Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Саха сирин Ил Дархана биир дойдулаахтарбыт, Арассыыйа Дьоруойдара, майордар Николай Соболевы уонна Игорь Юргины кытта көрүстэ.
Кулун тутар 28 күнүгэр майордар Игорь Юргиҥҥа уонна Николай Соболевка “Арассыыйа Федерациятын Кыһыл көмүс сулуһа” мэтээллэри Оборуона миниистирэ, аармыйа генерала Сергей Шойгу туттарбыта.
“Эһиги дьиэ кэргэҥҥитин уонна чугас дьоҥҥутун кытта көрүстүм. Аҕаларгыт эһигини дьиҥнээх эр киһи, дойду дьоруойа буоларга иитэн таһаарбыттарын иһин махтанным. Саха сирин олохтоохторун махталларын эһиэхэ тиэрдэбин. Биһиги биир дойдулаахтарбыт – дьиҥнээх офицердар, Аҕа дойдуларын туһугар хорсун быһыыны оҥордулар уонна кыайыыны чугаһаттылар диэн өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ этэр”, — диэтэ Саха сирин баһылыга.
Кини офицердарга өрөспүүбүлүкэ байыаннай сулууспалаахтары хайдах өйүүрүн туһунан кэпсээтэ уонна саха быһаҕын бэлэхтээтэ.
“Бу мин оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаам, — диэн Николай билиннэ. – Саха быһахтара аан дойду биэс бастыҥ быһаҕын иһигэр киирэрин туһунан оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Бу мин бастакы сахам быһаҕа. Харыстыам”.
“Ил Дархан Саха сиригэр байыаннай дьайыыга тугу көмөлөһөллөрүн туһунан кэпсээтэ. Биир дойдулаахтарбынан киэн туттабын. Оттон Айсен Сергеевич бэлэхтээбит быһаҕа миэхэ харысхал буолуоҕа”, — диэтэ Игорь.
Уолаттар иккиэн Сэбиэскэй Сойуус маршала Рокоссовскай аатынан Уһук Илиннээҕи үрдүкү уопсай сэриилэргэ хамаандалыыр училищетын бүтэрбиттэрэ. Үөрэнэ сылдьан Арассыыйа Дьоруойдарын дуоскатыгар ааппыт эмиэ хаһан эрэ тахсыаҕа диэн баҕа санаалаахтар эбит. Билигин үрдүкү байыаннай наҕарааданы тутан баран, икки дьоруой бу Сулустар олус ыараханнык бэриллибиттэрин, бу кинилэр эрэ үтүөлэрэ буолбатаҕын туһунан этэллэр. “Манна личнэй састаап, доҕотторбут үтүөлэрэ баар уонна таптыыр кыыһым, аҕам, чугас дьонум үтүөлэрэ”, — диэтэ Игорь Юргин.
“Боруонтан чугас дьоно төннөн кэлэрин кэтэһээччилэр – дьиҥнээх дьоруойдар, — диэн эбэн эттэ Николай. – Мин чугас дьонум, кэргэним миигин өйүүллэр, долгуйаллар. Элбэх офицер дьиэ кэргэннээҕэ, чугас дьоннооҕо буолуо уонна ол миэхэ эмиэ баар”.
Дьоруойдар уоппускаларын чугас дьоннорун кытта бииргэ атаарыахтара, дойдуларыгар сылдьар баҕалаахтар.
“Миэхэ Сахам сирэ — мин дьиэм, күүс-уох ылар сирим. Төрөөбүт алаһа дьиэбин, кыракый бөһүөлэкпин ахтабын”, — диэтэ Игорь.
“Дьиэбэр көтөн кэлии – ыра санаам. Саха сирин кэрэ айылҕатын таптыыбын. Оҕо эрдэхпинэ аҕабын кытта эспэдииссийэҕэ, күөллэргэ сылдьааччыбыт. Кини акваланганан уу түгэҕэр умсарын сөбүлүүрэ. Биирдэ, бэл, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр дьоһун суолталаах докумуоннардаах сөмөлүөтү булбуппут. Саха сиригэр сылдьыбатаҕым ыраатта уонна олус ахтабын”, — диэтэ Николай.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…