Айсен Николаев: «1 мөлүйүөн ахсааны ситиһэргэ эрэллээхпит»

Share

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөн ахсааннаах киһи баар буолуон сөп. 2023 cылга муус устар ыйдааҕы көрдөрүүнэн, Саха сиригэр 999 100 киһи баар диэн биллибитэ. Бу туһунан Ил Дархан пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр эттэ.

— Дьэ, чахчы мөлүйүөннээх кирбиигэ тиийэн кэллибит. Бу сыл бастакы кыбартаалыгар былырыыҥҥытааҕар элбэх оҕо төрөөтө. Өлүү көрдөрүүтэ намтыыр, онон нэһилиэнньэ ахсаана сыыйа эбиллэн иһэр. Ону тэҥэ, демография үчүгэй көрдөрүүтүгэр Саха сириттэн көһөн барыы суоҕа дьайар, төттөрүтүн, атын эрэгийиэннэртэн биһиэхэ кэлэллэр. Онон быйыл 1 мөлүйүөн ахсааны ситиһэргэ эрэллээхпит, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Саха сиригэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр бырагырамаалар көхтөөхтүк үлэлииллэр. Дьиэ кэргэни өйүүр бэлиитикэ өссө да салҕаныаҕа диэн СИА суруйар.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Көмүс уруоктартан» астынан, махтанан тарҕастылар

Таатта улууһун киинигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө "Кыайыы көтөллөөх буойун учууталлар көмүс уруоктара"…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһээм «СМЕРШ» разведкаҕа сылдьыбыт

edersaas.ru саайт 2020 сыллаах архыыбыттан. Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма Сулуһа суох Дьоруойа

Амма улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт көлүөнэ дьон Сулуһа суох Дьоруойунан билинэр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Вальс үҥкүү холбообут ыала Ефимовтар «Кыайыы вальсыгар» дайдылар

Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куоракка аан бастыкытын ыытыллыбыт "Кыайыы вальсыгар" үгүс киһи үөрэ-көтө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйаҕа 50 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна

Дьокуускайга "Өлбөт үйэлээх полк" Бүтүн Арассыыйатааҕы үгэскэ кубулуйбут аахсыйа буолан ааста. Быйыл манна 50 тыһыынчаттан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ленскэй куорат аннынан муус хамсаата

Ленскэй оройуонугар муус көхтөөхтүк устарын бэлиэтииллэр. Муус хамсааһынын орто диэн сыаналаатылар, уу таһыма рейкэ кээмэйигэр…

2 часа ago