“Айар уустарга” талбыт хайысхаҥ баар

Share

Билигин креативнай экэниэмикэ диэн элбэхтик иһиллэр буолла. Үчүгэйэ диэн, бу айар талааннаах дьоҥҥо олус сөптөөх хайысха. Дьокуускайга “Айар уустар” диэн ааттыын киһи истэригэр үчүгэйдик иһиллэр Креативнай индустрия колледжыгар туох ханнык идэлэргэ үөрэтэллэрин билсэ тиийдим.   

— От ыйын 25 күнүнээҕи туругунан 1111 сайабылыанньа киирдэ. Саамай элбэх “графическай дизайн” уонна “анимация” идэлэргэ киирдэ, — диир Айар уустар – Креативнай индустрия коллеһын тутар хамыыһыйатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Ольга Яковлева. – Сайабылыанньаны атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри тута олоробут, айар идэлэр киэннэрин 10-с чыыһылаҕа диэри. Былырыын 185 миэстэҕэ ылбыт эбит буоллахпытына, быйыл 190 миэстэни көрдүбүт. Уонна быйылгы биир уларыйыыбыт – “Анимацияны” 9-с кылаас кэнниттэн эмиэ арыйдыбыт. Биһиги идэ биэрэр хайысхабыт киэҥ: учуутал, социальнай үлэһит, звукооператор, хаартыскаҕа түһэрээччи, таҥаһы уонна түүлээҕи иистэнээччилэр, дизайнердар, реклама оҥорооччулар,  мультипликатор-худуоһунньуктар. Биһиги айар хайысхалаах идэлэрбитин бүтэрбит оҕолор үксүн ИП, бэйэ дьарыктаах буолаллар. Төлөбүрэ суох миэстэлэрдээхпит. Холобур, дизайнҥа 25 миэстэ көрүллэр, олору сэттэлии гынан хас да салааҕа (отрасль) түҥэтэбит уонна 3-түү төлөбүрдээх миэстэни эбэн биэрэбит. Өскөтө бүддьүөт миэстэтэ таҕыстаҕына, үчүгэйдик үөрэнэр, көхтөөх устудьуон онно көһөн биэрэр.

Хаартыска: Розанна Аммосова. Ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: устудьуоннар үлэлэрэ. Ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: устудьуоннар үлэлэрэ. Ааптар түһэриитэ.

Туох баар мастарыскыайдарбыт, студияларбыт манна үөрэнэр куорпуспутугар бааллар, арай хаартыскаҕа түһэрээччилэр “Үлэ кыбартаалыгар” Алексей Павлов студиятыгар баран үөрэнэллэр. Халтурин уулуссатыгар турар ЯИПК уопсай дьиэтигэр 42 миэстэлээхпит.

Орто үөрэх кыһата мээнэҕэ “Айар уустар” диэн ааттамматах эбит – кырдьык, талбыт хайысхаҥ барыта баар. 9-с да, 11-с кылаас кэнниттэн киириэххэ сөп. Үөрэнэр сыллара эмиэ араастаах.

Розанна Аммосова, 7 №-дээх оскуола 9-с кылааһын бүтэрбит. Бүгүн туттарсааччылардыын биир бииргэ кэпсэтэр күҥҥэ ийэтин кытта кэлбиттэр.

-Колледжка үс идэҕэ сайабылыанньатын биэрдим: графическай дизайнҥа, рекламаҕа уонна анимацияҕа. Кыһыны быһа аттестатым орто сыаната үчүгэй буоларын туһугар кыһаллан үөрэммитим. Художественнай уонна музыкальнай училищеларга эмиэ докумуоммутун биэрбиппит. Ол эрээри манна графическай дизайнҥа киирэрим буоллар диэн баҕа санаалаахпын. 6-7 кылаастан саҕалаан бу хайысханы интэриэһиргиибин, — диэн кэпсээтэ Розанна.

Оттон биһиги Розаннаҕа бары ситиһиилэри баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago