Салгыы
Айдар Ефимов: «Буола турар байыаннай эпэрээссийэни өйүүбүн»

Айдар Ефимов: «Буола турар байыаннай эпэрээссийэни өйүүбүн»

Ааптар:
20.01.2023, 15:11
Бөлөххө киир:

“Тосту уларыйыылардаах, түһүүлээх-тахсыылаах 90-с сылларга уустук быһыыны-майгыны тус олохпутунан билбит аҕа уонна орто көлүөнэ дьон күннээҕи туттар табаартан саҕалаан, аһыыр аска тиийэ бары барыта толуонунан бэриллэр кэмнэрэ баар буола сылдьыбыттарын биһиги умнубаппыт, оннук кэм кэлбэтигэр баҕарабыт. Ол иһин үгүс дьоммут күүскэ түмсэн эрэллэрин көрөбүт. Тус бэйэм дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу бара турар байыаннай эпэрээссийэни ыытарга быһаарыныытын өйүүбүн”, — диир Абый улууһун нэһилиэнньэ харыстабылыгар социальнай управлениетын салайааччыта, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Айдар Ефимов.

— АХШ уонна арҕааҥҥы дойдулар ускайдааһыннарынан, күүстээх өйөбүллэринэн Украинаны өйүүр аатынан саптынан Арассыыйа экэниэмикэтэ, култуурата, дипломатията бөҕөргөөн иһиитин көрө олорон, ону атахтыыр сыалтан элбэх араас саансыйалары, омугу омукка иирсиһиннэрэр уодаһыннаах дьайыылары оҥортуу олоруута барыта — Арассыыйаны суулларыыга, ыһыыга туһуланарын дьон-сэргэ ырылхайдык көрө-билэ сылдьар. Дойдуну иһиттэн куорҕаллыырга санананнар, олохтоох дьону сымыйа сонуннарынан тумнаран айдааны-майдааны таһаарарга суоттаналлар. Ити дойдулар анаан үбүлээн, соруйан оҥорон ыытар албын фейк сурахтарыгар, сонуннарыгар итэҕэйии, киирэн биэрии баара хомотор. Биһиги манныкка итэҕэйиэ суох тустаахпыт. Ол туһугар дьиҥнээх кырдьыгы кэпсиир бэйэбит судаарыстыбаннай официальнай ханаалларбытын, хаһыаттарбытын көрүү-ааҕыы сөптөөх уонна сымыйа фейк сонуннары мессенджер уонна араас социальнай ситимнэр устун тарҕаппат ордук дии саныыбын.

Бу кэмҥэ ыччаттарбыт мумматтарын, сыыспаттарын наадатыгар, олоххо бигэ сүрүннээх, көрүүлээх уонна дойдуга бэриниилээх буолууларыгар иитиини, оскуоланы бүтэрээччилэри уонна эдэр исписэлиистэри өйөөһүнү күүһүрдэрбит эрэйилиннэ. Ыччат сорох өттө кыраныысса таһыгар кырасыабай кэрэ олох баарын, Америкаҕа уонна Европаҕа олоруу маннааҕар быдан үчүгэй, кинилэри онно күүтэн аҕай олороллорун курдук өйдөбүллээхтэр… Европаҕа тахсан олорон көрбүт суох эрээри, көрдөххө килэбэчигэс суу иһигэр соччо да минньигэһэ суох баар буолуон сөп. Норуокка бэргэн этии баар дии – “Ханна төрөөбүт сиргэр эрэ туһалааххын, наадалааххын” диэн. Судаарыстыбабыт төһө да саансыйа ытарчатыгар ылларан олордор нэһилиэнньэ дохуотун, социальнай туругун туспарыыны күүһүрдэр кэккэ дьаһаллары ылына олорор. Биэнсийэни, босуобуйалар араас көрүҥнэрин, ийэ хапытаалын, үлэ алын кээмэйин үрдэтии ыытыллар, социальнай суолталаах тутуулар, олорор дьиэлэр, суоллар уо.д.а. тутуллан үлэҕэ киирэллэр.

Абый “МЫ ВМЕСТЕ” ыстаап иһинэн быстах ыҥырыынан байыаннай дьайыыларга кыттар саллааттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү тэрээһиннээхтик ыытылла турар. “Своих не бросаем” аһымал аахсыйанан, дьаарбаҥканан, кэнсиэринэн биир дойдулаах саллааттарбытыгар харчы хомуйбуппут. Онон саллааттарбыт эбии экипировка уонна таҥас-сап ылыналларыгар диэн 1,8 мөл. солкуобай ыытыллыбыта. Белай Гораттан уонна нэһилиэктэртэн ичигэс таҥас хомуллан, Дьокуускайга гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа ыытыллыбыта.
Саллааттар ийэлэрин дьиэлэрин өрөмүөннээһин, иһэр уу мууһун ылыы, урбаанньыттар көмөлөрүнэн ас-үөл бородууктатын тиксэрии, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбытыттан саллааттар оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри аҕалан туттарыы курдук үлэ барбыта. Саллаат оҕото Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы айар куонкуруска кытта барарыгар айаныгар үбүнэн көмө, саллаат бииргэ төрөөбүт быраата Дьокуускайга инбэлиит оҕолору чөлүгэр түһэрэр Кииҥҥэ барыытын тэрийиигэ көмөлөһүү уо.д.а. курдук, саллааттары суохтаппат үлэ күннэтэ бара турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: