Суол быһылааныгар оҕо эчэйдэ

Share

Бэҕэһээ 17:35 ч. Миирнэй улууһугар Айхалга Сэбиэскэй уонна Промышленнай уулуссаларын быһа охсуһуутугар «Nissan X-Trail» массыынаны ыытан испит 58 саастаах суоппар «Toyota Corolla Fielder» массыынаҕа суолу туораан биэрэр быраабыланы кэһэн, аһардыбатах.

Массыына харсыһыыта тахсыбатын курдук, 36 саастаах «Toyota Corolla Fielder» суоппара уҥа диэки эрийэ тутан, суолтан туораан, уот лииньийэтин баҕанатыгар түспүт, ол түмүгэр кини уонна 6 саастаах оҕото эмсэҕэлээбиттэр. Кинилэргэ амбулаторнай эмтэнии анаммыт.

Суоппардар иккиэн сөптөөх категориялаах бырааптаахтар, суол-тырааныспар быһылаанын кэмигэр арыгы испэтэхтэр, харыстыыр быанан баанан олорбуттар. Оттон оҕо улаханнык эчэйиэҕин, анал кириэһилэҕэ бааллан, тутуллан олорбут.

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Уопсастыба

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: бэс ыйын 6-13 күннэрэ

Сулустар тугу кэпсииллэр? Астрологтар туох диэн билгэлииллэр? ХОЙ Барыылаах-кэлиилээх, тэтимнээх нэдиэлэ үүммүт. Арыый уоскуйа түһэр…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суох иһитиннэриигэ итэҕэйимэҥ

Соторутааҕыта Саха сириттэн  200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын  курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…

11 часов ago
  • Сонуннар

Экологтар субуотунньуктаатылар

Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ Раиса Иванова 45 сыл устата бэтэринээрдиир

Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйа харыстабылын өссө аҕыс бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа

Саха сиригэр  доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ бөдөҥ эбийиэктэрэ тэтимнээхтик…

13 часов ago
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Саха сирэ быйыл үөрэнээччилэр олимпиадаларынан Арассыыйаҕа 24-с миэстэҕэ тахсыбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын федеральнай эриэйтинигэр Саха сирэ быйыл Арассыыйаҕа 72-с миэстэттэн 24-с миэстэҕэ тахсыбыт.…

13 часов ago