Айсен Николаев байыас огдооботун кытары көрүстэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайыгар, гражданнары көрүстэ.

Ил Дарханы кытта Саха сириттэн байыас огдообото, элбэх оҕолоох ийэ Евгения Д. көрүстэ. Кини дьиэлэрин тутуутун түмүктүүргэ материальнай көмөнү биэрэргэ көмөлөһөрүгэр көрдөстө. Евгения мобилизацияланан барбыт кэргэнэ балтараа сыл буолан баран байыаннай дьайыыттан уоппускатыгар кэлэ сылдьыбытын уонна дойдутугар соһумардык олохтон туораабытын эттэ.

«Кэргэним уоппускатыгар кэлэ сылдьан олохтон туораабыт буолан, биһиги байыаннай биэдэмистибэттэн төлөбүр ылбатахпыт, киниэхэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин статуһа бэриллибэтэҕэ. Дьиэ кэргэн толору кээмэйинэн да буолбатар, чэпчэтиинэн туһанар, социальнай өйөбүлү ылар бырааптаах. Өрөспүүбүлүкэ өртүттэн үбүнэн-харчынан көмө оҥоһуллубута, ол да буоллар биһиги дьиэни тутан бүтэрэрбитигэр үп-харчы тиийбэт«, — диэн этэр Евгения Д.

Айсен Николаев тутууну түмүктүүргэ наадалааҕынан көмөлөһөргө, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ волонтердар көмөлөрүн тиһиктээхтик тэрийэргэ, «Дьокуускай куорат аҕаларын сэбиэтэ» уопсастыбаннай түмсүү ыкса сибээһи тутарыгар соруйда.

«Өрөспүүбүлүкэ дьоруойдарбыт дьиэ кэргэттэригэр хайаан да көмөлөһөр. Биһиги бары бииргэ наадалаах дьаһаллары ылыахпыт. Бойобуой дьайыы бэтэрээнин статуһун быһаарарга Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин сибээстиир наадалаах», — диэтэ Ил Дархан.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
9
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

48 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago