Айхал Габышев: «Тутааччылар түмсүүлэрин үтүө суобастаах үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар салҕаныаҕа диэн эрэнэбин»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитин туһунан Саха сирин Аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта, Саха сирин тутааччыларын түмсүүтүн салайааччыта Айхал Габышев санаатын үллэһиннэ:

— Арассыыйа Уһук Илинтэн саҕаланар. Оттон Уһук Илин сирин-уотун улахан аҥаарын биһиги өрөспүүбүлүкэбит  ылар. Онон биһиги, саха дьоно-сэргэтэ модун Арассыыйа сайдыытыгар улахан эппиэтинэһи сүгэбит. Улаханнык долгуйан туран, СӨ Аҕа баһылыгын Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ сэттис туһаайан этиитин иһиттим. Бу этиигэ буоларын курдук өрөспүүбүлүкэбит бары хайысхата болҕомтото суох хаалбата. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба сааһыламмыт чопчу үлэлэрин түмүгэ — Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы миэстэни ылар. Росстат дааннайынан, Уһук Илиҥҥэ ыытыллар тутуулар чиэппэрдэрин  биһиги өрөспүүбүлүкэбит ылар. Сүрүн болҕомто арктическай оройуоннар сайдыыларыгар ууруллар. Тыа хаһаайыстыбатыгар да, о.д.а хайысхаларга сайдыы тэтимэ тохтообот.

Үүнэр 2025 сыл иһитиннэриитин өйүүбүн. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрилиннэ. Дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар үлэлэһэбит, сүрүннээн олох хаачыстыбатын тупсуута — култуура, үөрэхтээһин аныгылыы эбийиэктэрин тутуу, дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга эйгэни үөскэтии, инфраструктура сайдыыта уонна чэпчэки сыаналаах дьиэ-уот тутуута буолар. Эрэнэбин, СӨ тутааччыларын үтүө суобастаах үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар салҕаныаҕа.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Владимир Путин: «Байыаннай дьайыылар хаһан бүтэллэрин эрдэттэн таайар уустук»

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр РФ байыастара дьоруойдуу охсуһалларын бэлиэтээн эттэ…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин: «Фронт бары лииньийэтинэн кимэн киирии барар»

Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтигэр ТАСС суруналыыһа анал байыаннай дьайыы билиҥҥи хаамыытын хайдах сыаналыыгын, Кыайыы төһө чугаһый…

19 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэн Курскай уобаластан киирбит ыйытыыга хоруйдаата

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн үгэскэ кубулуйбут пресс-кэмипириэнсийэтин кытта сыл түмүгүн таһаарар. Киирбит ыйытыылар баһыйар…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин: «Үлэтэ суох буолуу муҥутуур намыһах көрдөрүүлээх — 2,3%»

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ саҕаланна.  Быйыл ыйытыылары түмэргэ аан бастаан "Сбер" "Гига чат" Оҥоһуу…

39 минут ago
  • Сонуннар

Валерий Николаев: «Ил Дархан соруктарын толорууга күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит»

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэннэ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев…

40 минут ago
  • Сонуннар

Мария Борисова: «Хаачыстыбалаах хонтуруол наада»

РФ үп-харчы үлэтин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна,…

57 минут ago