Айсен Николаев: «Аспаал суол 2025 сылга Тааттаҕа тиийиэҕэ»

Айсен Николаев: «Аспаал суол 2025 сылга Тааттаҕа тиийиэҕэ»

07.06.2023, 11:57
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 7 күнүгэр Ил Дархан суруналыыстары кытары көрсөн, ыйытыыларга хоруйдаата.

“Мин бэйэм Томпо улууһуттан төрүттээхпин. Аспаал суол Чурапчы улууһугар диэри тиийбитэ олус үчүгэй. Тааттаҕа диэри суол хаһан оҥоһуллуой?” диэн ыйытыыга Айсен Николаев маннык хоруйдаата:

— Кэнники 5 сылга суолу оҥорууга улахан хамсааһын тахсан, үлэ бөҕө ыытыллар. Ити федеральнай эрэ буолбакка, эрэгийиэннээҕи, муниципальнай суолларга эмиэ сыһыаннаах. 2,5 тыһыынча килэмиэтир усталаах суол оҥоһулунна. Бу 5 сылга муҥутуур көрдөрүү, рекорд буолар. Мантан салгыы өссө оҥорор былааннаахпыт. Саха сиригэр суолу оҥоруу, тырааныспар стурктурата биир сүрүн хайысха буолара өйдөнөр.

Билигин федеральнай суолларга үлэ салҕанар. Чуолаан ити ыйытар “Халыма” суолга Ытык Күөлгэ диэри өрөмүөн үлэтин бырайыага-симиэтэтэ оҥоһулла сылдьар. Былаан быһыытынан бардаҕына, быйыл аспааллааһын салҕаныаҕа уонна 2025 сылга Тааттаҕа тиийиэхтээх. Онтон салгыы Томпо диэки барыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: