Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Арассыыйаҕа 2021 сылтан саҕалаан Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ыйааҕынан олохтоммут дьиэ кэргэн саҥа уонна дириҥ ис хоһоонноох бырааһынньыга – Аҕа күнэ бэлиэтэнэр.
Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола ураты суолталааҕын бары бэркэ билэбит. Аҕа – көмүскээччи, бигэ тирэх уонна үтүө сүбэһит. Аҕа – иллээх дьиэ кэргэн тулхадыйбат тутааҕа, оттон дьиэ кэргэн – модун судаарыстыба бөҕө тирэҕэ! Кини оҕо тус көрүүлээх, сатабыллаах, араҥаччылыыр аналлаах буола улаатарыгар тус холобур буолар. Аҕа ыарахан түгэҥҥэ үтүө сүбэтинэн өйүүр, саҥаны баһылыырга, үрдүк чыпчааллары дабайарга көмөлөһөр сүҥкэн суолталаах. Өскөтүн ийэ оҕоҕо сылаас сыһыаны, үтүө майгыны-сигилини иитэр эбит буоллаҕына, аҕа хорсун санааны, киһи үтүө аатыгар, дьоһунугар ытыктабылы, дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну иҥэрэр.
Саха сиригэр бу хайысхаҕа ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, Аҕа күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 1999 сыллаахха олохтоммута. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун үрдэтиигэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар судаарыстыба саҥа бэлиитикэтэ ол күнтэн саҕаламмыта.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕаларын лигата” уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин хас биирдии муниципальнай тэриллиитигэр уонна муниципальнай оройуонугар, уһуйааннарга уонна оскуолаларга 1000-тан тахса Аҕа сүбэтэ таһаарыылаахтык үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ аҕаларын икки сийиэһэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Сыл ахсын аҕа уонна оҕо “Аҕа күрэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ ыытыллар. Онтон 2021 сылтан “Сыл аҕата” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллар буолла.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕынан “Ытык аҕа” бэлиэ олохтоммута.
2014 сылтан “Саха сирин Аҕаларын лигата” олохтообут “Аҕа суолтатын үрдэтиигэ уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ үтүөтүн иһин” мэтээлинэн 600-тэн тахса көхтөөх аҕа уонна уопсастыбаннай хамсааһын лидерэ наҕараадаланна.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин! Ытыктабыллаах аҕалар, судаарыстыбаҕа тирээн турар тыҥааһыннаах кэмҥэ халбаҥнаабат хоһуун санаалаах буоларгытыгар, көмүскээччи буолар айылҕанан айдарыллыбыт улуу аналгытын чиэстээхтик толороргутугар ыҥырабын!
Дьиэ кэргэни, төрөөбүт кыраайы уонна Аҕа дойдуну араҥыччылыыр ытык иэспитин толорорго барыбытыгар чэгиэн туругу, уҕараабат эрчими уонна эппиэтинэстээх буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038