Аймалҕаннаах кэмҥэ  хайдах уоскуйуохха?

Share

Быстах хомуур, байыаннай балаһыанньа… Бүтүн Арассыыйа түрбүөн  туругар уонна … үчүгэй сонуннары  күүтүү кэмигэр олорор. Күммүт-дьылбыт тэтимнээхтик уларыйа турар. Маннык бүтэйдии дьиксинии кэмигэр  айманыыны  уонна долгуйууну кытта хайдах охсуһар туһунан Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психологтара кэпсээтилэр:

​Виктория Филиппова, диспансер килииничэскэй психолога:

— Дойдубутугар буола турар кэнники түгэннэр хас биирдии киһиэхэ араастык дьайалларын  бэлиэтии көрүөххэ сөп.  Сорохтор, чуолаан, хаһан эрэ чугас дьоннорун сүтэрбиттэр, ордук долгуйаллар, синнэригэр түһэллэр. Түмүгэр ити барыта үөйбэтэх-ахтыбатах дьайыыларга, кырыктаах буолууга, доруобуйа уопсай туруга мөлтүүрүгэр уонна арыгыны сиэри таһынан иһиигэ тириэрдиэн сөп. Ону таһынан  уйулҕа  хамсыан сөп. Итинник дьон  таһыттан көмүскэллэрэ кыра буолан, куһаҕан санаалаах дьон  сабыдыалыгар киирэн биэриэхтэрин сөп.

Иккиһинэн, уйан дьон уйулҕата хамсыан сөп. Кинилэр тас эйгэттэн көмүскэллэрэ кыра, ол иһин,  араас куһаҕан санаалаах (токсичнай) дьон сабыдыалларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Өйдөрүгэр  буолары-буолбаты оҥорон көрөн, долгуйууларын уонна айманыыларын  өссө дириҥэтэн, күүһүрдэн биэрэллэр.

Кимтэн да, туохтан да бигэ тирэҕи ылбат буоллахха, хайдах буолуохха? Бастатан туран, санааларгын сааһыланыахха, уоскуйуохха наада. Балаһыанньаны хайдах баарынан ылынан, ол гынан баран, тулабытыгар туох буола турарын биһиги уларытар эбэтэр хонтуруоллуур кыаҕа суохпутун өйдүөххэ наада. Биһиги баар балаһыанньаҕа  бэйэбит сыһыаммытын эрэ уларытыахпытын  уонна бэйэбит турукпутун харыстыахпытын сөп.

Хорсун санаалана сатааҥ. Аҕа дойду Улуу сэриитин,  бастатан туран, дойдуга бэриниилэринэн уонна бэйэлэрин кыана туттунууларынан тыыннаах хаалбыт биһиги өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын санааҥ.

Быстах хомуурга  чугас киһигин ыҥырбыт буоллахтарына, тугу гыныахха?

— Хомуурга ыҥырыллыбыт дьон үксэ,  бастатан туран, бэйэлэрин тустарыгар буолбакка, биллибэт кэмҥэ өйөбүлэ суох хаалар чугас дьоннорун туһугар долгуйаллар. Ол иһин, сүрүнэ – эйиэхэ  билигин хайдах курдук ыараханын, инники олохтон куттанаргын уонна долгуйаргын биллэримэ.

—  Кэрэ аҥаар итэҕэлэ уонна таптала бу олоххо  дьиктиттэн дьиктини оҥорор айылгылаах. Уустук соругу бэйэлэригэр ылыммыт эр дьоҥҥут санааларын көтөх уонна кинилэргэ эрэнэргин биллэр.

— Бэйэҕэр бүгэн хаалбакка,  эйигин  өйүүр-өйдүүр дьону кытары алтыс. Санааларгын, туох долгутарын чугас дьүөгэлэргин, уйулҕа үөрэхтээҕин  кытары үллэһин. Оччотугар баар балаһыанньаны таба өйдүөҥ уонна куттанарыҥ, айманарыҥ биллэ аҕыйыа.

— Атын киһиэхэ аһыллыаххын уонна киниэхэ бэйэҥ кыһалҕаҕын соҥнуоххун баҕарбат буоллаххына, туохтан куттанаргын уонна муунтуйаргын кумааҕыга суруй. Онтон тугу суруйбуккун ырыта, анаалыстыы сатаама. Өссө атын тугу да суруйарыҥ суох буоллаҕына,  суруйбут кумааҕыгын хайа тардан баран, суох гын. Маннык ньыма баттык буолар санааларгын-оноолоргун чэпчэтэр, куһаҕантан ыраастыыр.

— Кыаллар буоллаҕына, күннүктэ оҥоһун. Тугу саныыргын, санааҥ уларыйыытын  тиһигин быспакка суруйа сылдьар буоллаххына, эн кутталгын уонна туохха барытыгар ээл-дээл сыһыанҥҥын  аҕыйатыа.

— Олоҕуҥ тохтоон  хааларын курдук сананыма, урукку күннээҕи түбүктэргинэн уонна  дьыалаларгынан олор. Эн соругуҥ –чугас киһигэр эрэллээх тыылы оҥоруу, ону олоҕуҥ сыала-соруга оҥоһун.

— Хомойуох иһин, сорох дьон арыгылаан уйулҕабытын уоскутабын, долгуйарбытын суох оҥоробут диэн быстах санааҕа ыллараллар. Арыгы, баҕар, аан бастаан санааҕын сайҕыыр курдук буолуо, ол гынан баран, арыгы көмөтүнэн босхолоно сатаама, онто да суох ыарахан туруккун дириҥэтимэ.

— Быраас анааһына суох уоскутар эмтэри иһэ сатаама. Доруобуйаҕар кутталлаах буолуон сөп.

— Бэйэҕин кыана туттар  ыараханын билиннэххинэ, уйулҕа үөрэҕин исписэлииһиттэн сүбэтэ-амата ыл.

Анна Ксенофонтова, диспансер килиниичэскэй психолога:

— Айманыы  диэн дьиҥэр, инникитин туох буолуохтааҕын ыраҥалаан көрүү. Ол эрээри,  инникини былааннааһынтан уратыта диэн, киһи наар туохтан эрэ долгуйа сылдьар уонна куһаҕан санааларга кэлэ турар. Наһаа айманар, уолуйар буоллаххына, куһаҕаны эрэ кэтэһэр турукка киирэҕин, баар балаһыанньаны кыайыам суоҕа диэн куттанаҕын.  Итинник буолар! Ол гынан баран,  ити барыта эккэр-сииҥҥэр эмиэ дьайар. Быччыҥнарын хам туталлар, сатаан сынньаммат, түргэнник сылайар, утуйбат уо.д.а. буолуоххун сөп.

Итинник турукка киирбэт туһугар тугу гыныахха?

Бастатан туран, дьиксинэр, айманар бириэмэҕин аҕыйата уонна маннык  быраабылалары тутуһа сатаа:

—  Куһаҕан сонуннары истэргин-көрөргүн кылгас да кэмҥэ тохтот.  Холобур, аймана түһэргэ кыра бириэмэтэ анаа, онтон атын кэмҥэ бэйэ бодоҕун тардына сатаа.

— Сонуннары бэрэбиэркэлэммит эрэ источниктартан истэ сатаа.

-Уустук балаһыанньаттан тахсарга урукку уопуккар тирэн.

-Успуордунан дьарыктан, сөпкө тыынар эрчиллиилэри оҥор, бассейҥҥа сырыт.

— Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытары алтыс, ол эрээри, кинилэри наһаа аймаама, харыстаа. Эбэтэр бэйэҥ курдук турукка сылдьар дьоннуун бөлөхтө тэриниҥ.

— Сүрүнэ – сүрүн болҕомтоҕун  күннээҕи түбүккэ: үлэҕэр, дьиэҕэр-уоккар, оҕолоргор уур. Күннээҕи эрэсиимҥин тутус.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago