Саха сирин тутааччыларын Ассоциациятын генеральнай дириэктэрэ, СӨ «Аҕалар лигаларын» бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев санаатын үллэһиннэ:
— Бэҕэһээ, ахсынньы 22 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев сылы түмүктүүр Анал этиитигэр үүнэр 2024 сылы Оҕо саас сылынан биллэрдэ. Арассыыйаҕа үүнүөхтээх сылы дойду бэрэсидьиэнэ Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Онон Ил Дархаммыт быһаарыыта мындыр толкуйтан уонна дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин үйэтитэр сыаллаах, ийэ, аҕа оруолларын өйүүр, оҕолорго болҕомто уурар соруктаах быһаарыы диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ил Дархаммыт чахчы мындыр быһаарыыны ылынна. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэҥҥэ элбэх оҕо — Арассыыйа инникитэ, устуоруйа ситимэ диэн этэр. Дьиэ кэргэн сыаннастарын, үгэстэрин пропагандалааһын судаарыстыба сүрүн соруктара буолаллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕолордоох дьиэ кэргэттэри өйүүр, кинилэргэ болҕомто уурар. Кинилэри социальнай өттүнэн өйөөһүн сыл ахсын улаатан иһэр. Саха сиригэр Оҕо саас сыла демография бэлиитикэтигэр, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин үйэтитиигэ бэйэтин кылаатын киллэриэҕэ. Толору, тирэхтээх дьиэ кэргэнтэн ураты суолталаах туох даҕаны суох диэн биһиги, аҕалар этэбит. Билигин дьиэ кэргэн идеологиятын сыаннастарын сайыннарыыга саамай тоҕоостоох кэм. Биһиги аан бастаан уол оҕо күнүн бэлиэтиир буолбуппутунан киэн туттабыт. Бу күн муус устар иккис баскыһыанньатыгар түбэһэр. Бу сыл ыам ыйыгар уол оҕо күнүгэр анаан өрөспүүбүлүкэбит аҕа баһылыгын кубогар «Уол оҕо күрэҕэ» диэн успуорт күрэхтэһиитэ ыытыллыбыта. Ону сэргэ сыл ахсын, номнуо 24-c төгүлүн «Аҕа күрэҕэ» ыытыллар. Оҕо сааска анаммыт сылга бу тэрээһиннэргэ болҕомто уонна күрэхтэһиилэр таһымнара өссө улаатыаҕа.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…