Салгыы
«Айар Уустар» устудьуоннара бастыҥ көстүүмҥэ күрэхтэстилэр

«Айар Уустар» устудьуоннара бастыҥ көстүүмҥэ күрэхтэстилэр

27.11.2024, 14:00
Хаартыска: Сандаара Эверстова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Айар Уустар” креативнай ускуустубалар колледжтарын бастакы куурсун устудьуоннарыгар “ДизФест-24” бастыҥ косплейга куонкурус биллэриллибитэ.

Манна 18 бөлөх устудьуоннара биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн косплей маскарааттары оҥостон, бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн бөлөхтөрүнэн күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни Дисней остуоруйаларын принцессалара буолбут “Иистэнии” бөлөх кыргыттара бастакы миэстэни ыллылар. Үһүс миэстэҕэ “Шрек” ойуулук дьоруойдарын көрдөрбүт “ТИИФ-24” бөлөх оҕолоро таҕыстылар.

Биирдиилээн күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни дьүүллүүр сүбэ “Кунг-Фу панда” ойуулук дьоруойун үтүктүбүт Лорд Шэнь косплейга туттарда.

Сардаана, “ТИИФ-24” бөлөх устудьуона: “Бүгүҥҥү тэрээһин интэриэһинэй буолла, бачча элбэх косплей маскарааты өссө көрө илигим. Бары наһаа кыһанан, оҥостон кэлбиттэр, мин бэйэм эльф буолбутум. Эһиил “Дота-2” оонньууттан Пудж буолуохпун баҕардым. Маскарааттартан ордук Скарамучча косплейын сөбүлээтим».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: