“Айархаан” бөлөх Турцияҕа Арассыыйа култууратын күннэригэр кытынна
“Айархаан” этно-бөлөх бэҕэһээ, сэтинньи 27 күнүгэр, Турцияҕа Анкара куоракка Арассыыйа норуоттарын фольклорун бэстибээлигэр кытынна. Бу тэрээһини РФ култууратын министиэристибэтэ, Анкараатааҕы Арассыыйа култууратын уонна наукатын киинэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Бу күннэргэ Анкара куоракка Арассыыйа култууратын күннэрэ ыытылыннылар. Тэрээһиннэр чэрчилэринэн Арассыыйа фольклорун билсиһиннэрэр айар кэлэктииптэр кэнсиэрдэрэ буолан ааста. Саха сириттэн “Айархаан” бөлөх кэлэн кытынна.
— Арассыыйа норуоттарын култууратын бэстибээлигэр бу иккиһин кыттабыт. Былырыын Стамбулга буолбута. Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа норуоттарын фольклорнай муусукатын толорор кэлэктииптэр кэлэн кытталлар, — диэн иһитиннэрэр виртуоз-хомусчут Альбина Дегтярева.
Бэстибээл чэрчитинэн, маастар-кылаастар ыытылыннылар. “Айархаан” бөлөх кэлбит дьону хомуска үөрэттэ.
— Маастар-кылааспытыгар элбэх киһи сырытта. Анкара олохтоохторо аан бастакытын хомуһу тутан көрдүлэр, наһаа интэриэһиргииллэр. Саха уонна турок тыла майгынныыр эбит диэн этэллэр, — диэн бэлиэтиир Альбина Михайловна.
Кини бэлиэтииринэн, билигин, аан дойду үрдүнэн улахан хамсааһын бара турар кэмигэр, норуоттар, култууралар доҕордоһуулара олус улахан суолталаах.
— Мин санаабар, ордук билиҥҥи кэмҥэ, биһиги бэйэбитигэр эрэ бүгэн олорбокко, култуурабыт нөҥүө атын норуоттары кытары доҕордоһуубутун өссө күүһүрдэн биэриэхтээхпит. Хаһан баҕарар, ханнык да кэмҥэ култуура норуоттар доҕордоһууларыгар далаһа буолара, үрдүктүк сыаналанара. Арассыыйа араас эрэгийиэниттэн айар кэлэктииптэр кэлэммит тас дойдуга дойдубут хайдахтаах курдук баай, киэҥ култууралааҕын, үгэстээҕин көрдөрө-билиһиннэрэ сылдьарбытыттан биир бэйэм киэн туттабын, — диэн этэр Албина Дегтярева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: