Айсен Николаев: Бастакы уочараттаах сорук – Саха сирин олохтоохторун дохуотун үрдээһинэ
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бөдөҥ инвестбырайыактар дьон олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буолуутугар дьайалларын туһунан rg.ru кэпсээтэ.
Кини онно хоту дойдуга дьон олороругар тупсаҕай усулуобуйаны тэрийэр, дохуоттарын үрдэтэр баҕа санаалааҕын туһунан эттэ.
«Тумус тутуллар соруктарга тохтоотоххо: эдэр көлүөнэбит бэйэтин инники кэскилин көрөр ИТ уонна кинематограбы, анимацияны, муусуканы уонна дизайны салгыы сайыннарыахпыт”, — диэн чопчулаата Айсен Николаев.
Ил Дархан салгыы Арассыыйа Бэрэсидьиэнин күүстээх өйөбүлүнэн Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар сайдар кыахха киирбиттэрин бэлиэтээтэ. Онон бу куораттар маастар-былааннара олоххо киириэҕэ, ол иһигэр Дьокуускайга саахалланар туруктаах дьиэни олоччу суох гыныахтара уонна Нерюнгригэ мэдиссиинэ таһыма үрдүөҕэ.
Ону тэҥэ Өлүөнэ муостатын тутууну ааттаата. Пекиҥҥэ ыытыллыбыт үһүс пуорумҥа дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу муостаны Кытайы Арассыыйа Арктикатын кытта ситимниир тырааныспар баараҕай көрүдүөрүнэн ааттаабытын аҕынна.
Интервьюга салгыы дьадайыыны утары охсуһуу миэрэлэрин туһунан соторутааҕыта Ил Дарханынан талыллан баран ылыммыт стратегическай докумуонун туһунан чопчулаата.
“Экэниэмикэ көрдөрүүлэринэн инники күөҥҥэ сылдьар кыахтаах өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайан олорор дьон суох буолуохтаах дии саныыбын. Ол иһин Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна олохтоох салайыныы уорганнарын иннилэригэр улахан сорук туруорулунна. Бу биэс сыл иһигэр өссө 70 тыһыынча киһини дьадайыы суолуттан таһаарыахтаахпыт. Бу ыйаах киэҥ хабааннаах миэрэлэри көрөр. Онуоха киһиэхэ улахан болҕомто ууруллуохтаах. Дьадайыыны аччатыы дохуоту үрдэтэн, дьон үлэлээх буолуутун хааччыйан, оҕолоох ыаллары өйөөн, материальнай өттүнэн ыарахан балаһыанньаҕа киирбит дьону чопчу өйөөн ситиһиллиэхтээх”, — диэтэ Айсен Николаев бу ыйааҕын туһунан.
Экэниэмикэҕэ сыһыаннаах ыйытыыга Айсен Николаев Саха сирэ инвестиция кыаҕын өттүгэр Уһук Илиҥҥэ үчүгэй көрдөрүүлээҕин бэлиэтээтэ. Ол курдук, ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа инвестиция үүнүүтүнэн уон бастыҥ эрэгийиэн иһигэр киирбит уонна бэйэтин уокуругар бастаабыт.
Кини салгыы Саха сиригэр тумус тутуллар бырайыактарга тохтоон, Күчүстээҕи уонна Алданнааҕы бырамыысыланнас кластердарын бэлиэтээтэ.
Саха сирин арҕаа өттүгэр Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга алмаас бырамыысыланнаһыгар бөдөҥ “Мир-глубокий” руднигы тутуу саҕаламмыт. Ленскэй оройуонугар Новоленскэй ТЭС тутуллуоҕа.
Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин курдук, Саха сирэ ДНӨ Кировскай куоратын кытта бииргэ үлэлэһэрин, онно туох оҥоһуллубутун туһунан ыйытыыга Айсен Николаев Саха сирэ дойду саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэриигэ дьоһун кылаатын киллэрэрин аҕынна.
Кини этэринэн, былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 31 эбийиэги чөлүгэр түһэрбит, бу сыл бүтүөр диэри өссө 28-һы.
“2024 сылга 46 социальнай эбийиэк уочаракка турар, ол иһигэр орто оскуола, хас да дьааһыла-уһуйаан, оҕо айымньытын дьиэтэ, элбэх кыбартыыралаах аҕыс дьиэ”, — диэн кэлэр сыллааҕы былааны кэпсээтэ.
Айсен Сергеевич Кировскайга балтараа сыл ыытыллыбыт үлэ түмүгэр дьон онно тупсаҕайдык олорор буолбута харахха быраҕылларын бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: