Айар-ыллыыр. Норуотун туһугар

Айар-ыллыыр. Норуотун туһугар

Ааптар:
04.12.2022, 12:17
Бөлөххө киир:

Мин бу боппуруоһу көтөхпүтүм ыраатта, үлэлии сылдьан хаһыаппар икки төгүл бэчээттэтэн турабын. Онон  киһи үлэтэ ытыс тыаһынан эрэ сыаналамматын этэн аһарбытым. Иккис сырыыбар киһим үлэтин-хамнаһын, тугу айбытын-туппутун барытын эридьиэстээн ыраас мууска ууран биэрбитим. Биллиннэр-көрдүннэр, итэҕэйдиннэр, сыаналаатыннар диэн. Үһүс төгүлбэр аһаҕастык, малтаччы А.К.Калининскайга СӨ норуодунай артыыһын аатын биэрэр кэм кэлбитин, Алексей Кириллович ол үрдүк аакка, ылыллыбыт балаһыанньаҕа, көрдөнүллэр ирдэбилгэ барытыгар  сөп түбэһэрин  санаппытым. 

Элбэх куолута суох эттэхпинэ, А.К.Калининскай икки атахтаах мутугунан быраҕан муҥурун булларар кылгас үйэтигэр айбытын-туппутун барытын аҕалан биир сиргэ өрөһөлүү мунньар киһи тоҕус үрэх толоонун уҥуоргутуттан торолуйар Тойон  Булгунньах саҕа буолан көстүө этэ. Туох да саарбаҕа суох. 45 сыл устата ыллаппыт-туоппут, үөрэппит оҕолорун, дьонун барыларын кэккэлэтэр киһи ол этэр үрэхпит салааларын, хоннохторун-быттыктарын толоро сатаан баран, чугастааҕы алаастарынан эйээриэ этилэр. Оттон сүрэҕин чопчутун, өйүн-санаатын сүмэтин биэрбит ырыаларын барытын көй салгыҥҥа көтүтэр киһи Өлүөнэ эбэбитинэн киирэн Хотугу муустаах акыйааны ааспыта быданнаабыт буолуох этилэр.

Бу соҕотох киһи холугар ба­­һаам үлэ буолбатах дуо? Итинтэн ордук өссө хайдах үлэлээтэҕинэ, тугу гыннаҕына астынаары  гыналларый? Бу ааты биэрэр үрдүк сололоох тойоттор. Ким кини курдук сүүһүнэн, сүүһүнэн эрэ буолуо дуо, тыһыынчанан киһини хамсатан, ыллатан Ырыа күнүн  олохтотто?

Кини айбыт, суруйбут ырыаларын Опера уонна Балет тыйаатырын элбэх норуодунай артыыстара ыллаан кэллилэр. Хас да киһи бу кэлин СӨ норуодунай артыыһа аатын ылбыттарын билэ сылдьабыт. Наталия Михалева-Сайа суруйбут 20-чэ хоһоонун ырыа гынан көтүппүтэ. Хоһоонноро ырыа буолбут, аата ааттаммыт силигэ сиппит Наталия Михалева-Сайа билигин норуодунай суруйааччы. Бииргэ үлэлээбит Христофор Горохова-Элгэстэй, Ксенофонт Уткина-Нүһүлгэн, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар  суохтар… Ол норуодунай ааттаах артыыстары, суру­йааччыны таһаарсыбыт, кинилэргэ ырыа айан биэрбит Алексей Калининскай бэйэтэ тоҕо бу ааты сүгүө суохтааҕый?

Этиҥ эрэ миэхэ, билигин кини курдук норуот, дьон-сэргэ туһугар эргиччи үлэлиир, ол аата Дьокуускай куорат, нэһи­лиэктэр уонна үөрэх тэрилтэлэрин өрөгөй ырыаларын, кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр, нууччалыы  “Праздник песни”, “Баллада о снайпере”, “Российские орлы”, “Нам предки землю завещали”, “Молитва под снегопад” курдук ырыалары  саамай кэмигэр суруйар  композитор-мелодист баар дуо?  Мин истэрбинэн ­суохтар.

Онон түмүктүүм. А.К.Кали­нинскай ырыаларын дьонугар-­сэргэтигэр анаан суруйар. Кини ырыаларын норуот ыллыыр. Кини ырыата Саха сирин тас өттүгэр таҕыста, иһилиннэ, дьиэрэйдэ. Оччотугар  норуот ырыатын суруйар, норуот ырыатын ыллыыр, тарҕатар, онно норуоту түмэр, үөрэтэр А.К.Калининскай тоҕо норуодунай аата суох сылдьыахтааҕый?

Өссө биир дьиктиргиир түгэннээхпин. Утары көрөн туран хайгыыр, сөҕөр-махтайар, баһаамы айбытын-туппутун этэр, он­­нооҕор улуулар ортолоругар киллэрээччилэр баалларын билэбин.   Ити гынан баран ханна наадалаах кэмҥэ кинилэр тыллара иһиллибэтин сөҕөбүн. Оччотугар кинилэр ити хайҕааһыннара таах күөс хоруотун эрэ бэрсибиккэ тэҥнэспэт дуо? Норуот күүһүн көмүөл күүһүгэр тэҥнииллэр дии. Эһиги тускутугар айар-тутар бэ­­йэҕит киһигитин А.К.Калининскайы хаһан өрө анньан таһаарабыт?

Итинник санаа уонна ыйытыылар улаханнык сүгүрүйэр киһим 45 сыллаах айар үлэтин көрдөрөр уонна кэпсиир киэһэтигэр сылдьыбытым кэннэ киирдэ.

Милан АФАНАСЬЕВ, Дьокуускай олохтооҕо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: