От ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Алдан улууһугар ыксаллаах быһыыны – майгыны туоратар, баһаары утары үлэлиир хамыыһыйаҕа мунньах ыытта. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыытылыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ааспыт сууккаҕа АН-26 «Атмосфер” сөмөлүөт Бүлүү бөлөх улуустарыгар үлэлээбит, оттон Як-40 – Алдан улууһугар.
Бүгүн сарсыарда Ан-26 Амма улууһугар көттө. Як-40 Алдан улууһугар көтөрө былааннанар.
Уопсайа өрөспүүбүлүкэҕэ 231 065,9 га иэннээх 171 ойуур баһаара баар. Олортон 140 баһаара хонтуруолланаллар. 1591 га иэннээх 8 баһаар умуруорулунна. Онуоха Өймөкөөн улууһугар 256 га иэннээх ландшафтнай баһаар тахсыбыт.
Уоту утары охсуһууга уопсайа 891 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Авиалесоохрана” федеральнай салалтатыттан эбии 151 киһи уонна 3 бөртөлүөт көмөҕө кэллилэр. Ону таһынан, Уус Маайа улууһун баһаардарыгар Забайкальскай кыраайтан парашютно-десантнай сулууспаттан 40 киһи уонна Читаттан 30 киһи кэллэ. Бүгүн өссө 25 киһи Бурятияттан кэлиэҕэ.
Мунньахха баһаардары умулларыы миэрэлэрин туһунан улуустар баһылыктара иһитиннэрдилэр: Алдан – Александр Шестопалов, Нерюнгри – Роман Щегельняк, Өлүөхүмэ – Николай Харбин, Уус Маайа – Александр Антипин. Бу оройуоннарга ыксаллаах быһыы – майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.
«Бүгүҥҥү сорукпут – быстах кэмҥэ, салгыы сайдыбатын курдук, баһаардары умулларыы, эрдэттэн тохтотуу, бэл диэтэр, саамай кыра кутталы суох оҥоруу», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Эльдар Садовников
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…