Айар куттаах мас ууһа

Айар куттаах мас ууһа

21.07.2024, 14:40
Дмитрий Соловьев быыстапка кэмигэр.
Бөлөххө киир:

Норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэт  хоһоонугар “кыыс кэтэһэр ыһыаҕы, саҥа таҥас таҥнаары…” диэн бэргэнник бэлиэтээбит буоллаҕына, “уус кэтэһэр ыһыаҕы, бэйэтин үлэтин көрдөрөөрү…” диэххэ сөп курдук.

Быйыл Кыыс Аммаҕа ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар аат­таах-суоллаах норуот маастардара бэйэлэрин үлэлэрин хотуттан-соҕурууттан  аҕалан хото көрдөрдүлэр.  Кинилэртэн биирдэстэрэ – Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн норуот маастара Дмитрий Соловьев.

Ааһан иһэн кыайыы

Дьиктитэ баар, Дмитрий Соловьев аан бастаан Олоҥхо ыһыаҕар сылдьыбыт уонна… мас оҥоһуктарга бастаан, 40 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти ылбыт! Маны этэр буоллахтара, “ааһан иһэн – кыайыы” диэн.

Норуот маастарын кытта билсиһиибит интэриэһинэй этэ. Мин ыһыах иккис күнүгэр 16 чаас саҕана хатыҥ­наах чараҥ быыһыгар күлүккэ киирэн суруйа түһээри, дьон аҕыйах ыскамыайкатын көрдөөтүм. Ыһыахчыттар таптаан, тохтоон сынньанар сирдэрэ буолан, оннук миэс­тэ суох курдук. Оҕолорун аһатар  ыал дьону кытта биир төлөпүөнүн хасыһа олорор киһи аттыгар кэлэн олордум. Сотору ыаллар туран бардылар. Мин аттыбар олорор киһи төлөпүөнүгэр тугу эрэ суруйар да суруйар. Өндөйөн көрөн, тохтоон да ылбат. Уонча мүнүүтэ ааста. Сотору буола-буола  киһим диэки көрөбүн – суруйарын тохтоппот. Икки кыра матыры­йаалы суруйан, ыыта оҕустум. Улахаҥҥа киирсиэ эбиппин да, аттыбар олорор киһибиттэн мэһэйдэтэр курдукпун. Ыксаан “эн блогергын дуо?” диэн ыйыттым. Киһим “ээ суох, ити бүгүн мас оҥоһуктарга бас­таан, дьоммор суруйталыы олоробун. Ол быыһыгар маастардары кытта быыстапка оҥоһуктарын ырытыһан ылабыт” диэн хоруйдаата. Мин бас­­таабыт киһи аттыбар олорорун кэннэ, кулгаах-харах буолан, болҕомтобун барытын киниэхэ туһаайдым.

“Сүрүннээн хатыҥ уонна өрүһүнэн устан кэлэр тэтиҥ мастарынан уһанабын. Ону уу түспүтүн кэннэ анаан көрдөөн булабын. Сарсыардаттан саҕалаан кыракыралаан кыһа сылдьабын. Онон дууһам уоскуйар, сынньанабын”.
Дууһа уоскуйар дьарыга

Дмитрий Соловьев кэпсэ­тии­битин “киһини өйдүүр буолуохпуттан уһанабын. Бэйэм идэбинэн тутааччыбын. Онон өрүү тутууга сылдьар буолан, мас оҥоһугунан кыһыҥҥы өттүгэр дьарыктанааччыбын” диэн саҕалаата.

– Олоҥхо ыһыаҕар аан бастакыбын сырыттым. Сайын наар тутууга сылдьар буолан, ыһыахтары көтүтэн кэбиһэбин. Атын быыстапкаларга өрүү кыттааччыбын. Наһаа да үчүгэй буолар эбит! Аммалар пааркаларын бэрт сиэдэрэйдик оҥорбуттар. Хатыҥ чараҥ быыһыгар тутуу бөҕөтүн дьэндэппиттэр. Киһи сөрүүҥҥэ олорон сынньанарын кытта учуоттаабыттар. Бу айар куттаах киһиэхэ дууһаҥ ортотунан киирэр, – диэн бэлиэтээтэ сэһэргэһээччим.

«Үлэлэриҥ үчүгэйдэрин, ис хоһооно дириҥин».

“Олоҥхо ыһыаҕар бастакыгын сылдьаат, бастаабыккын. Үлэлэриҥ үчүгэйдэрин, ис хоһооно дириҥин. Туох маһы туттаҕыный?”, – диэн ыйыппыппар, “сүрүннээн хатыҥ уонна өрүһүнэн устан кэлэр тэтиҥ мастарынан уһанабын. Ону уу түспүтүн кэннэ анаан көрдөөн булабын. Сарсыардаттан саҕалаан кыра-кыра­лаан кыһа сылдьабын. Онон дууһам уоскуйар, сынньанабын” диэн хоруйдуур сэһэргэһээччим.

Кыайыылаах Дмитрий Соловьев оҥоһуктара.

Дмитрий Дмит­­риевич “кэ­лэр  сыл­га 70-мун туо­луом” диэ­би­тигэр соһуйдум. Со­циальнай ситимтэн арах­сыбат сэһэргэһээччим бэ­йэтин сааһыттан олох эдэрчи көрүҥнээх. “Киһи эйиэ­хэ олох 70 сааһы биэрбэт…”, – диэбиппэр, киһим салгыы кэпсии олордо:

– Кистэлэҥим диэн, олох холку киһибин. Буола турар балаһыанньаны, куһаҕаны испэр туппаппын. Олохпор үөрүү үгүс. Ону бэйэбэр бэйэм оҥоробун. Аралдьыйарым элбэх. Биирдэ эмэ хомуруйсар, хомойор ханна барыай? Онно “буолааччы, аахсан иһимэ” диэн бэйэбин уоскутан кэбиһэбин, санаабар туппаппын. Эрэсиимим – 10 чаас саҕана утуйуу. Ол эрээри социальнай ситимнэргэ аһара олорон хаалааччыбын.

Тэрийээччилэр учуоттууллара наада

“Мас оҥоһукка эйиэхэ са­­каас арааһа киирэрэ буолуо?” диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим хоруйа биир буолла: “Сакаас ылбаппын, харчы иннигэр  диэн айбаппын…”

Кэпсэтиибит түмүгэр Дмитрий Соловьев “Мин хаһыат­чыт киһинэн санаабын тиэрдэбин дуо?” диэн ыйытта. “Тиэрдиминэҕин. “Саха сирэ” хаһыаты ааҕаллар аҕай буоллаҕа” диэн сэһэргэһээччибин болҕомтолоохтук иһиттим.

– Сыл аайы ыытыллар ыһыахтары тэрийээччилэргэ туһаайан баҕа санаабын тиэрдэбин. Бу санаабын тус­таах дьон учуоттууллара буоллар. Быыстапкаларга, кэнсиэр­дэргэ кыттааччылар таһаҕас бөҕөлөөх кэлэллэр. Онуоха ГИБДД үлэһиттэрэ ыһыахтыыр сиргэ ырааҕынан чугаһаппаттар. Мин, холобура, массыыналаах эрээри, түөртэ-биэс­тэ кырынан, сатыы сылдьан, быыс­тапкаҕа кыттыахтаах уонча оҥоһуктарбын, ааҕан таһаардахха, килэмиэ­тиргэ чугаһыыр ыраах сиргэ тастым. Саатар тохтоппут сирдэриттэн түһүлгэҕэ киирэр Аар баҕахха диэри ыраа­ҕыан! Аны биир оччону быыстапкалыыр сиргэр хаамаҕын. Мин оҥоһуктарым кээмэй­дэрэ улахана, ыарахаттара бэрт буолан, илиһинним. Онон эһиилгиттэн тэрийээччилэр быыстапкаҕа кыттар дьоҥҥо улахан болҕомтону ууран, оҥоһуктарын таһыыга тутаах дьону уонна көлөнү көрүөхтэрин наада эбит.

Иккис этиим – Олоҥхо ыһыаҕын маһынан уһанааччы, иистэнньэҥ айар куттаах дьон анаан кэтэһэллэрэ чахчы. Сылы быһа бэлэмнэнэллэр диэххэ сөп. Онуоха быйыл олус кыараҕас сиргэ миэстэ анаабыттар. Мин быыстапкабын туруорар сир булбакка, үлэлэрбин хонууга тэлгэттим. Хата, быыстапкаларга кыттарга үөрүйэх буолан, кыракый сиргэ илдьэ сылдьар остуоллаах буолан абыранным, – диэн санаатын тиэртэ сэһэргэһээччим. Бу уопуттаах уус сөптөөх этиитин тэрийээччилэр кэлэр өттүгэр учуоттуулларыгар эрэнэбит.

… Ити курдук, сатабыл­лаах мас ууһа Дмитрий Соловьев Олоҥхо ыһыаҕар бэйэтин үлэлэрин көрдөрөн, барыларыттан чорбойон бастаан, атын уустар үлэлэрин көрөн-истэн, үөрэтэн, бэрт элбэх сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэр санаалаах тапталлаах Төхтүрүн булла.

Хаартыскалар Д.Соловьев тус архыыбыттан

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: