Салгыы
Айсен Николаев: “Анаабыр оскуолата испииһэккэ иккис нүөмэринэн турар”

Айсен Николаев: “Анаабыр оскуолата испииһэккэ иккис нүөмэринэн турар”

25.04.2024, 20:54
Хаартыска: быһа эпииртэн --скрин.
Бөлөххө киир:

Быһа сибээс кэмигэр ыраах Анаабыр улууһун олохтоохторуттан үөрэххэ сыһыаннаах ыйытыы киирдэ. Ил Дархан хоруйун манна ааҕыҥ.

“Анаабыр гимназията саахалланар туруктаах, ол эрээри, оҕолору үөрэтиитэ үчүгэй. Бу үөрэх кыһатыгар болҕомтоҕун уурарыҥ буоллар” – диэн көрдөһөр аҥаардаах суруктарын ыыппыттар.

Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев: “Кэлиҥҥи сылларга биһиги, арааһа, аан бастакытын буолуо, Арктикаҕа дьоһуннаах социальнай эбийиэктэри тутан эрэбит. Маны өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн ситиһиитинэн ааҕабын. Тоҕо диэтэххэ, Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн уонунан сылларга, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр, бөдөҥ социальнай эбийиэктэр тутуллубатахтара. Кэлин Чокуурдаахха, Баатаҕай Алыытыгар оскуолалар, Муома улууһун Хонуутугар бэртээхэй балыыһа, Баатаҕайга поликлиника тутулуннулар. Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматынан тутуллар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри аахпакка туран. Биллэн турар, билигин даҕаны элблэх үлэни ыытар ирдэнэр. Ол иһигэр үөрэх эбийиэктэрин тутууга.

Анаабыр улууһугар кэмиттэн-кэмигэр бара сылдьабын, олохотоохтору кытта көрсөбүн, гимназия хайдах туруктааҕын билэбин, оҕолору үөрэтэллэрэ үчүгэй, ол эрээри, дьиэтэ олус эргэ.

Кэлин ити курдук олус улахана суох нэһилиэнньэлээх пууннарга үөрэх эбийиэгин тутарга оскуола, уһуйаан биир дьиэҕэ баар буолалларыгар кыһанабыт, эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин эмиэ онно киллэриэххэ сөп. Сааскылаахха гимназияны, уһуйааны уонна оҕо технопааркатын тутуохха сөп. Баһылыгы кытта бу бырайыагы ырытыһа сылдьыбыппыт. Эдуард Платонов ураты үбүлээһиҥҥэ этии киллэрбитэ. Анаабыр улууһа АЛРОСА акционерынан буолар, көмөлөһөр, дьоһуннаах үбүлээһини оҥорорго бэлэм, быһаарыыны ылыахпыт. Тутуу испииһэгэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир, кэмиттэн-көмигэр көрөбүн, тэҥниибин, бу оскуола иккис нүөмэринэн турар. Бырабыыталыстыба улууһу кытта үлэлэһэн, инвест бырагыраамаҕа киирэн, ити курдук эбийиэк баар буолуоҕар эрэнэбит” – диэн эттэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: