Айсен Николаев Амур уобалаһыгар Ан-24 сөмөлүөт саахалламмытынан кутурҕанын биллэрдэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Амур уобалаһыгар  Ан-24 сөмөлүөт саахалламмытынан өлбүттэр аймахтарыгар уонна чугас дьонноругар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.

«Саха сирин бары олохтоохторун аатыттан Амур уобалаһыгар Ан-24 сөмөлүөт саахалыгар өлбүттэр аймахтарыгар уонна чугас дьонноругар ис сүрэхтэн  дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Пассажирдар истэригэр оҕолор бааллара ордук сүрэҕи-быары ыарытыннарар. Чугас дьоҥҥут туһунан сырдык өйдөбүл уонна тулалыыр дьоҥҥут өйөбүлэ бу ыар сүтүгү тулуйаргытыгар күүс-уох эптиннэр. Саха сирэ эһигини кытта тэҥҥэ курутуйар», – диэн Айсен Николаев бэйэтин ТГ-ханаалыгар суруйда.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элбэх оҕолоох ыалларга 14 тыһыынча сир учаастага бэрилиннэ

Алтынньы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыалларга уопсайа 1790 га иэннээх 14 453 сир учаастага бэриллибит,…

6 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тыгын аҕа ууһун олоҕуттан сэгэттэххэ…

Бу күннэргэ ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлигэр “Истээх Быраан – Тыгын аҕа ууһа көмүллүбүт сирэ (XV–XVIII…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Аймаҕын тиһэх суолугар атаара тиийэн баран…

Хаҥаласка ИДьМ отделыгар олохтоох киһи массыынатын солуонуттан 40 000 солк. сүппүтүн туһунан иһитиннэрбит. Холуобунай ирдэбил…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Икки паром сылдьар

Өлүөнэ өрүһү туоратар сүрүн паромнар салгыы үлэлииллэр. Алтынньы 31 күнүнээҕи туругунан, «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан буксирынан…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга «Эдэр баһаарынайдар» күрэхтэстилэр

Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах "Эдэр баһаарынай" диэн олус интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһин…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Аһыы олорон… Маны билэҕин, тутуһаҕын дуо?

Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…

2 часа ago