Саха сирэ нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга хайдах Бүтүн Арассыыйаҕа лиидэр буолары ситистэ? “Синергия Арктики” өрөспүүбүлүкэҕэ туох туһалааҕый? Креативнай индустрия кэллиэһигэр туохха үөрэтиэхтэрэй? Бу уонна да атын ыйытыыларга Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа СӨ Ил Дархана Айсен Николаев хоруйдаата.
— Айсен Сергеевич, “Сохранение населения. Здоровье и благополучие людей” блокка национальнай соругу ситиһии эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы эриэйтиҥҥэ Саха сирэ Арассыыйаҕа бастакы миэстэҕэ таҕыста. Бу ситиһии, бастатан туран, мэдиссиинэ инфраструктуратын сайыннарыыттан тутулуктаах. Бу эйгэҕэ ханнык бырайыактарга ордук суолтаны уураҕыт?
— Нэһилиэнньэ ахсаанын оннунан хаалларыы (народонаселение), доруобуйаны харыстааһын курдук дойду сайдыытын чааһыгар суолталаах национальнай соруктары ситиһии туһунан эттэххэ, бастакы былааҥҥа мэдиссиинэ инфраструктуратын, уопсайынан дьон доруобуйатын харыстааһыҥҥа систиэмэлээх үлэ боппуруостара тахсан кэлэллэр.
Бу соруктартан аттаран, 2021 сылтан саҕаламмыт Доруобуйа уон сылын биллэрбитим. Ол иитинэн Саха сиригэр уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын өйөөһүн миэрэлэригэр тус сыаллаах ыйаах ылыллыбыта, ону утумнаахтык олоххо киллэрэн иһэбит.
Инфраструктура туһунан эттэххэ, кэлиҥҥи сылларга дойду Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылыгар флагман буолбут кэккэ улахан бырайыактары олоххо киллэрбиппит. Былырыын үлэҕэ киирбит Кардиология киинин ахтан ааһыахха сөп. Киин баар буолан сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүүнү кыччаттыбыт. Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ дьон өлүүтүн маассабай төрүөтүнэн сүрэх-тымыр ыарыылара буолаллар, 2017 сылы кытта тэҥнээтэххэ чопчу көстөр.
Сүрэх киинин таһынан, Саха сирин улуустарыгар тымыр кииннэрин ситимнэрэ аһыллыбыттара. Бу систиэмэ чугастааҕы сылларга өссө улахан ситиһиини ыларбытыгар сирдииригэр эрэллээхпин, ордук аныгы АйТи индустрияны туһанан, ол иһигэр телемэдиссиинэни.
Биллэн турар, туохха да тэҥнэммэт уопуту коронавируһу кытта охсуһуу биэрдэ. Киһи аймах, ол иһигэр биһиги, олус улахан уонна ыарахан суолу аастыбыт. Дьаҥ маҥнай саҕаланарыгар мин миэдиктэри кытта көрсүһэрбэр: “Төһө да уустугун иһин, биһиги дьон олоҕун быыһыахтаахпыт, COVID бүттэҕинэ маны кытта охсуһуу түмүгүн биир киритиэрийинэн – бу ыарыыттан хас киһи суох буолбутунан сыаналыахтара”, — диэн этэрим.
Саха сирин миэдиктэрэ уонна уопсайынан, бары сулууспалар коронавируһу кытта эр санаалаахтык, бэйэлэрин харыстаммакка охсустулар, бу иһин кинилэргэ махталым сүҥкэн. Пандемия түмүгүнэн Саха сирэ коронавирустан өлбүт дьонун ахсаанынан дойдуга биир бүтэһик, ол эбэтэр 81-с миэстэҕэ турар. Бу биһиги үлэбит сүрүн көрдөрүүтэ. Кыайыынан муҥурданан, тохтоон хаалбаппыт.
Быйыл дойду салалтатын өйөбүлүнэн Саха сирин олохтоохторугар күүтүүлээх-кэтэһиилээх эбийиэги — улахан онкологическай киини үлэҕэ киллэрэбит. Биллэн турар, биэлсэр-акушер пууннарын уонна амбулаториялары умнубаппыт. Кэлиҥҥи сылларга уонунан пуун, амублатория аһылынна.
Арктикаҕа — Саха сиригэр уонна дойду атын хотугу эрэгийиэннэригэр исписэлиистэр тиийбэттэр. Нэһилиэнньэ ахсаанынан ааҕар үбүлээһин бириинсибэ кыра нэһилиэнньэлээх улуустарга биирдиилээн исписэлиистэри тутар кыаҕы биэрбэт. Оттон онно эмиэ дьон олорор, кинилэр эмиэ эмтэнэллэрэ ирдэнэр.
Быйыл биһиги Дьокуускайга Арктическай мэдиссиинэ киинин тэрийдибит. Онон үрдүк таһымнаах, мэдиссиинэ мобильнай тэрилинэн хааччыллыбыт быраастарын хас да биригээдэтэ тиһигин быспакка ыраах улуустарынан сылдьаллар, нэһилиэнньэ ортотугар диспансеризацияны ыыталлар.
Бастакы түһүмэххэ, бу сыл бастакы аҥаарыгар Саха сирин 13 арктическай эрэгийиэнин барытын хаптылар, 1,6 мөл. кв. килэмиэтири. Миэдиктэр 15 тыһ. киһини аппаратура көмөтүнэн көрдүлэр уонна сүбэ биэрдилэр. 4 тыһ. киһиэхэ араас ыарыыны буллулар, ол иһигэр искэн ыарыы эмиэ баар.
— Дьон этэҥҥэ буолуута олорор усулуобуйаттан эмиэ тутулуктаах. Дьиэ тутуутугар, экологичнай уонна чэпчэки эниэргийэни туһаныыга, телекоммуникационнай ситимнэргэ кэлиҥҥи сылларга туоха уларыйыы баар?
— Дойду бэрэсидьиэнин, национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн улахан үлэни ыыттыбыт.
Арассыыйаҕа саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ Саха сиригэр саамай улахан бырагыраама олоххо киирэр. Биэс сыл иһигэр 1 100 000 “саахалланар” кв. м көһөрүөхтээхпит. Улахан аҥаардара номнуо көстүлэр. Саха сирин устуоруйатыгар аан бастакытын Дьокуускай уонна Нерюнгри курдук куораттарга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар үлэ барар.
Сэбиэскэй кэм кэнниттэн аан бастакытын Арктикаҕа саахалланар дьиэлэри көтүрэн саҥа дьиэлэри тутуу ыытыллар.
Ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар таҥыллыбыт Саха сирин энэргэтиичэскэй уонна транспортнай каркаһы бүгүҥҥү күн ирдэбилигэр сөп түбэһэригэр интэриэстээхпит. Биһиэхэ экэнэмиичэскэй, бырамыысыланнай сайдыы көхтөөхтүк барар.
«РусГидро-ны» кытта Арктикаҕа 72 электростанцияны тутууга туохха да холооно суох бырайыагы олоххо киллэрэбит. Манна күн күүһүнэн иитиллэр батареялар уонна аныгы дизельнай комплекстар киирэллэр. Бу дизель уматыгын туһаныыны 30-40 бырыһыан кыччатыаҕа.
Алта маннык комплекс номнуо тутулунна, 2023-2025 сылларга хаалбыт 66 комплекс олоххо киирэн, Саха сирин олохтоохторун, экэниэмикэтин туһугар үлэлииллэригэр эрэнэбит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сибээс өрүү улахан кыһалҕанан буолара. Түргэн оптическай сибээс лииньийэтин сайыннарыыга иннибит диэки улахан хардыыны оҥордубут: Саха сиригэр 12 тыһ. тахса килэмиэтир ситим тардылынна уонна нэһилиэнньэ 92 бырыһыана номнуо түргэн интэриниэккэ холбонно.
Ол эрээри, Арктика бөһүөлэктэригэр түргэн интэриниэт суох, өрөспүүбүлүкэ киин улуустарынааҕар нэһилиэнньэ туһанар мегабитын төлөбүрэ 100 төгүл үрдүк.
РФ цифровой сайдыыга министиэристибэтин кытта биһиги уһуннук үлэлээтибит, миниистир Максут Шадаевы кытта хаста да көрсө сылдьыбыппыт. Ол түмүгэр “Синергия Арктики” бырайыак оҥоһуллубута. Бу үс сыл иһигэр Арктикаҕа 7000 килэмиэтир түргэн сибээс лииньийэтин тардар уонна Арктика эрэгийиэннэрин киин улуустар сибээстэрин магистральнай лииньийэлэрин кытта ситимниир кыаҕы үөскэтэр.
— Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, бастатан туран, хоту улуус олохтоохторун аһынан-үөлүнэн хааччыйыы соруга хайдах быһаарыллар?
— Манна биһиги икки соруктаахпыт. Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэни барытын аһынан-үөлүнэн хаччыйыы үлэтин күүһүрдүөхтээхпит. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбата үүт, эт дэписиит хайысхаларыгар элбэх бородууксуйаны оҥорон таһаарыахтаах. Биэс сыл иһигэр, эрэгийиэн уустук айылҕа-климатическай усулуобуйатын уонна 2021 сыллааҕы баһаары аахсыбакка туран, сүөһү ахсаанын оннунан хаалларар, ону ааһан, эбэр улахан ситиһии буолар. Сылгы ахсаанынан билигин Саха сирэ дойдуга бастакынан иһэр, онтон таба ахсаанынан – үһүс. Сылы эргиччи үлэлиир “Саюри” тэпилииссэ курдук бырайыахтаахпыт. Комплекс Дьокуускай куорат сибиэһэй оҕуруот аһыгар ирдэбилин 30 бырыһыанын хааччыйар.
Иккиһинэн, Арктикаҕа бородуукта сыанатын уратылаһыытын аччатыахтаахпыт. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ судаарыстыба манна орооһуутун дьайыыта суох буолан, Саха сирин сорох улуустарыгар сыана олус үрдүүр.
Бэйэтин кэмигэр Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрэммин, билигин өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар улахан торговай-логистическай кииннэр тутулла тураллар. Биэс улууска номнуо тутуллубута, бу оҕуруот аһыгар, фруктаҕа, сымыыкка, ол эбэтэр улуус таһыттан кэлэр бородууксуйаҕа сыананы тута түһэрдэ. Хаалбыт аҕыс улууска быйыл уонна эһиил тутуллуохтара.
— Саха сирэ экэниэмикэни диверсификацилааһын соругун ситиһиилээхтик толорор. Сиртэн хостонор салааны сайыннарар лиидэр эрэгийэннэр ахсаннарыгар киирдэ, ону кытта олохтоох каадырга тирэҕирэн креативнай индустрия курдук хайысхалары эмиэ сайыннарар. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин билиҥҥи ирдэбилин үөрэх систиэмэтэ хааччыйар дуо?
— Бу үөрэх систиэмэтигэр дьоһуннаах ирдэбилинэн буолар, тоҕо диэтэххэ, саҥа көстүүгэ сөп түбэһэр туһугар түргэнник уларыйыахтаах. Дьону бэҕэһээ ирдэнэр идэлэргэ буолбакка, сарсын ирдэнэр идэлэргэ бэлэмниир наада. Бу хайысхаҕа Саха сиригэр улахан үлэни ыытабыт.
Холобур, Технология уонна дизайн кэллиэһэ номнуо креативнай индустрия кэллиэһинэн буолла. Арктикатааҕы култуура уонна искусство института дойдубут арктическай зонатыгар креативнай университетынан буолар толкуйдаах.
Саҥаны киллэрии креативнай индустрияны эрэ хаппат. Каадыры бэлэмнээһиҥҥэ уларытыы бырамыысыланнаска сүҥкэн суолталаах. Бырамыысыланнай тэрилтэлэр үрдүк таһымнаах каадырдарга олус наадыйаллар. Бэлэмнээх дьон таас чох, алмаас, көмүс хостооһунугар, ньиэп, гаас салаатыгар ирдэнэллэр.
Арассыыйаҕа “Профессионалитет” бырагыраама үөдүйбүтэ олус үчүгэй. Бырагыраама көмөтүнэн биһиги улахан тэрилтэлэргэ каадыры бэлэмниир кыахтаахпытын туһулуур.
Биллэн турар, үрдүк үөрэххэ эмиэ уларыйыы барыахтаах. Болонскай систиэмэттэн аккаастаныы – бу сэбиэскэй систиэмэҕэ төннүү буолбатах эрээри, онтон баар суох бастыҥ сүүрээннэри ылан, аныгы көрүүлэринэн ситэрэн, үрдүк үөрэх дьинээх систиэмэтин олохсутуу буолар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…