Айсен Николаев Арассыыйа предпринимательствотын күнүнэн эҕэрдэлиир

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Арассыыйа предпринимательствотын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн ситиһиилээхтик сайдарыгар предпринимательство биллэр оруолу ылар. Биһиги эрэгийиэммит  тас ырыынакка ситиһиилээх биисинэһи оҥорор улахан кыахтаах. Онно элбэх холобур баар. Өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын уопсастыбата  саҥа үлэ миэстэтин таһаарарга, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга ханнык кылааты киллэрэрин биһиги бары билэбит. Эһиги ситиһиигититтэн, туруккутуттан уонна сайдыыгытыттан,  ордук  бу судургута суох, биһиги дойдубутугар сааҥсыйа улаханнык дьайар кэмигэр, элбэх киһи этэҥҥэ буолуута тутулуктаах.

Биһиги урбаанньыттарбыт  дойдуларын дьиҥнээх патриоттара буолалларын көрдөрдүлэр. Саха сирин үгүс тэрилтэтэ  байыаннай эпэрээссийэ биллэриллээтин кытары  оҥорон таһаарар үлэтин хайысхатын уларыппыта. Байыаннай эпэрээссийэ байыастарыгар таҥаһы-сабы, суумкалары, утуйар мөһөөччүктэри тигэллэр, эми-тому, тиэхиньикэни уонна тэриллэри атыылаһан биэрэллэр. Волонтердар штабтарын үлэтигэр  үгүс тэрилтэ кыттыыны ылар.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҕус уонна орто предпринимательство субъектарын ахсаана 42 тыһыынчаҕа тиийэр, оттон бу эйгэҕэ дьарыктанаааччылар ахсааннара 126 тыһыынча киһиэхэ тиийэ элбээтэ. Бу биһиги эрэгийиэммитигэр суолталаах сыыппара, Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэс сүрүн  суолталааҕын этэр.

Биллэн турар, предпринимательство сайдыытыгар дьоһун оруолу судаарыстыба ылар. Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэбитигэр  “Дьоҕус уонна орто предринимательство уонна биирдиилээн урбаанньыттар көҕүлээһиннэрин өйөөһүн”  федеральнай национальнай  бырайыак олоххо ситиһиилээхтик  киллэриллэр.

Биһиги биисинэс сайдарыгар салгыы сөптөөх усулуобуйаны оҥорор, дьыалабыай килиимэт тупсарыгар көмөлөһөр, биир кэлим өйөбүл хайысхатын  кэҥэтэр санаалаахпытыгар эрэниҥ.

Саха сирин урбаанньыттара салгыы үтүө суобастаахтык үлэлииллэригэр, саҥа бырайыактары уонна санаалары олоххо киллэрэллэригэр, оҥорон таһаарыыга саҥа технологиялары ситиһиилээхтик туһаналларыгар эрэнэбин.

Бу бырааһынньык күн  эһиги үлэҕит-хамнаскыт иһин истиҥ махталбын биллэрэрбин көҥүллээҥ. Бырааһынньыккытынан, күндү урбаанньыттар. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр нус-хас олоҕу баҕарабын. Эһиги хас биирдии күҥҥүт үтүө санаанан, саҥа санааларынан уонна ситиһиилэринэн туоллун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

4 часа ago