Сэтинньи 4 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куоракка Норуоттар сомоҕоһууларын күнэ киэҥ далааһыннаахтык, биир иллээх дьиэ кэргэннии үгүс дьону, норуоту түмэн, араас култуурунай кииннэринэн бэлиэтэннэ.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр «Түүҥҥү искусство» диэн ааттаан, Саха сирин аан дойдуга аатырдыбыт, СӨ үтүөлээх артыыһа, «Душа России» судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, аан дойду виртуоз-хомусчута, «Айархаан» этно-бөлөх салайааччыта Альбина Дегтярева айар киэһэтэ буолла. Альбина Михайловна хоһооннорун, кини хоһоонноругар ырыалары иһиттибит, бэйэтэ тикпит көстүүмнэрин билистибит. Виртуоз-хомусчут үөрэнээччилэрэ Учууталларын туһунан кэпсээн, бииртэн биир нүөмэри толордулар. Ону сэргэ, бу күн Альбина Дегтярева «Секреты игры на хомусе от «Айархаан» диэн нууччалыы тылынан соторутааҕыта бэчээттэнэн күн сирин көрбүт кинигэтин бибилэтиэкэ ааҕааччыларыгар билиһиннэрдэ.
Манна сылдьан, Сэргэлээххэ ааспыт эдэркээн устудьуон сылларбын, доҕотторбун, үөрэппит үтүө дьоннорбун, уһуйааччыларбын эргитэ санаатым…
Бу кинигэ уратытынан куйаар куодтааҕа буолар. «Айархааннар» манна оонньуур ньымаларын таһынан, хаартыска көмөтүнэн хомуһу хайдах сөпкө тутарга тиийэ бэрт табыгастаахтык көрдөрбүттэр.
Альбина Дегтярева айар киэһэтигэр саха дьонун махталыгар сууламмыт ырыаһыт Тамара Попова-Хадаана Альбина Дегтярева «Аҕам» , «Арай мин» хоһоонноругар бэйэтин матыыбыгар, эдэр, кэскиллээх ырыаһыт Юана «Ыраахтан таптыыбын» ырыаларынан, Альбина Михайловна үөрэнээччилэрэ, кынаттаах хомусчуттар: Варвара Степанова- Арчыына, Василена Шарина, Нарияна Ренанто, Артур Семенов-Тоҥ Саха уо.д.а кыттыыны ыллылар.
Кинигэ сүрэхтэниитин бибилэтиэкэр Сардаана Алексеева бэрт дьоһуннук салайбытын кэлбит дьон астынан, махтанан, эбиитин ааптар илиититтэн буруолуу сылдьар илии баттааһыннаах кинигэни тутан, ааптарга туһаайан үтүө санааларын тириэртилэр. Ирэ-хоро сэлэһэн, биэрбит боппуруостарыгар астыннарар хардалары истэн, хомус кистэлэҥнэрин аанан сэгэтэн, үгүс саҥаны-сонуну билэн дуоһуйан тарҕастылар.
СӨ Киин бибилэтиэкэтин биир тэрээһинэ ити курдук истиҥ-иһирэх быһыыга-майгыга, бу эрэ түгэҥҥэ манна баар буолуохтаах дьону кытары бириэмэ ырааппытын умуннарардыы элэстэнэн ааста.
Онтон эн, күндү ааҕааччы, маннык сырдык тыыннаах кинигэни мүччү тутума, тускар туһан!
Августина ХАБАРОВА
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…