Билии күнүн көрсө Нам улууһун I Хомустаах оскуолатын устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар кыайыылааҕа, кыттыылааҕа Айсен Кейметиновы кытта устуоруйа биридимиэтин, саҥа уларыйыылар, учуутал хамнаһын, аптарытыатын, эдэр исписэлииһи көҕүлүүр миэрэлэр, о. д.а. суолталаах боппуруостар тула кэпсэттибит.
СЭБЭЭН КҮӨЛТЭН
— Айсен Иннокентьевич, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар. Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
— Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүттэн төрүттээхпин, оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым онно ааспыта. Сэбээн Күөл — Кэбээйи улууһун Дьааҥы хайатыгар турар саамай уһук, хотугу, уустук сырыылаах дэриэбинэтэ. Төрүт тыллаах оскуола буолан саха тылын оннугар эбээн тылын үөрэппиппит. Математикатааҕар устуоруйа, обществознание уруоктарын сөбүлүүрүм. Биир кэлим эксээмэҥҥэ бу биридимиэттэри талан ситиһиилээхтик туттаран, 2010 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устуоруйаҕа бакылтыатыгар киирбитим.
ЭДЭР УЧУУТАЛ
— Үөрэҕиҥ кэннэ ханна үлэлээбиккиний? Тоҕо учуутал идэтин талбыккыный?
— Амма улууһун Покровка оскуолатыгар быстах кэмҥэ учууталы солбуйбутум. Үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, учууталлар уопсайдарыгар олохтообуттара. Эһиилигэр үөрэммит оскуолабар Сэбээн Күөлгэ эмиэ быстах кэмҥэ учууталга наадыйалларын истэн тиийбитим. 2017 сылтан Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгэр устуоруйа, обществознание учууталынан үлэлиибин. Кырдьыгын эттэххэ, элбэх учуутал да инньэ диир, учуутал буолар баҕам суоҕа. Илиибэр дьупулуомнаах уонна устуоруйаны сэҥээрэр киһи быһыытынан идэбинэн оскуола диэки барарга санаммытым. Билигин даҕаны иллэҥ кэм, быыс-арыт көһүннэр эрэ кинигэлэри көрөттүүбүн, хасыһан, иҥэн-тоҥон ааҕабын.
Умсугуйан туран бултаабаппын, кустаабаппын. Онон иллэҥ кэммэр кинигэ ааҕабын, киинэ көрөбүн. Баҕар, ыал эбитим буоллар интэриэһим атын буолуо эбитэ дуу…
КУОНКУРУСТАРГА КЫТТЫЫ
— “Сыл учуутала” куонкуруска кыттыбыккын билэбин? Хайдах саҕаламмытай?
— I Хомустаах оскуолатыгар кэлэн эрэ баран куонкурустарга кыттар буолбутум. Куораттан чугас, улуус олохтоохторо, кэлэктиибим олус көхтөөхтөр. Манна кэлбит бастакы сылбар Нам улууһун “Эдэр педагогтар методическай турнирдарыгар” улуустааҕы хамаанданан куонкуруска кытыннарбыттара. Салгыы улуус хамаандаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр киирбиппит. Онно биһиги хамаандабыт кыайыылааҕынан тахсан, салгыы түөрт учууталы Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска ыыппыттара. Дойду таһымнаах куонкуруска аан бастакы сүрэхтэниим этэ. Миэстэлэспэтэрбит да, куонкурус диэни биһирии көрбүтүм.
Онтон 2019 сыллаахха С. К. Макаров аатынан Чурапчы улууһун гимназията ыытар “Эр дьон ортотугар устуоруйа бастыҥ учуутала” куонкуруска кыттан бастаабытым. Ити сыл Нам улууһугар ыытыллыбыт аһаҕас уруоктар куонкурустарыгар үһүс миэстэлэммитим. Оскуолабытыттан куонкурустарга элбэх учуутал кыттар, мин эрэ буолбатах. Эдэр педагогтары олус өйүүллэр. Куонкурустарга аат-суол туһугар буолбакка, биир идэлээхтэрим оҕону үөрэтиигэ, уруокка туһанар ньымаларыгар, албастарыгар үөрэнээри кыттабын. Учуутал ити курдук тэрээһиннэргэ сылдьан үгүс идиэйэни иҥэринэр, саҥа сатабылларга уһуйуллар. Быйыл “Сыл учуутала” куонкуруска Нам улууһуттан иккиэ буолан киирбиппит. Миэстэлэспэтэҕим эрээри, атын учууталлар ыытар аһаҕас уруоктарыгар, эбии куурустарга хото сылдьыбытым.
ОҔО УОННА УСТУОРУЙА УРУОГА
— Атын биридимиэттэрдээҕэр, холобур, математикаҕа, нуучча тылыгар тэҥнээтэххэ устуоруйа уруога төһө суолталаах дии саныыгын?
— Бу сүрүн, бу иккис суортаах диэн биридимиэттэри хаһан да араарбаппын. Уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар биридимиэт барыта суолталаах, оҕо бары өттүнэн, эргиччи сайдыылаах тахсыахтаах, быһаарсар буолуохтаах. Сорох оҕолор: “Былыр сах, тыһыынчанан сыл анараа өттүгэр өлөн хаалбыт дьону үөрэтэр биһиэхэ туохха нааданый?”, — диэн аһаҕастык ыйытааччылар, этээччилэр. Ону быһааран биэрдэххэ өйдүүллэр.
Устуоруйаны таһынан биһиги обществознаниены үөрэтэбит. Мин көрдөхпүнэ, обществознание оҕолор күннээҕи олохторугар быдан чугас, туһалаах, көмөлөөх. Экэниэмикэ, сокуон, быраап, бэлиитикэ, үп-харчы барыта киирэр.
— Биир кэмҥэ устуоруйаны биир кэлим эксээмэҥҥэ булгуччулаах биридимиэттэр кэккэлэригэр киллэриэххэ дии сылдьыбыттара.
— Билигин даҕаны дөрүн-дөрүн оннук кэпсэтиилэр бааллар, быстах кэмҥэ тохтоттулар быһыылаах. Биллэн турар, булгуччулаах оҥордохторуна оҕолорго маҥнай утаа уустук буолуо. Биир кэлим эксээмэни суох гыналлар үһү диэн куйаар ситимигэр элбэхтик ааҕабын. Тустаах эксээмэни суох гынар туһунан кэпсэтии барбат, көннөрү кээмэйин (формат) эрэ уларытан биэриэхтэрин сөп.
Биир кэлим эксээмэн итэҕэстэрдээх. Ол эрээри, үтүө өрүттэрэ оннооҕор өссө элбэх. Олортон биирдэстэринэн, холобур, БКЭ киириэҕиттэн үгүс тыа оҕото дойду киин үрдүк үөрэҕэр хото туттарсыыта. Ол гынан баран, итэҕэстэрин эмиэ суох оҥорор киһи бэртэтэ. Холобур, эксээмэҥҥэ устуоруйаны, обществознание талбат оҕо саамай билиитин чиҥэтэр, хатылыыр кэмигэр, 10-с кылаастан тустаах биридимиэккэ номнуо ыһыктынан барар.
— Эн хаһыс кылаастары үөрэтэҕин? Эксээмэҥҥэ устуоруйаны, обществознаниены төһө талаллар? Көрдөрүү хайдаҕый?
— Оскуолабар соҕотох устуорукпун. Онон 5–11 кылаас оҕолорун барыларын үөрэтэбин.Былырыын обществознаниены аҕыс, устуоруйаны түөрт оҕо талбыта. Ол иннинээҕи сылларга туһааннааҕынан икки, түөрт оҕо туттарбыттара. Обществознание үөрэххэ киирэргэ элбэх хайысхаҕа ирдэнэр буолан, талааччы да онуоха ханыылыы. Быйыл көрдөрүү үчүгэй. Биллэн турар, кыра баалга да туттарааччылар бааллар. Устуоруйа бакылтыатыгар былырыын биир үөрэнээччим киирбитэ.
— Эн санааҕар, устуоруйаҕа үөрэх кинигэтин уларытар, олох ирдэбилинэн саҥардар ирдэнэр дуо?
— Саҥардар туһунан кыһалҕа турбута быданнаата. Биир кэлим (единэй) үөрэх кинигэтэ суох. Сүрүннээн үс линиэйкэ баар: “Русское слово”, “Просвещение”, “Дрофа”. Дойду үрдүнэн үөрэх бырагыраамата баар. Онно хаһыс кылааска, ханнык тиэмэни барыахтаахтара ыйыллар, үөрэх кинигэтэ онон оҥоһуллар. Бырагыраамабытынан урут 5–9 кылаастарга саҥа тиэмэни барытын үөрэтэн баран, 10–11-с кылаастарга хатылааһын курдук этэ. Билигин оннук буолбатах, 5–11-с кылааска хатылааһына суох саҥа тиэмэни үөрэтэллэр. Ол оннугар 20-с үйэни үөрэтиини уһатан, чиҥэтэн биэрбиттэр. Саҥа ыстандаартынан (ФГОС) үөрэх кинигэтин испииһэгин кыратык уларыталлара буолуо. Тоҕо диэтэххэ, сороҕо ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолуон сөп.
САҤА УЛАРЫЙЫЫЛАР
— Быйылгыттан “Тулалыыр эйгэ” уруок иһинэн маҥнайгы кылаастан оҕолор устуоруйаны кытта сыыйа билсэн барыахтара дииллэр. Бу хайдах, төһө көдьүүстээх буолуой?
— Кырдьыгын эттэххэ, былыргы олоҕу кэпсээһин эҥин курдук уруккуттан даҕаны баар этэ. Оҕо устуоруйаны билиэхтээх, тус бэйэм биһирии иһиттим. Саамай сүрүнэ бырагыраамаҕа тугу киллэрбиттэриттэн, ону хайдах тиэрдииттэн тутулуктаах.
— Итини сэргэ, былааҕы нэдиэлэ аайы көтөҕөн, Өрөгөй ырыатын нэдиэлэ аайы толорон, дойду бэлиэтин төттөрүтүн намтатан кэбиһиэхтэрэ дииллэр. Эн санааҥ хайдаҕый манна?
— Патриотизм, сиэр-майгы, экология, о. д.а. тиэмэлэринэн “Суолталааҕы кэпсэтии” (“Разговоры о важном”) диэн кылаас чаастара ыытыллыахтара диэтилэр. Кылаас салайааччылара тугу кэпсиэхтээхтэрин номнуо билэллэр, бэлэм тиэмэ, ыйынньык баар. Ис хоһоонун көрүөххэ наада, бастакы сыл түмүгүнэн кэлэр сылга эбии ситэрэн-хоторон биэрэллэрэ буолуо. Тустаах тиэмэлэринэн кылаас чаастара бу да иннинэ ыытыллаллара. Быйылгыттан дойду үрдүнэн биир сүнньүлээх барыытын тэрийэллэр.
Онтон былааҕы, Өрөгөй ырыатын субу-субу көрөн, истэн хал буолар, кэлин күннээҕи көстүү, көннөрү фон курдук ылынар, улаханнык аахайбат буолуохтарын эмиэ сөп. Ону ис дьиҥин көрбөккө тас форматын эрэ батыспат ордук, сөпкө киллэрэр, туох эрэ бэлиэ тэрээһиҥҥэ түбэһиннэрэр көдьүүстээх буолуо этэ, тус бэйэм көрүүбэр.
УЧУУТАЛ
— Учуутал аатын-суолун, аптарытыатын хайдах гынан үрдэтиэххэ сөбүй?
— Оо, саамай уустук ыйытыы… Тус бэйэм санаабын этиим. Билигин учуутал уопсастыбаҕа тоҕо урукку курдук өрө тутуллубат буолла? Урут сэбиэскэй кэмҥэ учуутал саамай ытыктанар киһи этэ дииллэр. Мин көрдөхпүнэ, олоххо сыаннас, суолта ууруу уларыйда. Капитализм кэмигэр олоробут. Билигин инники күөҥҥэ үптээх-харчылаах дьон турар, дьон кинилэр курдук баай-талым олохтоох буолуохтарын баҕараллар. Онон барыта бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх, сибээстээх. Тоҕо учуутал идэтигэр үөрэммит оҕолор оскуолаҕа учууталлыы барыахтарын баҕарбаттарый дииллэр. Эдэр учуутал хамнаһа намыһах, ноҕурууската улахан.
— Оруобуна ити туһунан салгыы ыйытаары олорбутум. Төһө хамнас көрүллэрэ буоллар эдэрдэр учууталлыы барыах этилэрий?
— Учуутал хамнаһа хас чаастааҕыттан, үөрэнээччитин ахсааныттан, көҕүлүүр чаастан тутулуктаах. Икки МРОттан үөһэ олоруохха сөп. Уонна учууталга дьиэ-уот боппуруоһа улахан суолталаах. Хамнаһа ипотеканан кирэдьиит ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйа хааларыгар эппиэттиир буолуохтаах. Кирэдьииттэрин төлөөбүттэрин кэннэ аска-таҥаска, күннээҕигэ тутталларыгар сөптөөх харчы ордорунуохтарын эмиэ наада.
— Кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ тахсыбыт соччото суох көстүүлэринэн эр дьон учууталларга күлүк түспүт курдук буолла. Эр дьон учууталы көмүскүүр туох эрэ дьаһал наада эҥин диэн этиилэр күөрэйэллэр. Итиннэ эн санааҥ хайдаҕый?
— Туох эрэ диэн хоруйдуурга уустук ыйытыы. Буруйдааҕын дуу, буруйа суоҕун дуу силиэстийэ эрэ билэн эрдэҕэ. Силиэстийэ буруйдаах диир. Арай, биири этиэхпин сөп — хас биирдии түбэлтэни уопсай халыыпка киллэрбэккэ, биирдиилээн көрөр ирдэнэр. Оҕону көмүскүүр наада. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ оҕо төрөппүттэригэр дуу, уйулҕа үлэһиттэригэр дуу, полицияҕа дуу кэпсиир, иһитиннэрэр, аһаҕас гына иитиэхтээхпит.
— Билии күнүгэр төһө бэлэмҥин? Туох үгэстээххин?
— Оскуолабыт, учууталлар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Уоппускабыт бүттэ. Мин салайар кылааһым суох, онон сыыйа үлэм докумуоннарын саҥардабын, чөкөтөбүн, үөрэх кинигэтин бэлэмниибит.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…