Айсен Николаев Арассыыйа эспиэртэрин кытары криогеннай технология сайдыытын боппуруостарын кэпсэттэ
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа эспиэртэрин кытта криогеннай технология сайдыытын боппуруостарын тула кэпсэттэ
Сүүстэн тахса учуонай уонна научнай үлэһиттэр бу тиэмэҕэ анаммыт өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллыбыт бастакы стратегическай сиэссийэҕэ кыттыыны ыллылар. Тэрээһин кыттыылаахтара научнай-тиэхиньиичэскэй бырагыраама оҥоһуллуутун туһунан этиилэрин эрэгийиэн салайааччыта өйөөтө. Бу үлэни сүрүннүүр научнай кииннэр, инженернэй оскуолалар, университеттар уонна институттар, бырамыысыланнай, инновационнай тэрилтэлэр кыттыһыахтарын сөп.
Саха сирэ саамай тымныы субъект быһыытынан криогеннай технологияны сайыннарарга инникилээҕин туһунан учуонайдар бэлиэтээтилэр. Тымныы туһатын үөрэх кыһаларыгар үөрэтии туһунан этиини учуонайдар көтөхтүлэр. Онон үүнэр көлүөнэни кыра сааһыттан технологияны сайыннарыыны үөрэтии оруннааҕын эттилэр.
«Научнай сиэссийэни тэрийии инновационнай үлэни-хамнаһы өрөспүүбүлүкэҕэ, атын да эрэгийиэннэргэ киллэриигэ бииргэ үлэлэһиибит сайыннарыа диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.
«Холод — ресурс, безопасность развитие» диэн стратегическай сиэссийэ Дьокуускайга атырдьах ыйын 28-29 күннэригэр буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ араас эрэгийиэннэртэн научнай үлэһиттэр учуонайдар кэлэн кыттыыны ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: