с сылларга, олохпут «сиэрэй» эрдэҕинэ, үлэбэр бары биир маҥан халааты кэтэрбит астыга суох эбит диэммин, сахалыы элэмиэннэри киллэрэн биэриэххэ баар эбит диэн толкуй киирбитэ. Онтон ыла, хас да сыл бүччүм санаа оҥостубут бырайыакпын олоххо киллэрэн, эскиистээн аныгы мэдиссиинэ таҥаһа айбытым. Аан бастаан Килиниичэскэй балыыһа Саҥа дьыллааҕы тэрээһинигэр сахалыы мэдиссиинэ таҥаһын биир идэлээхтэрим көрүүтүгэр таһаарбытым. Өссө даҕаны атын тэрээһиннэргэ кыттыахтаахпытын, дьаҥ ыарыыта туран тохтообута.
– Тоҕо, чуо сахалыы таҥаһы тигэр санаа киирдэ?
– Сахалыы таҥастары өссө оҕо эрдэхпиттэн кэтэбин. Оччолорго улаханнык ким даҕаны саха таҥаһыгар наадыйбат кэмигэр, ийэм Любовь Николаевна Слепцова ыһыахха кэтэрбэр анаан, бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Августина Николаевнаҕа сакаастаан тиктэрэр этэ. Онтон Августина Филиппова Амматтан Бэрдьигэстээххэ көһөн кэлбитигэр, улаатан иһэн, олох даҕаны тигиллибит таҥастарга оҕуруону тиһээччи, онтон «Дьэргэлгэн», «Саhарҕа», «Ыһыах» куонкурустарыгар модель буолбутум. Августина Николаевна илиитинэн айан-тигэн таһаарбыт моделларын, оҕуруонан тиһэрин сэргии көрөрүм, оҕо санаабар, кини кэрэни оҥорон таһаарар аптаах фея курдуга. Онтон миигин иискэ сыһыаран, оҕуруонан тиһэргэ үөрэппитигэр олус астыммытым. Августина Николаевнаны идеал оҥостоммун, мэлдьи кэрэни айыахпын, сырдыгы бэлэхтиэхпин баҕарабын. Кини национальнай таҥаһы «үрдүк муода» таһымыгар таһаарбыт, саха норуотугар тарҕаппыт киһинэн буоларын бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Быраас буолан баран, оҕобор, дьүөгэлэрбэр бэйэм эскииспинэн таҥас тигэрим. Ол эрээри, үөрүйэҕим суох диэммин, 2018 сыллаахха П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирбитим, кэтэхтэн «живопись» салаатын бүтэрбитим. Таҥаһы моделлааһыҥҥа худуоһунньук-модельер, искусствоведение билимин хандьыдаатыгар Зинаида Михайловна Заболоцкаяҕа, оттон живописка өрөспүүбүлүкэ норуодунай худуоһунньугар, ускуустуба үтүөлээх диэйэтэлигэр, култуура туйгунугар
Н.Н. Иннокентьевка уонна СӨ уонна РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, норуодунай худуоһунньук Л.Д. Слепцоваҕа үөрэммитим. Үөрэппит преподавателлэрбин барыларын олус истиҥник саныыбын. Дипломнай үлэм «Дыхание родной земли» диэн ааттаах.
– Өссө биир талааныҥ – ырыа матыыбын айааччы…
– Оҕо сылдьан мусукаалынай оскуолаҕа фортепиано кылааһын бүтэрбитим. Атын эйгэҕэ да үлэлээтэрбин, ырыа-тойук аргыстаах сылдьарбын сөбүлүүбүн. Оскуола саҕаттан үчүгэй тыллаах хоһооҥҥо ырыа матыыбын айабын. Оннук 5-6 ырыалаахпын. Хаһан эрэ ырыаларбын дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарар баҕа санаалаахпын.
Кэлин фольклору сэҥээрэн, былыргы сахалыы ырыалары ыллыырга, тойукка, оһуокайга, хомуска үөрэнним. Дьокуускайдааҕы мусукаалынай кэллиэс фольклор салаатын уһуйааччыта Варвара Степанова-Арчыына бөлөҕөр дьарыктаммытым.
– Балыыһа иһинэн ансаамбыл тэрийэн ыллыыргытын көрбүттээхпин…
– Айар дьоҕурдаах бииргэ үлэлиир дьоммун көҕүлээн, вокальнай-инструментальнай бөлөҕү тэрийбиппит. Салайааччынан аатырбыт «Айтал» бөлөххө оонньообут Сергей Павлов буолбута. Кыра да кэмҥэ буоллар, килиниичэскэй балыыһа тэрээһиннэригэр оонньоон, дьон биһирэбилин ылбыппыт. Дьиҥэ, өссө сайыннаран салгыы ыллыахпытын-туойуохпутун дьаҥ мэһэйдээн, тохтообуппут.
– Куукула оҥорор хоббиҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Иллэҥ кэммэр, иэйиим киирдэҕинэ, интерьернэй таҥас куукулалары тигэбин. Аан бастакы куукулабын Хабаровскайга үөрэнэ сылдьан тикпитим. Эрдэ бэлэм нобуору интэриниэтинэн сакаастаан ылан тигэрим, онтон үөрэнэн, бэйэм айар буолбутум. Куукула айыллыыта, настарыанньабыттан, хайдах табылларыттан, иллэҥ бириэмэбиттэн тутулуктаах. Дьиҥэ элбэҕи оҥорбутум, сороҕун дьоҥҥо бэлэхтиибин. Бэйэбэр уонтан тахса куукула өйдөбүнньүк буолан турар. Биир куукуланы ардыгар үс күн, сороҕор ыйы ыйдаан оҥоробун.
Аны баатанан оонньуурдары оҥорор буоллум. Эдьиийим Людмила Николаевна Кононова баатанан оонньуур оҥорор этэ. Кини талааннаах маастар, үрдүк категориялаах педагог, «Кэрэ Куо» муода тыйаатырын төрүттээчитэ этэ. Кини дьыалата билигин даҕаны салҕанар. Онон эдьиийдэрбиттэн айар дьоҕурум сайдарыгар, кэҥииригэр элбэх үтүө сүбэни, алгыһы ылбытым. «Учуонай хаас» сувенирбын көрбүт эрэ бары биһириир. Бу олус сылаалаах, ол эрэн умсугутуулаах үлэ эбит. Онтон туох эмэ умсугутар буоллаҕына, киһи кэрэхсэбиллээҕи, үйэлээҕи, туһалааҕы айан таһаарар.
Хаартыскалар Т. Данилова архыыбыттан.
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…