Айсен Николаев: «Байыаннай чаастары кытта ыкса бииргэ үлэлээһин салгыы ыытыллыаҕа»

Айсен Николаев: «Байыаннай чаастары кытта ыкса бииргэ үлэлээһин салгыы ыытыллыаҕа»

Ааптар:
22.10.2022, 19:57
Бөлөххө киир:
Бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Приморскай кыраай байыаннай чаастарыгар сылдьан, Саха сириттэн быстах хомуурга ыҥырыллан тиийбит  байыаннай сулууспалаахтар олорор усулуобуйаларын билистэ, кинилэри кытта кэпсэттэ.
Айсен Сергеевич  РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ уонна  Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук байыаннай чааһын командованиета  бары өттүнэн сөптөөх усулуобуйанан уонна аһынан-үөлүнэн толору хааччыйалларын туһунан эттэ. «Байыаннай чааска  баар сулууспалаахтар бары толору хааччыллыбыттар, уолаттар ону бигэргэттилэр. Остолобуойга сырыттым, үчүгэйдик аһаталлар эбит. Хамандыырдар уопуттаахтара уонна тиийбит уолаттары үчүгэйдик бэлэмнииргэ кыһаллаллара-мүһэллэллэрэ көстөр», — диэн Ил Дархан санаатын үллэһиннэ.

Ил Дархан байыаннай сулууспалаахтарга баһыылкалары тиксэрдэ. Байыаннай чаас подразделениетыгар рациялары, тепловизордары, похуокка туһаныллар анал оһохтору, канистрдары уонна байыаннай пуормалары эбии биэрдэ.  «Бүгүн сулууспалыырга аналлаах уонна наадалаах тэриллэри биэртэлээтибит. Өскөтүн байыаннай пуорманан хааччыллыылара этэҥҥэ буоллаҕына, байыаннай анал оборудованиеларынан көмөлөһүөхпүтүн наада. Байыаннай чаастары кытта маннык хабааннаах бииргэ үлэлээһин салгыы ыытыллыаҕа, манан эрэ тохтоон хаалыа суоҕа», — диэн Айсен Сергеевич быһаарда.

Айсен Николаев Саха сириттэн тиийбит байыастары кытта кэпсэтэр кэмигэр, быстах хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх көмө оҥоһуллуохтааҕын инниттэн хас биирдиилэрэ  муниципалитеттарга, министиэристибэлэргэ, биэдимистибэлэрэ сыһыарыллыбыттарын туһунан иһитиннэрдэ.

Андрея Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: