Айар иэйии алтыһыытыгар ыраахтан-чугастан кыттыстылар
Иэйэхсит сылыгар үктэнээт, тохсунньу 18 күнүгэр томороон тымныыттан толлубакка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Таммахтар” уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Иэйии” литературнай холбоһуктар “Айар иэйии алтыһыыта” көрсүһүүлэрэ тэриллэн ыытылынна. Көрсүһүүнү көҕүлээччилэринэн бу түмсүүлэр чилиэннэрэ, суруйааччы Инна Николаева-Угинка уонна суруналыыс Марелла Баишева- Сайдыына буоллулар. Кинилэр “Иэйии” тэрээһиннэригэр көтүппэккэ сылдьаллар. Онон улуустарын ааптардарын “Иэйиилэри” кытта билиһиннэрэр сыаллаах Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ бу күн ыраахтан-чугастан айар-бичийэр биир идэлээхтэрин түмтүлэр. Ыалдьыттарга анаан “Таммахтар” кинигэлэрин быыспапката туруорулунна.
Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытынан Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, режиссер, юрист идэлэрдээх, Кыыллаах Арыы нэһилиэгин өрөгөй ырыатын ааптара, Саха сирин Хомсомуолун 100 сылыгар анаммыт “Туруйалар көттүлэр” кылгас метражтаах киинэ сценарийын ааптара, СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, Дьокуускай куорат Дууматын “Признание заслуг” бэлиэ хаһаайына Мария Поскачина, Ньурба улууһуттан СӨ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай сулууспа туйгуна, “Доброе сердце России” бэлиэ хаһаайына Тамара Николаева-Сарыада, Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгиттэн СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, бэтэрээнэ, Игидэй нэһилиэгин “Социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэ хаһаайына, нэһилиэгэр айар түмсүү салайааччыта Александра Жулева-Суһума, Абый улууһун Абый нэһилиэгиттэн Ис дьыала министиэристибэтин үлэтин бэтэрээнэ, эмчит идэлээх, “ТСЖ-Университетское” управа чилиэнэ, элбэх куонкурустар лауреаттара, дипломаана, ОДьКХ тутаах үлэһитэ Аксинья Евсеева-Өксүү, Абый улууһуттан төрүттээх, Намҥа олорор хоһоон, остуоруйа, кэпсээн, олоҥхо, ахтыылары суруйар, 4 кинигэ ааптара, олортон 2-тэ оҕолорго аналлаах олоҥхолор, 20-чэ ырыа буолбут хоһооннордоох, айымньылара 30-ча хомуурунньукка киллэриллибит Анна Хабарова-Айталы, Арассыыйа уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Айар кут” хоһоон, кэпсээн суруйааччылар эрэгийиэннээҕи сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, 2 кинигэ ааптара, элбэх хоһооно ырыа буолан көппүт Зоя Тимофеева-Кэкэрдэ Зоя, Хаҥалас улууһуттан Күөрдэм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ маастар-педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хаҥалас улууһун норуотун маастара, СӨ суруйааччыларын, СӨ ырыа айааччыларын, Арктикатааҕы худуоһунньуктар сойуустарын чилиэнэ Галина Иванова-Айтыына Уран уонна эмиэ ити сиртэн “Ситим” култуура киинин дириэктэрэ, “Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр” литературнай түмсүү салайааччыта Саргылаана Федорова-Саргылана Сайын, Орто Халыма Байды нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускайга олорор иитээччи идэлээх, Бүтүн Арассыыйатааҕы, дойдулар икки ардыларынааҕы элбэх үҥкүү куонурустарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Гран-При хаһаайына, “Үҥкүү эйгэтэ” (вальс), “Күн”, “Кужуун шөрүлэ” (Небесные узоры) үҥкүү бөлөхтөрүн солиһа, өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон куонкурустарын хас да төгүллээх дипломана, лауреата, “Иэйиини” сэргэ “Кэрэ эйгэ”, “Ситим” түмсүүлэр чилиэнэ, “Халыма долгуннара”, “Киин куорат” хаһыаттарга айымньылара бэчээттэммит Мария Бережнова-Тупсууна буоллулар.
“Иэйии” өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай холбоһук салайааччыта Илья Афанасьев-Алмаас Бүлүүттэн төрүттээх. 2017 с. “Көҥүл иэйии” хоһоонньуттар түмсүүлэрин тэрийэн элбэх айар-суруйар дьону түмпүт. 2020 с. “Иэйии” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ (НКО) салайааччыта. Мэхэньисээтэр идэлээх буолан “Алмаас” такси сулууспатын арыйан үлэлэппит. 2017 с. “Таптал абылаҥа” хоһоон, 2019 с. “Бүт эрэ, биэрбэппин” тэттик кэпсээннэр, “Кэрэ кыыс” сэһэн, 2022 с. “Олоҕу туойабын” хоһоон, “Хара бэкир киһи” кэпсээннэр, 2024 с. “Мойуор Степан Кузьмич” диэн ахтыы кинигэлэр ааптардара буолар. Айымньылара өрөспүүбүлүкэ “Туймаада”, “Киин куорат”, “Саха сирэ” хаһыаттарыгар, “Олох суола” Бүлүү хаһыатыгар, “Күрүлгэн” сурунаалга элбэхтик бэчээттэнэллэр. Кини бу тэрээһиҥҥэ Санкт-Петербурга эмтэнэ барбытынан кэлбэтэ.
Төрөөбүт тыл сүмэтин тарҕатар тэрээһин кыттыылаахтарын “Таммахтар” литературнай холбоһук чилиэнэ, улуус ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, алгысчыт Зиновий Игнатьев буруонан ыраастаата, алгыс маанытын анаата.
Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев ийэ тылы харыстыырга, чөл хаалларарга итиэннэ төрүт култуурабыт сайдыытыгар бэйэлэрин айымньыларынан сэмэй кылааттарын киллэрэ сылдьар дьоҥҥо махтанан туран истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кини оҕо сылдьан “Таммахтар” куруһуоктарыгар дьарыктаммытын аҕынна, онно улахан оскуоланы ааспытым диэтэ итиэннэ оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ хоһоон ааҕыыларыгар үрдүк ситиһиилээхтик кыттыбытын ахтан-санаан Семен Данилов хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ. Баһылык ыҥырыылаах ыалдьыттарга кэлбиттэригэр махтанан туран Эҕэрдэ суругу кытта Майа устуоруйатын кэрэһэлиир икки кинигэлээх бастыҥ бэлэҕин туттарда.
“Таммахтар” салайааччыларынан уһун кэмҥэ үлэлээбит, билигин сүбэһитинэн сылдьар Августина Владимирова-Хабарова, 4-с сылларын салайар Наталья Пахомова, Изабелла Романова холбоһук үлэтин туһунан кылгастык сырдаттылар итиэннэ быыстапканы көрөллөрүгэр ыҥырдылар. “Иэйиилэр” саха дьонун сиэринэн илии тутуурдаах кэлэн үөрүүбүтүн үрдэттилэр, ыҥырыыбытыгар махтанан туран тэрийээччилэргэ Махтал суруктары кытта өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Хардатын “Таммахтар” салайааччылара ыалдьыттарыгар үбүлүөйдээх сылга тахсыбыт кинигэлэрин бэлэх ууннулар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар “Таммахтар” холбоһук чилиэнэ, историк идэлээх педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Сэрии сылын оҕолоро” түмсүү сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, Майа сэлиэнньэтин хомуньуус баартыйатын сэкирэтээрэ, 4 кинигэ ааптара, 500-чэкэ хоһоонноох, уһанар дьоҕурдаах, көхтөөх уопсастыбанньык Анатолий Чичахов эҕэрдэтин хомус алыптаах дорҕоонун дьүрүһүтэ оонньоон тиэртэ.
Бу кэннэ ыалдьыттарбытыгар Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлбитин киэн тутта көрдөрдүбүт. Түмэлгэ ханна да көрө илик экспонаттарын элбэҕи көрөн, худуоһунньук Михаил Васильевич Лукин уруһуйдарын кытары билсэн, билиилэригэр билии эбинэн астыннылар. Манна экскурсияны быыстапка салаатын исписэлииһэ Михаил Трифонов оҥорон сиһилии сырдаппытыгар ыалдьыттарбыт махталларын биллэрдилэр.
“Иэйиилэр” уопсастыбаннай үлэлэриттэн бэрт кылгастык сырдаттахха, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан алгыс тыллардаах худуоһунньук Александра Бочкарева-Сууралдьыма Куо уруһуйдаах харысхаллары оҥорон ыыппыттара, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕоҕо аналлаах хоһоон ааҕыыларын куонкурустарын сыллата ситиһиилээхтик ыыталлар. Суруйааччылар Галина Иванова-Айтыына Уран хоһоонноругар 800-тэн тахса, Инна Николаева-Угинка хоһоонноругар 900-тэн тахса, Илья Васильев-Ылдьаа Хоточчуга, Ирина Колдезникова-Ымыы сырдык аатын үйэтитэн ыытыллыбыт онлайн-куонкуруска 500-тэн тахса уһуйаан саастаах оҕолортон саҕалаан орто саастаах оҕолор кыттыбыттара. “Иэйиилэр” кыамматтар дьиэлэригэр, сонотуоруйдарга босхо кэнсиэрдээх тиийэн оонньуулары оонньотон сэргэх тэрээһиннэри ыыталлар. Бу сыллар тухары хас да хоһоон хомуурунньуктарын таһаардылар. Араас тиэмэлэргэ ааптардар хоһооннорунан видео оҥоһуллан куйаар ситиминэн тарҕанар. «Петр Тобуруокап көмүс күһүнүгэр”, “Сунтаар миигин ыҥырар”, “Ньурба көмүс күһүнэ”, Семен, Софрон Даниловтар “Бор көмүс күһүнэ”, о.д,а. өрөспүүбүлүкэ ааҕыыларыгар сыллата көхтөөхтүк кытталлар. Ыраах айаҥҥа барааччылар суолларын ороскуотугар киирбит усунуостан көмө оҥоһуллар. “Сайылык” бырайыагынан биһиги улууспут Төҥүлүтүн Бэрдьигэстээх сайылыгар тиийэн хоно сытан тыа сирин дьонун үлэтин-хамнаһын билсэн, көмөлөһөн, Константин Мохначевскай кэнсиэрин бэлэхтээн кэлбиттэрэ, о.д.а. тэрээһиннэри тохтоло суох ыыталлар.
“Таммахтар” устуоруйаларыттан бэрт кылгастык сырдаттахха, 1971 с. ырааҕы өтө көрөн, суруналыыс Иван Брызгалов төрүттээбит “таммахтара” 54-с сылын киэҥ далааһыннаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлиир. Манна уһуйаан, оскуола оҕолоруттан саҕалаан устудьуоннарга тиийэ суруйааччылар үбүлүөйдээх дааталарыгар сөп түбэһиннэрэн киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бибилэтиэкэлэри кытта биир ситимнээхтик үлэлээннэр ааптардар суруйааччылардыын көрсүһүүлэрэ, саҥа кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ тэриллэллэр. Августина Семеновна 1987 с. Томтор оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлии сылдьан Даниловскай ааҕыылары төрүттээбитэ күн бүгүнүгэр диэри үрдүк таһымнаахтык ыытыллан кэллэ, 1999 с. эппиэттиир сэкирэтээринэн талыллан “Таммахтары” салайан кэлбитэ, 2022 с. сүбэһитинэн сылдьар. Айар-суруйар дьон уопсастыбаннай үлэлэрин биир сүрүн сыалынан бэйэлэрин айымньыларын эрэ таһаарыынан муҥурдаммакка, кэнчээри ыччакка туһаайан ийэ тылы үйэтитиигэ үлэ барар. Кэлиҥҥи сылларга оҕо суруйааччыта, “таммахтар” сүбэһиппит Константин Сосин хоһооннорун ааҕыыларын улуустааҕы куонкуруһа элбэх оҕону хабан ыытыллар. Биллиилээх суруйааччылар үбүлүөйдээх дааталарын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтииллэр. Ааптардар хоһооннорун өйтөн ааҕаллара ирдэнэр, оҕолорго аналлаах суруйуулары көҕүлүүллэр, сурукка-бичиккэ улахан болҕомто ууруллар, о.д.а. үлэ ыытыллар.
Айар куттаахтар көрсүһүүлэрэ баһылыкпыттан саҕалаан хомоҕой хоһоонунан саҕаламмыта олус истиҥ-иһирэх буолла, төрөөбүт тылга таптал түһүлгэтэ төрүттэнэригэр олук буолла. Тэрээһин кыттыылаахтара бэйэлэрин билиһиннэрэн туран айымньыларын бары өттүнэн сырдатан хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар, оонньуу да оонньонно. Саҥа иэйиини уһугуннарар, саҥа санаалары саҕар кэпсэтиилэр таҕыстылар, аймахтыылар да булустулар.
Хоһоон түһүлгэтин биһирэмин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Осипова “Майа сайына” ырыанан арыйда. “Түмэн” сүбэтин чилиэнэ, ырыаһыт Степан Копырин, ону сэргэ. ырыаһыт хоһоонньуттар Зоя Тимофеева-Кэкэрдэ, Галина Иванова-Айтыына Уран, Анна Хабарова-Айталы, Дмитрий Захаров-Хараҥаччы ырыаларынан, Мария Бережнова-Тупсууна үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.
Александра Жулева-Суһума биһиги улууспут баһылыгын Дмитрий Тихоновтыын Хабаровскайдааҕы академияҕа бииргэ үөрэммит. Улууспут телеграм ханаалыттан сонуннары билэ сылдьарын, бииргэ үөрэммит кэллиэгэтэ улуус баһылыгынан тахсыылаахтык үлэлии сылдьарынан киэн туттарын эттэ.
“Таммахтартан” үөһээ ааттаммыттары сэргэ, Хорообуттан бибилэтиэкэр Варвара Филиппова салайааччылаах “Үөрүү сүүрээнэ” түмсүү, Лоомтукаттан “Лоомтука лоһуора” түмсүү салайааччыта, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үлэлиир Майатааҕы “Түмэн” холбоһук үлэлэригэр мэлдьи кыттыһар, хоһоонноро саха араадьыйатын пуондатыгар киллэриллибит Мария Прокопьева, Чүүйэттэн бибилэтиэкэр, “Ыллык” түмсүү салайааччыта, тэттик кэпсээннэри суруйар Мария Левина, Бэдьимэттэн РФ үөрэҕирии эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Айар Бэдьмэ” түмсүү чилиэнэ Марина Яковлева, Сыымахтан дэгиттэр дьоҕурдаах, хас да ырыа буолбут хоһооннордоох, улууспут “Эркээйи” хаһыатын “Өргөннөөх” пиэрмэҕэ успуонсардаан сурутар Дмитрий Захаров-Хараҥаччы, Бөкөттөн “Догдоҥо дорҕоонноро” хоһоонньуттар түмсүүлэрин салайааччы, нэһилиэгин дьонугар “Эркээйи” хаһыаты сыллата сурутан бэлэх оҥорор, хас да кинигэ ааптара, элбэх хоһооно ырыа буолан көппүт, илбииһит, хаанньыт Светлана Иванова-Намыына, Майаттан бибилэтиэкэр идэлээх, “Айар Майа” литературнай, “Майа бочуоттаах олохтоохторо” түмсүүлэр салайааччылара, литературнай ырытааччы Елизавета Попова-Баартаах Кырата, “Айар Майа” түмсүү чилиэнэ, хоһоонньут, иистэнньэҥ, дьиэ кэргэнинэн анал байыаннай дьайыыга көмөлөһөр Дария Федорова-Дуораан Даарыйа, оройуоннааҕы балыыһа колл-киинин лабораана, “Эркээйи” хаһыаты сыллата сурутан элбэх оҕолоох ыалга бэлэхтиир, нууччалыы, сахалыы тылларынан суруйар Майя Ильина кыттыыны ыллылар.
“Иэйии” уонна “Айар кут” түмсүүлэри кытта “Таммахтарга” ситим олохтонно. Кэлэр сылга таммахтар 55 сылбыт. Манна айар куттаах доҕоттор бары бииргэ түмсүөхпүт диэн былаанныыбыт.
Айар иэйии саҥа саҕахтарын арыйар, айар-суруйар үлэҕэ уопут атастаһар, үүнэр көлүөнэни төрөөбүт ийэ тылга көҕүлүүр сыаллаах тэриллибит тэрээһинтэн кэлбит дьон бэйэлэригэр элбэх саҥаны, кэрэхсэбиллээҕи биллибит, идиэйэ бөҕө ыллыбыт диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Айар куттаах дьон алтыһыытыттан сиэттэрэн, үйэлээх айымньылар айыллан таҕыстыннар.
Араас улуустартан тардыылаах ыалдьыттарбыт үгүстэрэ Майаны саҥа көрдүлэр. Кинилэргэ “Дьол түһүлгэтиттэн” саҕалаан, “Майа сайына” кафены көрдөрдүбүт, Комсомольскай болуоссакка турар уоттаах-күөстээх харыйаҕа хаартыскаҕа түһэн, массыыналарыгар олордон атаардыбыт.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар элбэх хайысханан үлэлиир Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччыта Мария Лукинаҕа, чилиэннэрэ Екатерина Баишеваҕа, Антонина Петроваҕа, Олег Федоровка, Полина Осиповаҕа тэрээһиммит таһымнаахтык ыытылларыгар бары өттүнэн күүс-көмө буолбуттарыгар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Марелла БАИШЕВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: