Салгыы
Айсен Николаев: «Байыаннай сулууспаҕа барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүөх тустаахпыт»

Айсен Николаев: «Байыаннай сулууспаҕа барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүөх тустаахпыт»

Ааптар:
21.10.2022, 12:35
Бөлөххө киир:

Байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьоҥҥо дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно бигэ көмүскэллээх сылдьалларыгар эрэллээх буолуу сүдү суолталаах”, — диэн алтынньы 20 күнүгэр ыытыллыбыт “Россия сегодня” кэмпириэнсийэ кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. Кэмпириэнсийэ “Байыаннай хомуур чэрчитинэн барбыттарга өйөбүл: эрэгийиэннэр уопуттара” диэн тиэмэҕэ ыытылынна.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр куруутун түмсүүлээх, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх буолуу көстөр. Хас биирдии байыаннайдаах дьиэ кэргэҥҥэ ордук билигин болҕомто, өйөбүл оҥоһуллуохтаах. Биһиги кинилэри тиһиктээхтик өйүөхпүт. Бу олус улахан суолталаах” — диэн Айсен Сергеевич тоһоҕолоон эттэ.
Ил Дархан Саха сирэ анал байыаннай эпэрээссийэ саҕалана илигиттэн Донбасс дьонун араас хайысхаларга өйөөбүтүн, оттон анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын кэнниттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар, Донбасс олохтоохторугар көмөнү оҥоруу саҕаламмытын туһунан кэпсээтэ. Быстах хомуур саҕаланыаҕыттан бу үлэ күүһүрэн, тиһиктээхтик салҕанар. 

Үлэ үс хайысханан барар. «Бастатан туран, быһаарыыны суһаллык ылыныы. Маҥнайгы ыйааҕым «О мерах поддержки семей военных » балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Онно сэттэ өйөбүл миэрэтэ көрүллүбүтэ. Ол иһигэр 200 тыһыынча солкуобай байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх көмө төлөбүр, оскуолаларга босхо итии аһылыгынан хааччыйыы, оҕо уһуйааннарыгар төлөбүртэн босхолооһун, устудьуоннарга эбии истипиэндьийэ көрүүтэ киирбиттэрэ. Билигин 11 социальнай көмө көрүҥэ үлэлиир», – диэн эттэ Айсен Николаев. Дьону кытта илэ көрсөн билигин туох кыһалҕа тирээбитин билэр улахан көдьүүстээх. Холобур, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүү түмүгүнэн, дьиэлэрин гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх үбүнэн көмө оҥоруу туһунан быһаарыы ылыллыбыта, бу ордук тыа сирин ыалларыгар тыын боппуруос буолар.

Иккиһинэн, дьону кытта кэпсэтиини олохтооһун улахан суолталаах. Байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан уонна хантараак түһэрсэн барбыт дьон кэргэттэрин, ийэлэрин кытта көрсүһүү оҥорон хомуур бэрээдэгин, барбыт дьон кыһалҕаларын, психологическай көмө оҥоруутун, төлөнүөхтээх хамнастарын туһунан сытыы кыһалҕалары ырытыы оҥоһуллубута. Көрсүһүү түмүгүнэн Бырабыыталыстыбаҕа, министиэристибэлэргэ, Байыаннай комиссариакка, улуус баһылыктарыгар туһаайан кэккэ сорудахтар бэриллибиттэрэ, тахсыбыт ыйаах ис хоһооно кэҥэтиллибитэ. Ол курдук көмө оҥоһуллуохтаах дьиэ кэргэттэр испииһэктэригэр Росгвардия, полиция үлэһиттэрэ, баҕа өттүнэн хантараак түһэрсибиттэр дьиэ кэргэттэрэ киирбиттэрэ. Москваҕа СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин иһинэн сүрүннүүр киин оҥоһуллубута – хомуурга барбыттары өйүүргэ, Саха сириттэн тиийбиттэр байыаннай чаастарын төһө кыалларынан кэтээн көрөргө анаан. Киин Кировскай куоракка барар үлэни эмиэ кэтээн көрөр.

Үһүс хайысха – көхтөөхтүк кыттыы. “Саха сиригэр хомуурга түбэспиттэри бэлэмниир байыаннай чаас суох, онон дьоммут сөмөлүөтүнэн атын байыаннай чаастарга ыытыллаллар. Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар байыаннай чааска тиийбиттэрин бигэргэтиигэ уустуктар үөскүүллэр. Бу кинилэр дьиэ кэргэттэригэр төлөбүр оҥорууну уустугурдар” — диир Ил Дархан. Онон былаас толорор уорганнарыгар хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорууга ордук хос ыспыраапканы ирдээбэккэ, дьоҥҥо итэҕэйэн үлэлииллэрин курдук дьаһал тахсыбыта.

Аһымал хамсааһынын тэрийиини Уопсастыбыннай палаата иһинэн үлэлиир сүрүннүүр киин ыытар. Ил Дархан этэринэн, СВО ыытылла турар сирдэригэр баар байыаннай чаастары кытта үлэ тэриллэн эрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: