Бүгүн билиһиннэрэр киһим худуоһунньук, AINAKURTZ soulmate (hjlcndtyyst leib) таҥас брендынан дьарыктанар, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх, айар-тутар Айна Куртц буолар. Кини “Кындыкаан” айар түмсүү «100 аахсыйа» сүрүннээччитэ. Ону сэргэ MuusuSTAR ыччат бэстибээлигэр EGS трек чэрчитинэн экологическай аахсыйаны тэрийбиттэрэ. Аахсыйаларын кинилэр Саха АССР 100 cылыгар анаабыттара. Айна олоххо аныгылыы, көҥүл көрүүлээх киһи. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.
— Мин оҕо сааһым Дьокуускайга ааспыта. Кыра сааспыттан үҥкүүгэ, оригами, уруһуй куруһуогар, оннооҕор артыыс маастарыстыбатыгар кытта дьарыктаммытым. Тугу барытын интириэһиргиирим. Оҕо сааспыттан көҥүллүк улааппытым. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар барытыгар тэҥҥэ, холкутук сыһыаннаһар этим. Гитараҕа, фортепианоҕа оонньуу үөрэммитим. Уруһуй кууруһугар уонна сатаан кэпсэтэр дьоҕуру сайыннарар куруһуокка Авдеева аатынан оҕо дьыбарыаһыгар сылдьарым. Дьиктитэ, оҕо сааспыттан мин доҕотторум уйулҕа үлэһиттэрэ этилэр, онон олоххо көрүүбэр кинилэр оруоллара эмиэ улахан.
— Оҕо эрдэххиттэн уруһуйдуугун дуо? Талааҥҥын дьонуҥ хайдах ылыммыттарай?
— Дьиэ кэргэним туһунан кэпсиир буоллахха, аҕам тыа сириттэн төрүттээх, үс үрдүк үөрэхтээх, наһаа үлэһит, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибит киһи. Оттон ийэм – мин музам. Кини мин ырыаны истэр дьоҕурбун уһугуннарбыт киһи буолар. Биһиги дьиэбитигэр өрүү муусука баар буолара. Алла Пугачева, Витас онтон да атын ырыаһыттар ырыалара өрүү холбонооччулар. Саха киһитэ барыта илиитигэр талааннаах дииллэр. Ол да иһин эбитэ дуу, уруһуйдуур дьоҕурбуттан дьонум соһуйбатахтара. Тоҕо диэтэххэ, ийэм ыллыыра, иистэнэрэ, оннооҕор түүлээҕи кытта тигэргэ холоноро. Ыал улахан оҕото буоламмын эппиэтинэһи сүгэ улааппытым. Кыра сааспыттан наһаа дьоһуннаах үһүбүн. Бэйэм балыктыы, ыппын кытта көҥүл күүлэйдии барар этим. Эрдэҕэс сааспар ордук бөлөһүөктээһини, уйулҕаны үөрэтиини уонна физиканы наһаа интириэһиргиирим. Миигин төрөппүттэрим хааччахтаабыттарын өйдөөбөппүн. Көҥүл оҕо айарга-тутарга аана аһаҕас буолар эбит. Ол да иһин кыра сааспыттан дьоҥҥо аһаҕас, судургу сыһыаны ордоробун. Оҕо олоххо суолун-ииһин, бэйэтэ сөбүлүүр дьарыгын буларыгар төрөппүт оруола улахан дии саныыбын.
— Тус быыстапкаҕын тэрийэ сылдьыбытыҥ дуо?
— Тус быыстапка диэн ханнык баҕарар уруһуйдуур, айар үлэнэн дьарыктанар киһиэхэ улахан суолталаах. Тус быыстапкалары тэрийбитим эрээри, уруһуйдарбын барытын бииргэ холбоон, анаан быыстапка туруора иликпин. Үлэлэрбин тиэмэлэринэн араартаан, тус, ис эйгэ, бэйэҕэ таптал, чугас дьоҥҥо харыстабыллаах сыһыан курдук тиэмэлэргэ туруортуу сылдьыбытым. Былырыын бэс ыйыгар «Крыша» эрэстэрээҥҥэ манекеннарынан истиэнэ оҥорон бэйэҕэ уонна чугас дьоҥҥо харыстабыллаах сыһыан тиэмэтигэр уруһуйдарбын бар дьон сыанабылыгар таһаарбытым. Онтон ити сыл кыһыныгар “Парабокалов” эрэстэрээҥҥэ винонан уонна кофенан уруһуй маастар-кылааһын кытта мин бренд-таҥастарбын көрдөрбүтүм.
— Саамай киэн туттар, астынар үлэҥ?
— Айар үлэм сакааска дьон мэтириэтин уруһуйдааһынтан саҕаламмыта. Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ дьиҥ олоххо баары аҕыйахтык көрдөрөбүн. Ордук абстрактность диэни көрдөрө сатыыбын. Үлэлэрбиттэн киэн туттуум – бэйэм мэтириэппин уруһуйдаабытым буолар. Киһи олоҕор хас да мөссүөннээх. Бу хартыына мин олох араас түгэннэригэр хайдах уларыйарбын көрдөрөр. Хас биирдии худуоһунньук хартыыналарыгар бэйэтин эйгэтин, толкуйун, олоххо көрүүтүн, сыһыанын ойуулуур. Мин ордук Морис Вламинк, Клод Моне, Рене Магритт, Матисс, Экстер айар үлэлэрин астынабын.
— Билигин тугу айа-тута сылдьаҕын?
— Мин билигин таҥас брендынан дьарыктанабын. Идиэйэни испэр иитиэхтии сылдьан баран, икки сыллааҕыта олоххо киллэрбитим. Оруобуна хамсык иннинэ барытын бэлэмнээбитим. Таҥастарым брендын айарбар ис дууһабын, санаабын барытын уурбутум. Таҥастарым дууһалаах, дьон сүрэҕин иһинэн киириэхтэрин баҕарарым. Ол иһин AINAKURTZ soulmate (hjlcndtyyst leib) диэн ааттаабытым. Сахалыы тылбааһа – аймахтыы дууһалар диэн. Soulmate – диэн киһи ис иэйиитин, тапталын, эрэлин тиэрдэр көрүҥэ. Олоххор суолталаах дьоҥҥо иэйиини тиэрдии диэххэ сөп. Билигин таҥас брендын уруһуйдуубун. Мин айбыт таҥастарбын дьиэ кэргэттэр хото ылаллар. Хас да таҥас көрүҥэ тас дойдуларга тиийбиттэрэ. Онно анаан сакаастыыр дьоннордоохпун. Сөбүлээн атыылаһар, таҥнар буоллахтарына, ол аата дьон интириэһин тардар дии саныыбын. Таҥас – киһи этигэр-сиинигэр эрэ анаан буолбакка, аан бастаан киһи сүрэҕин иһинэн киирэр, дууһатын үөрдэр буолуохтаах. Ол аата мин айар үлэм дьоҥҥо оннук дьайар, туох эрэ санааны үөскэтэр диэн түмүккэ кэлэбин.
Араспаанньа оруола
— Куртц диэн бэйэҥ ылыммыт араспаанньаҥ дуо?
— Араспаанньа – ханнык баҕарар омук култууратыгар киһи туох төрүттээҕин, кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын туоһулуур. Ол эрээри мин бэйэм тус суолбунан айанныырга быһаарыммытым. Бэйэм испэр, олохпор үөскээбит санааттан Kurtz айана — кылгас диэн суолталаах. Ол эбэтэр олох түгэннэрэ кылгастар, наһаа түргэннэр. Онон киһи баар бириэмэни сыаналыы үөрэнэригэр тоҕоостоох. Биһиги устуоруйаҕа дьайабыт, устуоруйа биһиги олохпутугар эмиэ дьайар. Көлүөнэлэр солбуһаллар. Бу санааны оҕолорбор тиэрдэр санаалаахпын. Кэрэни кэрэхсии уонна устуоруйаны ытыгылыахтарын баҕарабын.
— Айар үлэҥ таһынан тугунан дьарыктанаҕын?
— Мин үөрэхпинэн муусука учуутала буолабын. Биэс сыл устата үөрэммитим. Билигин уйулҕа үөрэҕин факультетыгар киирэн эрэбин. Маны сэргэ уопсастыбаннай олоҕунан эмиэ дьарыктанабын. “Кындыкаан” айар бөлөҕүн «100 аахсыйатын» сүрүннээччитэбин. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолорун уруһуйдарын, хартыыналарын киэҥ эйгэҕэ таһааран атыылыыр “Остуоруйаны уруһуйдаа” диэн аахсыйа салайааччыта уонна ааптара буолабын. Бу аахсыйабытыгар атыыламмыт хартыыналары урбаанньыттар, Дьокуускай аҕа баһылыга, кини солбуйааччыта, пресс-сулууспа үлэһиттэрэ атыыласпыттара. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Ойуур волонтердара» диэн экологическай аахсыйа координаторабын.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…