Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун байыаннай дьайыыга кылаатын үрдүктүк сыаналаата

Share

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ бу дуоһунаска былырыын быыбар түмүгүнэн талыллыбыта.

Ил Дархан Аллараа Халыма улууһун олохтоохторо байыаннай дьайыы байыастарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүллэрин үрдүктүк  сыаналаата. Улуус тэрилтэлэрэ уонна олохтоохторо байыаннай дьайыы зонатыгар балыгы, араас наадалаах тэрили ыыталлар, үбү-харчыны хомуйаллар. Волонтердар байыастар дьиэ кэргэттэригэр мэлдьи көмөлөһөллөр.

Көрсүһүү биир сүрүн тиэмэтинэн эбийиэктэри тутуу, ол иһигэр Колымскай уонна Андрюшкино сэлиэнньэлэригэр оскуола-уһуйааннары, Черскэй бөһүөлэгэр балыыһа комплексын тутуу туһунан буолла.

«Андрюшкино уонна Колымскай сэлиэнньэлэригэр оскуола дьиэлэрэ 1950-1960 сылларга тутуллубуттара. Оҕолор үөрэнэллэригэр үчүгэй усулуобуйаны тэрийэр наадата ыраатта. Колымскай орто оскуолатыгар бүгүн 51 оҕо, оттон Андрюшкиноҕа 102 үөрэнээччи үөрэнэр», — диэтэ Ярослав Бандеров.

Ону тэҥэ кэпсэтиигэ ОДьКХ, хомунаалынай инфраструктураны саҥардыы, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, таба иитиитэ сайдыытын боппуруостара таарылыннылар.

Андрюшкиноҕа быйыл кирдээх ууну ыраастыыр ​​блочнай-модульнай саҥа ыстаансыйаны тутууну саҕалыахтаахтар. Былырыын Черскэй бөһүөлэгэр тохтоло суох уотунан хааччыйар, 4,8 МВт кыамталаах дизельнэй электростанцияны тутуу саҕаламмыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр

«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан быйылгы сыллааҕы тутууну бэлиэтээн ааста

“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

СӨ Ыччат бэлиитикэтин туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕэ

“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх соруктар туруорулуннулар

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үлэтэ суох 50 саастаах эр киһи биэнсийэлээх дьахтар харчытын уорбут

Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүө

Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…

7 часов ago