Айсен Николаев Арассыыйа Дьоруойдарын Алексей Неустровы уонна Филипп Евсеевы эҕэрдэлээтэ

Share

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев төлөпүөнүнэн  биир дойдулаахтарбытын, аар-саарга аатырбыт, биллибит «Алеша» таанка экипаһын састаабыгар баар, Арассыыйа Дьоруойдарын Алексей Неустроевы уонна Филипп Евсеевы  кытта кэпсэттэ.

Ил Дархан кинилэри Арассыыйа Дьоруойа үрдүк наҕарааданы ылбыттарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
«Уолаттар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путины кытта көрсөллөрүттэн олус долгуйбуттарын туһунан эттилэр. Сотору Алексей уонна Филипп дойдуларыгар кэлиэхтэрэ. Олох күүтэбит. Саха сирэ барыта Дьоруой уолаттарынан киэн туттар!», – диэн Telegram-ханаалыгар Айсен Николаев иһитиннэрбит.

Санатар буоллахха, от  ыйын 29 күнүгэр ураты киирсиилээх түгэни аан дойду барыта сөҕө-махтайа көрбүтэ. Арассыыйа Т-80 таанката соҕотоҕун  ВСУ аҕыс бронетиэхиньикэтин кытта утары кимиилээхтик киирсибитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago