Айсен Николаев байыастарга квадроцикллары тиксэрдэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Донецкай Өрөспүүбүлүкэтигэр бара сылдьан, байыаннай сулууспалаахтары хааччыйар тирэх пууннарга сырытта. Кини байыастарга өссө төгүл «Сокол» квадроцикллары тиксэрдэ.

Хаартыска: СИА

Айсен Николаев тирэх пууннарга Саха сириттэн сылдьар байыастары кытта көрүстэ. «Байыастар тирэх пууннар үлэлэрин хайгыыллар, Саха сиригэр өйөбүл, көмө иһин махталларын тиэрдэллэр. Биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр байыаннай чаастарга 12 «Сокол» квадроцикллары уонна атын наадалаах маллары тиэртим» диэн кини «телеграм-ханаалыгар» суруйда.

Бу маннык квадроцикллары Дьокуускайга «Якт-Сокол» тэрилтэ оҥорон таһаарар. Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, вице-премьер Юрий Трутнев Саха сиригэр кэлэ сылдьан, бу маннык оҥорон таһаарыыны элбэтэр туһунан эппитэ. Онон өссө 50 квадроциклы оҥорон, тиксэрэр былааннаахтар. Бу көлөлөр суола-ииһэ суох сирдэргэ үчүгэйдик сылдьалларынан табыгастаахтар.

Хаартыска: СИА

Саха сирин Кэлим сүрүннүүр киинин тирэх пууннара 2022 сыл сэтинньитигэр тэриллибиттэрэ. Донецкай Өрөспүүбүлүкэтигэр бойобуой дьайыылар буола турар сирдэриттэн чугас бааллар. Тирэх пууннар анал малларынан хааччыйыынан эрэ дьарыктамматтар, бааһырбыттарга бары өттүнэн көмөлөһөллөр, докумуоннарын оҥорон биэрэллэр.

«Тирэх пууннар үлэһиттэригэр махтаныахпын баҕарабын. уустук усулуобуйаҕа сылдьан, байыастарга туох наадатын барытын тиксэрэллэр, бэриниилээхтик үлэлииллэр«, — диэн Айсен Николаев махтанна.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

6 часов ago