Айсен Николаев Авиация күнүнэн эҕэрдэтэ
Авиация ытыктабыллаах үлэһиттэрэ!
Бу салаа күндү бэтэрээннэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини гражданскай авиация үйэлээх үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бэйэтин сүүс сыллаах историятыгар гражданскай авиация атаҕар туруутун уонна сайдыытын ыарахан суолун тэлбитэ – киһи-аймах көтүүгэ ыра санаатыттан саҕалаан салгынынан тиэйиини хааччыйар кыахтаах инфраструктураҕа тиийэ. Мас конструкциялаах аҕыйах миэстэлээх сөмөлүөттэн магистральнай улахан салгын суудуналарыгар тиийэ. Сир үрдүнэн кыырайа көтөргө дьулуһуу уонна аан дойду ханнык баҕарар туочукатыгар тиийии биһиги тыһыынчанан ахсааннаах биир дойдулаахтарбыт дьаныардаах үлэлэрин түмүгэр ситиһиллэр.
Уйаара-кэйээрэ биллибэт дойдубут саамай улахан субъегар – Саха сиригэр гражданскай авиация тутаах оруоллаах. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын үрдүнэн аан бастаан 1925 сыллаахха “Совпич” диэн дьоҕус сөмөлүөт кыырайан тахсан, бу салаа устуоруйатыгар бүтүн эпоха саҕаланыытын түстээбитэ. Ол кэмнэргэ массыына суола, тимир суол ыллыга да суоҕа, ол эрээри 1930-с сыллартан саҥа аэродромнары, бөртөлүөт былаһааккаларын, груннаах балаһалары тутан саҕалаабыттара, оттон сөмөлүөт цивилизация уонна сайдыы туоһутунан буолбута.
98 сыл ааста ол бэлиэ күнтэн, үгүс уларыйда. Ол эрээри биир эрэ уларыйбата – бу дьон. Авиацияҕа уруккутун курдук идэлэрин дэгиттэр баһылаабыттар үлэлииллэр. Бүгүн Саха сирин авиатордара уонна салаа атын үлэһиттэрэ Арктика муҥура биллибэт киэлитигэр сөҕүмэр ыраахха илдьэн, авиация тырааныспара бигэтик үлэлиирин хааччыйаллар. Полярнай эргимтэ усулуобуйатыгар лүөччүктэр, штурманар, инженердэр, сирдээҕи сулууспа үлэһиттэрэ үлэлэрин чиэстээхтик толороллор.
Бу үөрүүлээх күн чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну, үлэҕэ ситиһиилэри, торумнаммыт былааннары олоххо киллэриини баҕарабын. Этэҥҥэ көтүҥ, чэпчэкитик олордуҥ уонна арылыннын ыраас халлаан!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: