Айсен Николаев Арассыыйа Устудьуоннарын күнүнэн эҕэрдэлиир

Share

Убаастабыллаах устудьуоннар!

Эһигини Арассыыйаҕа Устудьуоннар күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Устудьуон сыллара -– хас биирдии киһи идэтин таларыгар өрө көтөҕүллүү уонна саҥаны арыйыы чаҕылхай сыллара. Эһиги — биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут кэлэр кэскиллэрэҕит, билиигэ дьулуһуугут уонна уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыыгыт саамай үрдүк сыанабылы ылар.

Эһигиттэн үгүскүт билигин өрөспүүбүлүкэ уонна дойду сайдыытыгар хайыы үйэ бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Эһиги баҕа өттүнэн тэрийэр десаннаргыт, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕүт, айымньылаах бырайыактарга уонна волонтердар хамсааһыннарыгар кыттыыгыт -– дьиҥнээх патриотизм уонна гражданскай эппиэтинэс холобура.

Өрөспүүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйа таһымыгар ситиһиилэргит үрдүк хайҕабылы ылаллар. «Муус устар» ыччат бэстибээлигэр, Арассыыйа ыччатын пуорумнарыгар, Ыччат бүтүн аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кыттыы — эһиги эрчимҥитин уонна талааҥҥытын туоһулуур.
Биһиги устудьуоннарбытын инникитин дьоһун суолталаах түгэн күүтэр -– биһиэхэ орто уонна үрдүк үөрэхтэри холбуур үөрэх эйгэтинэн буолуохтаах үрдүк үөрэх кыһаларын ардыларынааҕы кампус баар буолуоҕа. Бу бырайыак Саха сирин дьоһун суолталаах салааларыгар үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээһини хааччыйыаҕа уонна эһиги идэҕитигэр сайдаргытыгар көмөлөһүөҕэ.
Эһиги ситиһиилэргит уонна дьулуургут көмөтүнэн хайыы үйэ иники иһээччилэринэн буолаҕыт. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин бүтэрбиттэр дойдуларын туһугар билиилэрин уонна үөрүйэхтэрин туһанан, бэйэ дьыалатын баһылаабыт дьонунан, чаҕылхай уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэринэн, ситиһиилээх урбаанньыттарынан, учуонайдарынан буолаллар.

Эһиэхэ ис сүрэхпиттэн кытаанах доруобуйаны, эдэрдии эрчими уонна саҥа кыайыылары баҕарабын! Устудьуоннуур сылларгыт чаҕылхай түгэннэринэн, кэрэхсэбиллээх бырайыактарынан уонна истиҥ көрсүһүүлэринэн толору буоллун. Саха сирин уонна Арассыыйа ситиһиитэ -– эһиги ситиһиигит буоларын умнумаҥ. Бырааһынньыгынан, күндү доҕоттор.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ХИФУ учуонайдара эбэҥки култууратын сырдатар сэдэх матырыйааллары хомуйбуттар

ХИФУ «Лингвистическая экология Арктики» аан дойдутааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын учуонайдара эспэдииссийэ кэмигэр Орто Халыма оройуонугар ханна…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар сүһүөх мааһын атыылаһаары 900 тыһ. солк. албыннаппыт

Саха сириттэн 63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла. Дьахтар 900…

24 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Мин фронум кирбиитэ: эһэм Ленинград блокадатын кыттыылааҕа

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр…

53 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойду көмүскээччилэрин» пуондата байыаннай дьайыы дьоруойдарыгар аналлаах пааматынньык бырайыагын оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу биллэрдэ

Бу анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ туһуламмыт көҕүлээһин ааптардарынан «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда уонна Москватааҕы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрдэ

Куйаар ситимигэр нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрбитин тарҕаттылар. Нейросеть хараҕынан пааматынньыктар…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр быраастар 70-ча саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостообуттар

Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…

2 часа ago