Айсен Николаев Арассыыйа сирин-уотун сайыннарарга аналлаах Стратегияны саҥаттан көрөргө этии киллэрдэ
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах мунньахха Арассыыйа сирин-уотун сайыннарар Стратегиятыгар саҥа көннөрүүлэри оҥорорго этии киллэрдэ. Онно Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка сыһыаннаах тырааныспартнай уонна энэргэтиичэскэй тосхоллору киллэрии учуоттаныллыахтааҕын ыйда. Итини тэҥэ, мунньахха эрэгийиэннэр геобэлиитикэлэрэ Илин диэки хайыһыахтаахтарын уонна сир баайдаах саҥа учаастактары туһаҕа таһаарыы соруктарын тула кэпсэтии буолла.
«Саха сирэ билиҥҥи саҥа уларыйыыларга сөп түбэһэргэ үлэлиир, ылсар. Маны ситиһэргэ анаан федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырайыактар үлэлииллэр. Биллэн турар, сүрүн оруолу экспорт, импорт уонна тырааныспартнай-логистика ылаллар. Манна анаан үтүмэн үлэ ыытыллар», — диэн РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ Максим Решетников эттэ.
Уһук Илин уокурук тэтимнээхтик сайдарыгар сүрүн оруолу сылы эргиччи туһаныллар суол-иис ылар (тырааныспар логистиката). Ил Дархан Айсен Николаев Иркутскай уобаластан тымыр тардар Бүлүү федеральнай суол, Халыма суолугар сүрүн оруолу ылыахтаах Өлүөнэ өрүһү туоруур сүүнэ күргэни тутуу, Аллараа Бэстээх — Магадаан тимир суола, уо.да.а улахан суолталаахтарын ыйан туран, Арассыыйа сирин-уотун сайыннарар Стратегиятыгар саҥа көннөрүүлэри оҥорорго этии киллэрдэ.
«Өлүөнэ күргэтэ үс федеральнай, биэс эрэгийиэннээҕи суоллары, Амур-Саха сирэ тимир суолу ситимниэҕэ. Оччоҕуна Саха сирин нэһилиэнньэтэ тупсаҕай суолунан-ииһинэн сылы эргиччи сылдьар кыахтара 20,9 %-тан 70 %-ҥа диэри үрдүөҕэ. Ону тэҥэ, хоту таһаҕаһы тиэйиигэ 4 млрд солк. кырата суох үп-харчы кэмчилэниэх этэ», – диэн Айсен Николаев быһаарда.
Мунньах кэмигэр Айсен Николаев Максим Решетниковка 2021 сылга Саха сиригэр баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта кээмэйэ 1,62 трлн солк. буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Бу 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 20,7 %-нан улааппыт. Бу — Уһук Илин уокурук үрдүнэн биир үчүгэй көрдөрүүнэн буолар. Сылтан сыл кыһыл көмүһү, алмааһы, ньиэби, гааһы уонна таас чоҕу хостооһун улаата турар. Быйыл тоҕус ый түмүгүнэн бырамыысыланнас көрдөрүүтэ 112,4 %-ҥа тиийбит. Бу — Арассыыйа үрдүнэн алтыс миэстэ буолар.
«Олох таһыма тупсарыгар, киһи хапытаала үрдүүрүгэр федеральнай өйөбүл суолтата олус улахан. Судаарыстыбаннай бырагыраамаларга федеральнай хос үбүлээһин үрдүү турар. Быйыл 78 млрд солк. көрүлүннэ, ол иһигэр, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 56,5 млрд солк. тыырыллыбыт, бу 2021 сылтан 1,4 төгүл улахан. Ааспыт түөрт сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 173 млрд солк., ол иһигэр, федеральнай бүддьүөттэн 132 млрд солк. көрүллүбүт», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Маны тэҥэ, мунньах кэмигэр Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга болҕомто эмиэ уурулунна. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы аэропорт терминалын саҥардыы, 4 сулустаах икки гостиницаны тутуу, онтон да атын итиннэ сыһыаннаах боппуруостар тула кэпсэтии ыытылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: