Айсен Николаев Арктикаҕа субсидиялаах билиэттэри үбүлээһин кээмэйин оннунан хаалларар туһунан эттэ

Share

Ахсынньы 19 күнүгэр, чэппиэргэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал туһаайыытыгар Арктикаҕа субсидиялаах билиэттэри үбүлээһин кээмэйин оннунан хаалларар туһунан эттэ.

“Бүддьүөппүт уустуктарын да үрдүнэн хоту дойду олохтоохторун өйөөһүн таһымын аччатар табыллыбат. Онон сибээстээн Бырабыыталыстыбаттан 2025 сыл бастакы аҥаарыгар инфляцияны учуоттаан авиациянан тиэйиини субсидиялааһын кээмэйин бу сыллааҕар аччаппат туһунан боппуруоһу быһаарарыгар көрдөһөбүн”, — диэтэ Саха сирин Ил Дархана Анал этиитигэр.

Саха сирин Тырааныспарка министиэристибэтин чахчытынан олохтоох маршруттарга  авиа-тиэйиилэри субсидиялааһыҥҥа 2024 сылга 1,029 млрд солкуобай көрүллүбүтэ, ол иһигэр оройуоннар истэригэр тиэйиигэ 404 мөл солкуобай. Арктика 14 маршрутунан оройуон иһигэр тиэйии 625 мөл солк. тэҥнэһэр. Нэһилиэнньэ үрдүк наадыйыытын болҕомтоҕо ылан, оройуоннар истэринээҕи социальнай суолталаах көтүүлэргэ субсидия алтынньы 1 күнүгэр толору туһныллыбыта.

2024 сыл 9 ыйыгар оройуоннар иһинээҕи туһаайыыларынан авиа-тиэйиигэ чэпчэтиинэн өрөспүүбүлүкэ 22 оройуонугар 112 маршрутунан 17 тыһыынча пассажир туһанна. Арктика 14 нэһилиэнньэлээх пуунуттан оройуоннар икки ардыларынааҕы туһаайыыларынна Дьокуускайга диэри уонна төттөрү айаннааһыҥҥа 24,8 тыһ. пассажиры анал тарыыбынан тиэйдилэр.

Санатан эттэххэ, икки сыллааҕыта Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Арктика оройуоннарыгар авиа-тиэйиилэри субсидиялааһын бырагырааматын кэҥэппитэ.  Бырагырааманы үбүлээһиҥҥэ 600 мөл солк. ыытыллыбыта, ол уруккутааҕар 10 төгүлүнэн элбэх. Бу улуустар олохтоохторо субсидиялаах билиэттэринэн саастарыттан хааччаҕа суох туһаналлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

3 минуты ago
  • Оҕо саас сыла

Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир…

26 минут ago
  • Сонуннар

Николай Парников: “Дьиэбит сылаас, итии уубут баар, уоппут быстыбакка кэлиэн баҕарабыт”

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн пресс-кэмпириэнсийэ иитинэн ааһан эрэр сыл түмүгүн таһаарыаҕа. СӨ ОДьКХ уонна…

41 минута ago
  • Сонуннар

Альберт Семенов: «Киин куорат олохтоохторун үгүстэрин таарыйар кыһалҕалара этилиннэ»

Альберт Семенов, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ: -- Быйылгы туһаайан этиитигэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэлэр…

53 минуты ago
  • Сонуннар

Владимир Сивцев: «Кэлэр 2025 сылтан муоста тутуутун үлэтэ күүстээхтик саҕаланыаҕа»

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн суол инфраструктуратын сайдыыта буолар.…

55 минут ago