Айхал Габышев: “Норуот олоҕун уйгута – бу бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн”

Айхал Габышев: “Норуот олоҕун уйгута – бу бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн”

15.12.2023, 09:59
Хаартыска: А.И. Габышев тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Биһиги, аҕалар бигэ уонна толору дьиэ кэргэнтэн ордук суолталаах туох да суох диэн бигэтик этэбит! Билигин дьиэ кэргэни өрө тутуу идеологиятын, Арассыыйа норуотун национальнай идиэйэтин киллэриигэ саамай тоҕоостоох кэм”, — диэн “СӨ Аҕаларын түмсүүтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эрэгийиэннээҕи сэбиэтин чилиэнэ Айхал Габышев этэр.

Биһиги бэрэсидьиэммитинэн киэн туттабыт. Арассыыйа дьиэ кэргэттэрэ Путиҥҥа итэҕэйэллэр уонна тапталлаах дойдубут салгыы сайдарын, дьиэ кэргэн үтүө туруктаныытын туһугар буолаары турар быыбарга чопчу кинини өйүөхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрэ. Биһиги дойдубут дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөн, сыаннаһын тарҕатан улуу дойду буолла диэн этэр.

“Патриотизм уонна төрөөбүт дойдуга таптал бигэ туруктаах дьиэ кэргэнтэн саҕаланар диэн бигэ эрэллээхпин! Бигэ туруктаах ыал – бу судаарыстыба бүттүүн сайдыытын акылаата! Ыал дьиҥнээх аҕа баһылыктара уонна иэримэ дьиэ Далбар Хотуттара иитиллэн тахсалларын, ыал элбэх оҕолонорун уонна дэлэгэйдик, эрдии ойохтуу буолан олороллорун туһугар дьиэ кэргэни дьоһуннаахтык өйүүр, бөҕөргөтөр ирдэнэр.

Дойду баһылыгын  быһа лииньийэтэ уонна пресс-кэмпириэнсийэтэ саамай тоҕоостоох кэмҥэ ыытылынна. Биһиги сыыйа хас даҕаны күүс холбоһуутугар (многополярный мир) баран эрэбит, манна тапталлаах дойдубут — улуу Арассыыйа сүрүн кииннэртэн биирдэстэринэн буолуоҕа уонна Арассыыйаны кытта доҕордуу дойдулары кытта норуоттар икки ардыларынааҕы саҥа систиэмэни оҥорон таһаарыахпыт.

Бэрэсидьиэммит Владимир Путин ис уонна тас бэлиитикэҕэ бэйэтин соруктарын хайдах көрөрүн хорсуннук уонна чопчутук бэлиэтээтэ. Биэрбит ыйытыыларыгар бэрэсидьиэн истиҥ хоруйуттан үөрдүм”, — диэн санаатын үллэстэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: