“Айар уустар” креативнай индустрия I чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыыта буолла

“Айар уустар” креативнай индустрия I чөмпүйэнээт үөрүүлээх аһыллыыта буолла

11.10.2023, 10:22
Хаартыска: Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыттан.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, алтынньы 10 күнүгэр, Дьокуускайга Хаҥалас тумулугар ыытыллыбыт “Айар уустар” креативнай индустрия идэҕэ маастарыстыба I салаанан чөмпүйэнээтин үөрүүлээх аһыллыыта алгыстан саҕаланна.

Тэрээһин иитинэн хамаандалар сэрэбиэйдэстилэр, күрэхтэһии туһунан иһитиннэрдилэр уонна чөмпүйэнээт эспиэрдэрин билиһиннэрдилэр. Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай 2023 сыл Саха сиригэр ураты сылын, ол курдук, өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа креативнай индустрия эйгэтин сайыннарыыга сүрүн эрэгийиэнинэн буолбутун бэлиэтээтэ.

Кэлэр күрэхтэһиилэргэ Саха сирин 10 кэллиэһин уонна “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһин сэргэ “Креативнай индустрия кэллиэһин холобуругар (модель) орто анал үөрэх систиэмэтигэр креативнай индустрияҕа каадыры бэлэмнээһин” федеральнай бырайыак пилотнай былаһааккатынан буолбут Ханты-Мансийскай автономнай уокурук Советскай политиэхиньиичэскэй кэллиэһин устудьуоннара кыттыахтара. Тустаах бырайыак үөрэҕи бүтэрээччилэр креативнай индустрияҕа бэйэлэрэ тэлэр суолларын булалларын туһугар уонна бу салааҕа кэскиллээх бэрэстэбиитэллэрин сайыннарар, өйүүр сыалтан дойду бэрэсидьиэнин көҕүлээһининэн Үөрэҕирии министиэристибэтэ олоххо киллэрэр. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: