“Айар” кинигэ кыһата уонна “Горпечать” тэрилтэ бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр (ВИДЕО)

Share

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн С.А. Новгородов аатынан “Айар” национальнай кыһа уонна “Горпечать” ХЭУо бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр.

Сөбүлэҥ икки өрүтүн чорботон бэлиэтэххэ сөп. Бастакытынан, бу икки тэрилтэ кыахтарын, сүбэлэрин бииргэ холбоон өссө ыкса ситимнээхтик үлэлэһэргэ ылсан эрэллэрин. Иккиһинэн, сөбүлэҥ уу сахалыы тылынан суруллубутун.

Хаартыска: Денис Попов, Сахамедиа.

“Айар” национальнай кыһа генеральнай дириэктэрэ Август Егоров: “Биһиги бэйэбит суруктаах-бичиктээх, тыллаах-өстөөх норуоппут, төрөөбүт тыл туһунан сокуоннаахпыт. Ол гынан баран, тоҕо эрэ дьыала-куолу, докумуон өттүгэр сахалыы тылы үчүгэйдик киллэрэ иликпит. Онон бэйэбит төрөөбүт тылбытынан суруллубут сөбүлэҥи оҥостон, тэрилтэлэр бэйэлэрин икки ардыларыгар, тэрилтэ бэйэтин да иһигэр атыттарга холобур биэрэр кыахтаахпыт.

Билиҥҥи курдук сыыппара эйгэтэ, информационнай технологиялар балысханнык сайдыбыт кэмнэригэр, хомойуох иһин, бэчээт бородууксуйатын ахсаана түһэ турара кистэл буолбатах. Биһиги төрөөбүт тылбытын, сурукпутун-бичикпитин, саҥабытын харыстыырга, чөл хаалларарга кинигэ, хаһыат-сурунаал нэһилиэнньэҕэ, норуокка оруоллара олус улахан. Биһиги, сахалар  бэйэбит сурукпут-бичикпит, литэрэтиирэбит күүскэ сайдыбыта биир эрэ үйэттэн орто. Бу, дьиҥэр, бэрт кылгас кэм. Ол гынан баран, глобализацияҕа дуу, сыыппара эйгэтигэр үтүрүйтэрэн дуу,  инники көлүөнэ интэлигиэнсийэ ситиспит ситиһиитин мүччү тутар кутталлаахпыт. Кинигэ, хаһыат, бэчээт тылыгар төрөөбүт тылбытын көйгөтүппэппит, атарахсыппаппыт, сыыс тылы туттубаппыт, ийэ тылбытын сайыннаран иһэбит. Ол иһин национальнай бэчээт үлэтиттэн төрөөбүт тыл туруктаах буолуута, эйгэбит, култуурабыт сайдыыта олус улахан тутулуктаах.

Бу икки тэрилтэ бииргэ үлэлэһэбит. Ол эрээри, сөбүлэҥ баттастахпытына ыырбыт өссө тупсуоҕа, кэҥиэҕэ, күүспүтүн түмэн үлэлээтэхпитинэ национальнай бэчээти дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэргэ төһүү буолуоҕа”, — диэн бүгүҥҥү сахалыы тыллаах бэчээт туругун уонна сөбүлэҥ ис хоһоонун быһаарда.

Август Егоров иһитиннэрбитинэн, алта-сэттэ сыллааҕыта кинигэ орто тираһа 7-8 тыһ. эбит буоллаҕына, билигин 2,5 тыһ. тиийэ түспүт. Ол эрээри, кинигэ хаачыстыбатын түһэрбэккэ, чуолаан, оҕолорго анаан таһаарар кинигэлэр ахсааннарын аччаппат туһугар үлэлэһэллэрин бэлиэтиир.

“Горпечать” тэрилтэ дириэктэрэ Саргылаана Жиркова: “Биһиги тэрилтэбит куорат иһигэр 11 киоскалаах уонна аҕыйах урбаанньыт тыаҕа баар. Урбаанньыттар биһигиттэн хаһыат ылан бэйэлэрэ атыылыыллар. Хаһыат ахсаана олус түстэ диэн этиэхпин баҕарбаппын, дьон ылар. Буочта нөҥүө суруттахтарына тиэрдиитин иһин эбии төлөбүрдээх буолан, сыаната үрдээн тахсар. “Айар” тыа сиригэр аҕыс маҕаһыына эбилиннэҕинэ өссө кэҥиэх этибит диэн толкуйдаахпыт.

Ленин проспегар быйыл мэрия аныгы ирдэбилигэр сөп түбэһэр үс саҥа киоска арыллыахтаах: кулун тутарга – Ленин проспегар, салгыы Киров уулуссаҕа,  ыам ыйыгар диэри – Киин киинэ тыйаатырын аттыгар” — диэн эттэ.

Ити курдук, “Айар” кинигэ кыһата уонна “Горпечать” тэрилтэ уу сахалыы тылынан суруллубут сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Инникитин атын даҕаны тэрилтэлэр бу үтүө холобуру батыһан бэйэлэрин икки ардыларыгар сөбүлэҥи сахалыы түһэрсиэхтэрэ, докумуон тыла сахатыйыа диэн эрэллээхтэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

10 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

10 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

21 минута ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago