Айсен Николаев байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр сырытта
Ил Дархан Айсен Николаев Ленскэй куоракка ааспыт сыл балаҕан ыйыгар мобилизациянан ыҥырыллыбыт байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр сырытта. Байыаһы дьиэтигэр кэргэнэ итиэннэ икки уонна биэс саастаах кыракый оҕолоро кэтэһэллэр.
«Эн кэргэниҥ дойду иннигэр ытык иэһин чиэстээхтик толоро сылдьар, оттон эһиги тапталлаах кэргэҥҥитин уонна аҕаҕытын олус кэтэһэҕит. Биһиги байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр туһугар барытын оҥоробут. Сүрүн сорукпут – кыһалҕаны быһаарыы, араас өрүттээх көмөнү оҥоруу, байыастарбыт тыылларын хааччыйыы буолар», – диэтэ Айсен Николаев.
Байыас кэргэнэ Ил Дархаҥҥа оҕонньоро уоппускаҕа кэлэрин олус кэтэһэрин кэпсээтэ. Кини өйөбүл төлөбүрүн барытын ылбытын эттэ. Байыас дьонугар Ленскэй оройуонун өттүттэн дьиэлэригэр гааһы киллэрэргэ материальнай көмө оҥоһуллубут, ону таһынан социальнай гаастааһын бырагырааматынан субсидия төлөммүт.
«Байыаннай дьайыы кытыылааҕын дьиэ кэргэнигэр араас өйөбүл дьаһаллара олохтоммуттарын иһин махтанабын. Бары төлөбүрдэри, субсидиялары ыллыбыт. Биһиги дьиэбитигэр гаас киирэригэр көмөлөспүккүтүгэр махтанабыт. Бу дьиэҕэ биһиги алтыс сылын олоробут. Ааспыт сыл сэтинньитигэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ буоларбыт быһыытынан, гаас тардан киллэрэргэ көмөлөспүттэрэ. Кэнники кэмҥэ кэргэним сэдэхтик төлөпүөннүүр, атырдьах ыйыгар уоппускаҕа кэлиэхтээх, мин оҕолорбун кытары ону олус кэтэһэбит», – диэн хаһаайка санаатын үллэстэр.
Айсен Николаев Ленскэй оройуонун салалтатыгар бу ыалга уонна атын даҕаны байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин көрдөһүүлэрин уталыппакка толороллоругар, көмөлөһөллөрүгэр соруйда.
Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: